холон I диэнтэн хай
аата. Үгэс курдук «суох» диэн харда сымыйалыырга холонуу буолбатах, саха киһитэ айылҕаттан анаппыт сэмэйин туоһулуур тыл буолар, дьэ ити эрэ кэнниттэн икки өттүттэн уос өһүллүөхтээх. И. Никифоров. Бу икки туомнаах хомуурунньук Эрилик Эристиин айымньыларын толору соҕус таһаарарга холонуу буолар. Н. Тобуруокап
Скульптураҕа саха маҥнайгы холонуутунан талахтан кыһан оҥоһуллубут талах ынах оонньуурдар буолуохтарын сөп. АЭ СТМО
Якутский → Якутский
холонуу
холон
I
1.
холоо 1 диэнтэн атын. туһ. Киһиэхэ — төрөөбүт дойдута Төрөппүт аҕаҕа холонор; Тоҥорон, буһаран, эрчитэн, Ньыгыл укулаат оҥорор. С. Данилов
Дьоллоох киһиэхэ оччоҕо холонорум эбитэ дуу, суоҕа дуу — билбэтим, …… олус бэйэбинэн астыммыт, көҥүл көччүйбүт оҕочоос этим. Н. Габышев. Сибэккигэ эдэр саас холонор, Сибэккигэ кэрэ кыыс тэҥнэнэр… С. Васильев
2. Туохха эмэ бэйэҕин боруобалан. ☉ Пробовать, испытывать себя в чём-л.
Киэһэ пааркаттан төннөн иһэн Артур Сардаананы уураары өссө биирдэ холонон эрдэҕинэ, иэдэстэрэ эмискэ уот аһыйа түспүттэрэ. В. Протодьяконов
Эдэрдэр күүстэрин холоноллор, атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, ат сүүрдэллэр. И. Данилов
Билигин, олоҕу олорбохтоһон баран эттэххэ, маннык: киһи бэйэтинэн араас суолга хайаан да холонон көрөрө наада. «ХС»
II
туохт. Илиилэргин үөһэ диэки уунуоххунан уун. ☉ Простирать, тянуть руки как можно выше, вытягиваться, тянуться вверх
Мин эһэ холонор баҕайыта диэни истэн турардаахпын. Далан
Өймөкөөн дьоно, биһи дьолломмут, Үөрүү, көр аргыстаммыт олохпутун Өндүл халлааҥҥа өрө холоммут Үөрбэ хайа даҕаны туоһулуохтун. А. Абаҕыыныскай. Эһэ быһаҕаһыгар диэри өрө холоноот, тыы үрдүгэр биллэҕэ түһэн эрэрэ да, соҕотохто тыы түҥнэстэн, Дьэкиим ууга түһэн, сырдык-хараҥа буолар. Түһүлгэҕэ т.
Якутский → Русский
холон=
возвр.-страд. от холоо= определяться, быть определённым (приблизительно); бу от уон тоннаҕа холонор в этом стоге примерно десять тонн; ср. холуйулун=.
Еще переводы: