сыһ.
1. Киэҥ далааһыннаахтык, улахан кыахтаахтык. ☉ С большим размахом, в больших объёмах
Киэҥник, холлоохтук эргинэр былааннаахпын. И. Гоголев
Куомуммутун холбоон холлоохтук үлэлээтэрбит, Холооно суох хотуулаах буолуо этэ. Р. Баҕатаайыскай
Киэҥ сири тилийэ тардаммыт Холлоохтук охсобут. Н. Босиков
2. Элбэҕи хорутан, кыайан, хоннохтоохтук (хол., айаннаа). ☉ Быстро, споро (напр., идти)
Холлоохтук хардыылаан хааман иһэр ат, төбөтүн хантаччы туттан, кулгаахтарын чөрөҥнөтө хамсатан, сэргэхтик туттара. В. Протодьяконов
Якутский → Якутский
холлоохтук
холлоох
I
даҕ.
1. Улахан кыахтаах, кыайыгас. ☉ Способный на многое, с большими возможностями, производительный
Урукку орто отчут Ол күнтэн уларыйбыта, Хотуулаах холлоох бастыҥ Охсооччу аатырбыта. И. Гоголев
Дьикти массыына сүүс гектар сири биирдэ эргийэн ылар. «Дьэ, көр бу холлоох массыына...» — диир саҥа иһиллэр. В. Ойуурускай
Холлоох, мындыр кыдамаһыт. Н. Рыкунов
△ Киэҥ далааһыннаах (үлэ). ☉ Имеющий большой размах (напр., о работе)
Холлоох үлэ тэтимин Эбэн биэрэр туһугар, Куотуһууга бастыыр иһин Элбэх киһи турунар. Күннүк Уурастыырап
Чахчы холлоох үлэ ыытыллыбыт даамбата буолан биэрдэ. «Кыым»
Сайын устатынааҕы биир күннээҕи орто көрдөрүүм, орто оҥорон таһаарыым диэтэххэ, дьэ холлоох үлэ буолбаат? «ХС»
2. Туохха эмэ холоонноох, сөптөөх, дьүөрэлээх. ☉ Правомерный, резонный, имеющий основание, соответствующий
[Баллайах:] Аҕа уустара арахсан тустуспа бараары, бэйэ-бэйэлэригэр өйөһөн уоттаабыттар диэххэ эмиэ холлоох буолуо этэ. Амма Аччыгыйа
Куомун Силип этиитэ — Холлооҕунан холлоох суол: Хобороонньо тыллаһыыта — Холуобунай аҥаардаах. Күннүк Уурастыырап
♦ Холлоох хоппот — дэбигис кыайтарбат, элбэх үлэни эрэйэр. ☉ Требующий много труда, больших усилий
Холлоох хоппот ото үүнэн эрэр үһү. Болот Боотур
Дьадаҥылар иэһи төлөөмүнэ, холлоох хоппот хойуу дьыалата киирдэ. М. Доҕордуурап
II
даҕ. Ыраах баар, сытар. ☉ Далёкий, дальний, отдалённый. Холлоох айан
□ [Рудник начаалынньыга] хотой да буолан, хонноҕор-быттыгар хорҕолдьуну хорҕоппут холлоох ыраах хоту дойдуга кэллэҕэ. С. Федотов. Хотоҕойдоох аймаҕын Холлоох сиргэ хааллараннар Көр ол — диирэ халлааҥҥа Айанныыллар аргыстар. Тува т.
Якутский → Русский
холлоох
холлоох үлэһит человек, работающий физически много и производительно; холлоох сир земля, территория, на которой есть где развернуться, есть где и к чему приложить руки.
Еще переводы: