несов. безл., разг. мүлүтүү, мүлүтэн бар; начинает холодать халлаан мүлүтэн эрэр, халлаан тымныйан эрэр.
Русский → Якутский
холодать
Еще переводы:
аргыардан (Якутский → Якутский)
туохт. Тымныы салгыннаах буол, тымный. ☉ Веять, тянуть холодом, холодать. Хоно сытар үүтээммит сарсыарданан аргыарданна
тымный= (Якутский → Русский)
1) холодеть, холодать; таһырдьа тымныйбыт на улице похолодало; киэһэнэн тымныйда к вечеру стало холодно; 2) холодеть (об умирающем человеке); 3) простужаться (заболевать) # иһим тымныйар я в гневе (букв. у меня внутри холодеет).
тоҥоттоо (Якутский → Якутский)
туохт. Тоҥот буол. ☉ Покрываться ледяной коркой, настом
Түүн тоҥорор. Өнньүөрбүт хаар тоҥоттуур. И. Данилов
△ Саас ириэрэн баран, өр тоҥор, тымный, тыалыр. ☉ Холодать долгое время после весенней оттепели
Кус кэлиитин үгэнин саҕана эрэ тоҥоттоон турбут саас эмискэ итийэн барбыта. Н. Заболоцкай
Муус устар тоҥоттуур, хатыыр. Баал Хабырыыс
дьэбидий (Якутский → Якутский)
- көр дьэбиннир
- Хас уон сылы мэлдьи дьэбидийбит, кыа хааны иҥэрбит сыабы төлүтэ мөҥөн турар күн кэлиэ. Күндэ
Үгүс хайа боруодатыгар тимир баар, ол тимир суураллыы түмүгэр, күн уота көрөн, үөһэ тахсан дьэбидийэр. ДНА СХБКК - көр дьэбиннир
3
Арҕаа халлааҥҥа, кытара ууллубут чугуун курдук, күн кытара дьэбидийэн, мэлбэйдэ-мэлбэйбитинэн олоро түһэн эрэр эбит. П. Ойуунускай
Орудиелар ньиргиэрдэрин кытта тэҥҥэ ситинник өһөҕүрэ дьэбидийбит саҕах арылла түспүтэ. Софр. Данилов - көсп. Сөбүлээбэккэ, кыыһыран, ыар санааҕа баттатан күлүгүр, тыйыһыр (киһи сирэйин туһунан); кытаат, тимир-тамыр көрүҥнэн, тымный (куолас, харах). ☉ Темнеть, мрачнеть, каменеть, стать суровым, твердым, холодным (о лице, голосе, взгляде), стекленеть (о глазах)
Уулаах Атах ороҥҥо Саһааннаах олорорун көрөн, хаана-сиинэ дьэбидийэ түстэ. Эрилик Эристиин
Абыраамап, суоһуран, …… тимир-тамыр көрдөҕүнэ, дьэбидийбит куоластаннаҕына, Маппыр торуттар, сүрүн-кутун баттатар. Л. Попов
Үөрэн дьиримнэспит харахтарын уота-күөһэ умуллан, тымныйан, дьэбидийэн кэллилэр. Софр. Данилов
△ Кытаанах, тыйыс хааннаах, ыарахан майгылаах буол. ☉ Иметь суровый, непреклонный, упрямый, тяжелый характер
Айдар - дьэбидийэн түһэн, кытаанах киһи. Н. Лугинов
△ Тымныы тыыннан, тымный, киһи кутасүрэ тохтообот буол. ☉ Холодать; становиться неуютным, необжитым (напр., о заброшенном жилье)
Халлаан күнтүүн дьэбидийэн, уорастыйан испитэ. Далан
Бэһиэлэйэптэр …… балаҕаннара аһаҕас түннүктэринэн одуулаһан дьэбидийэн турар. Амма Аччыгыйа
тымный (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Уруккугунааҕар тымныы буол, тымныы буолан бар (хол., салгыны этэргэ). ☉ Холодать, становиться холоднее (напр., о воздухе)
Халлаан тымныйан от-мас хагдарыйан эрэрэ. Софр. Данилов
Ычча-оо... Халлааммыт тымныйдаҕа баҕас тугун сүрэй! Н. Якутскай
Түүнүн сүрдээхтик тымныйар, Чалбах тоҥор килэччи. Баал Хабырыыс
△ Итиитэ суох буол, сой, сөрүүдүй (хол., оһоҕу этэргэ). ☉ Остывать, охлаждаться (напр., о печи)
Оттон Дьаакып оҕонньор — Оһоҕун суоһа тымныйан, Олоҕун баарда салыйан, Улам ахсаан испитэ. Күннүк Уурастыырап
Уһугун, Утуйаан, Күн ойдо, чаас барда, Ас бары тымныйда. С. Данилов
Баанньыкка киирдэ. Паар бараныа, уу тымныйыа диэн, Сыгынньахтана охсон сылбырҕаланан кээстэ. Р. Баҕатаайыскай
2. Сылааскын сүтэр, сой, кытаат (өлүк туһунан). ☉ Остывать, коченеть (о трупе)
Баран тутан көөртө — хайыы-үйэҕэ тымныйан хаалбыт этэ. Суорун Омоллоон
Нүксүгүр санна нөрүс гынан доҕорун тымныйбыт сүүһүттэн убураата. И. Гоголев
Күн сирин көрдөрбүт төрөппүтүн илиитин имэрийэ тутан туран, төбөтө босхо барбытын, улам тымныйан эрэрин биллэ да, өлбүтүн итэҕэйбэккэ, хамсаабакка турда. Т. Находкина
3. Тымныыга сылдьан тоҥон ыарый. ☉ Простужаться
[Ийэлэрэ:] Хахха сиргэ оонньоомоҥ. Аны тымныйыаххыт, сииккэ оҕустарыаххыт. Багдарыын Сүлбэ
Ичигэстик таҥна сырыт, баҕар, тымныйан, ыалдьан хаалыаҥ. Дьүөгэ Ааныстыырап
Биирдэ Ганя үрэххэ муҥхалыы сылдьан, оҥочону түөрэ үктээн, тымныы ууга түһэн, улаханнык тымныйбыта. Күрүлгэн
4. көсп. Кимиэхэ, туохха эмэ интэриэскин сүтэр, кэрэхсээбэт буол. ☉ Охладеть, потерять интерес к кому-чему-л.
Маайыс, соһуйан сэргэхсийэ түспүт саһархай харахтара эмиэ тымныйан, хойуу кыламаннарын кэтэҕэр кирийэ оҕустулар. Амма Аччыгыйа
[Түөтэ Сима:] Хотуой, киһиҥ баҕар, быстахостох санаалаах буолаарай? Тыынын таһаара түһэн баран, тымныйан хаалыа. И. Семёнов
Бэлэхтэрин-туһахтарын ылан бараннар, сарсыныгар-өйүүнүгэр сыһыаннара биллэ тымныйар. У. Ойуур
♦ Иһэ тымныйар — кыыһыр, кыйахан. ☉ Испытывать гнев, ярость (букв. живот его холодеет)
Оҕонньор ону санаатаҕына өйө-санаата оонньуур, иһэ тымныйар, үллэр. П. Ойуунускай
Никешин киниттэн атын үлэһит, инженер биитэр мэхээнньик чорбойдор эрэ, күнүүлээн иһэ тымныйар үгэстээҕэ. Н. Якутскай
Сампара ону көрө-көрө иһэ тымныйар да, тугу да саҥарбат. П. Ламутскай (тылб.). Тыына тымныйда кэпс. — өллө. ☉ Умереть (букв. дыхание остыло)
[Ол курдук] Тыһыынчанан суол омук Тыына тымныйбыта баар үһү. Өксөкүлээх Өлөксөй
Туналҕаннаах ньуурдардаах Туйаарыма Куо чыычаах Итии тыына тымныйда, Ийэ кута былдьанна. Суорун Омоллоон
хатаа (Якутский → Якутский)
I
туохт.
1. Тугу эмэ аһыллыбат гына сап (хол., күлүүстээн, олуурдаан). ☉ Закрывать, запирать что-л. (на замок, крючок)
Сып-сап таҥнан, кыбартыыратын хатаан, аллара түстэ. Е. Неймохов
Уордаахап киирээт, хап-сабар ааны хатаан кэбиспитэ. П. Степанов
«Тохтоо эрэ, бииргэ киириэх», — диэтэ Тимофей Нилыч массыынатын хатаан, күлүүһүн тылын сиэбигэр укта-укта. П. Аввакумов
2. Тугу эмэ туохха эмэ, батары саайан эбэтэр иҥиннэрэн түспэт гына иил, оҥор. ☉ Прибивать, вбивать что-л., прицеплять что-л. к чему-л., вонзать что-л. во что-л. Мойот кураанах күөгүтүгэр мэҥиэ хатыы олорон ойоҕоһугар кыра күлүүнү иһиттэ. Т. Сметанин
Сүгэтин аһыытынан маска хатаата. Сэмээр Баһылай
Эн аҕаҥ борбуйун иҥиирин быһа ыппыт оноҕоһун ити тииккэ хатаан хаалларбыта. В. Титов
♦ Болҕомтоҕун хатаа — болҕомтоҕун уур 1 диэн курдук (көр болҕомто)
Туох баар болҕомтотун үрүҥ маайкалаах эдэркээн уолга хатаата. Н. Лугинов
Витя болҕомтотун хатаабыт көтөрүн диэки Куонаан көрөн ылла. Н. Заболоцкай
Долоҕойгор тохтот (тут, хатаа) көр долоҕой. Үһүстээн да кэргэннэнэн табыллар биллибэт диэн Саша долоҕойугар хатаабыта. «ХС»
Мэйиигэр хатаа көр мэйии. Киэһэ мунньахха бараргын умнума, мэйиигэр хатаан кэбис. Өйгөр хатаа көр өй. Наһаар Наһаарабыс ити түбэлтэни умнубаттыы өйүгэр хатаабыта. Е. Неймохов
Киһи оҕо, эдэр эрдэҕинэ билбитин, өйдөөбүтүн үйэтин тухары саныы сылдьар, отойун умнубат. Өйүгэр хатыырдыы хатыыр. ИМС ОС
Аҕатын ити тылларын уол өйүгэр кытаанахтык хатаабыта. Дьиэ к. Санааҕын (санааҕар) хатаа — тугу эмэ бэлиэтии көр, өйдөө. ☉ Запомнить что-л., обратить внимание на что-л. Эппит тылбын Эккэр иҥэр, Саҥарбыт саҥабын Санааҕар хатаа. П. Ойуунускай
Гаврил Михайлович хайаан да бииргэ эмэ [сылгыга] санаатын хатаабыт буолуохтаах. «ХС». Сүрэххэр хатаа — өйгөр-санааҕар илдьэ сырыт. ☉ Сохранить в сердце, в памяти, запомнить
Кинилэр кэриэстэрин …… сүрэхпитигэр хатаан өйдүү сылдьыаҕыҥ! Амма Аччыгыйа
Эйэлээх хараххын Сүрэхпэр хатыаҕым. Күннүк Уурастыырап
Төбөҕөр ха- таа — өйгөр хатаа диэн курдук (көр өй). Эн ити сүбэни эмиэ төбөҕөр кытаанахтык хатаа. И. Федосеев
Уу, быданнааҕы да суолу киһи өйө төбөтүгэр хатаан сылдьар буолар эбит. «ХС». Хаппаргар хатаа — умнубат гына, кистэлэҥ санаа оҥостон илдьэ сырыт, өйгөр тут. ☉ Хорошо, надолго запомнить, сохранить в памяти (что-л. тайное)
Мэркииттэр хайа эрэ баайы-дуолу мунньунардыы, кыра да хом санааны хаһаанан, хаппардарыгар хатаан иһэллэр. Н. Лугинов. Кини кэрэ мөссүөнүн Сүрэхпэр сөҥөрдөбүн, Хаппарбар хатыыбын
эвен. фольк. Хаппыккар хатаа кэпс. — 1) ким да көрбөт, булбат гына кистээ. ☉ Тщательно прятать, хранить, скрывать что-л. (подальше от чужих глаз)
Дьэ, харчытын ыллар эрэ, дьахтар дьахтара өтөн, хаппыкка хатыа этэ... Миигиттэн кистиэ... А. Чехов (тылб.); 2) туох эмэ кистэлэҥи кимиэхэ да кэпсээмэ. ☉ Сохранить в тайне
Эн итини миигиттэн эрэ иһиттиҥ, таскар таһаарбакка, хаппыккар хатаан кэбис. «ХС». Хараҕын уотун хатаабыт — туохха эмэ ымсыыра санаабыт. ☉ соотв. положить глаз на что-л. Манчаары хабыр, эдэр сааһыгар хараҕын уотун хатаабыт баайдарын тэлгэһэлэригэр маҥан атынан ойутан киирэрэ. И. Гоголев
Үрдүк маска айыы да, абааһы да Харахтарын уотун хатыыллар. И. Гоголев
Хаарыаннаах хара тааска Харах уотун хатаабыт. Эллэй. Хараххын хатаа кэпс. — 1) тугу эмэ көрөн өйдөөн хаал, бэлиэтии көр. ☉ Окинуть взором, задержать взгляд
Нартаахап хараҥаҕа биллэ-биллибэттик туртайар Леся сирэйигэр тиһэх төгүл хараҕын хатаан баран, аппа диэки хаампыта. Софр. Данилов
Кэлэ-бара биригэдьиирдээх Наастаҕа үөннээх хараҕын хатаан ааһар. С. Федотов
Сэмэнчик ол дьиэлэргэ хараҕын хатаата. «ХС»; 2) кимиэхэ, туохха эмэ ымсыыра санаа, кими, тугу эмэ сөбүлүү көр. ☉ соотв. положить глаз на кого-что-л.
Волостной Туман кини атыгар хараҕын хатаабытын көхсүтүнэн туран бүтэйдии эмиэ сэрэйбитэ. Ойуку
Бэрдин, үчүгэйин билэн, тойон бэйэлээх киниэхэ хараҕын хатаатаҕа. У. Ойуур
Бэйэтин саастыыта олус үчүгэй кыыска Дьорҕоот хараҕын хатаабыта. «Чолбон»
Эдэр учуутал кырасыабай дьахтарга хараҕын хатаабыта. ПНИ АДХ
◊ Тыҥыраххын (тыҥыраххынан, тыҥыраххар) хатаа кэпс. — тугу эмэ тут, туохтан эмэ тутус. ☉ Зацепиться, схватиться за что-л. Суол ортотугар хаххан кинини утары көрөн, биилкэ курдук тыҥыраҕын өлбүт кукаакы үрдүгэр хатаан олорор эбит. Е. Макаров
Тиистэригэр ытыран, тыҥырахтарыгар хатаан баран, оҕо-уруу туһугар ытыы-ытыы, соһулла сылдьыахтара. Н. Борисов
ср. тюрк., монг. када ‘вбивать, втыкать, прикрепить’
II
туохт. Саас ириэрэн, итийэн иһэн эмискэ тымный, тыалыр. ☉ Наступать (о весенних заморозках), похолодать
Быйыл эмиэ муус устар эргэтигэр, ыам ыйын саҥатыгар хатаан турда. И. Гоголев
Халлаан хатаабыта ааһан, үс-түөрт хонуктан бэттэх күндьыл итийэн, сир-дойду сыттанан барда. И. Сосин
Халлаан хатаан турар. Төһө даҕаны сылаас саас кэлэрэ чугаһаабыта биллибитин иһин, ситэ итийбэт. И. Никифоров
◊ Харанан хатаа — хаар ууллубутун кэннэ тоҥор (сааскы халлаан туһунан). ☉ Морозить, холодать по весне после того, как снег растаял
Быйыл хаар халыҥ дьыла, сир сиигириэ ахан, саас эрэ тиийэн харанан хатаабатар ханнык. У. Нуолур