прил
1. Сулумах (один), кэргэннэммэтэх (не оженившийся). 2. Холостой заряд, выстрел - аҥардас буораҕынан иитии, ытыы (доруобунньуга, буулдьата суох)
Русский → Якутский
холостой
холостой
прил. 1. (неженатый) сулумах, ойоҕо суох, соҕотох; холостой человек сулумах киһи; 2. см. холостяцкий; 3. тех. сулумах, туһата суох; холостой ход сулумах хаамыы; 4. с.х. (холощёный) аттаммыт, ат; кытарах; холостой бык ат оҕус; 5. воен. кураанах; холостые патроны кураанах ботуруоннар.
Еще переводы:
холостуой (Якутский → Русский)
1) холостой II холостяк; холостуой киһи холостой человек; кини холостуой он холостяк; 2) безрезультатный, пустой; холостуой сырыы безрезультатная поездка # холостуой ытыы холостой выстрел.
субан (Якутский → Русский)
- холостой, холостяк;
- яловый, не дойный (скот).
Примеры:
субан (или субан барбыт ) уолаттар холостые (не женящиеся) парни.
субан (суман ) туруйа - вольный (холостой) журавль
(источник: "Словарь якутского языка" Пекарского)
сулумах (Якутский → Русский)
1) одинокий; холостой; сулумах киһи холостой человек, холостяк; 2) перен. голый; сулумах тиит одиночное дерево с обрубленными ветвями; сулумах таастар голые камни; 3) перен. разг. незапряжённый, неосёдланный (о лошади); ненагруженный; не имеющий ноши, идущий налегке # сулумах ийэ мать-одиночка.
аҥардас (Якутский → Русский)
- лишь, только лишь; сплошь || сплошной; аһылыга аҥардас эт его еда — одно лишь мясо; 2. одинокий, холостой; одинокая, незамужняя; аҥардас дьахтар одинокая женщина.
холостуой (Якутский → Якутский)
- даҕ., кэпс.
- Кэргэнэ суох, сулумах. ☉ Неженатый, холостой; незамужняя. Атаһым Баһылай саас ортолоох, билиҥҥэ диэри холостуой
□ Хос иһигэр холостуой киһи ороно, кинигэлээх улахан ыскаап турар. Суорун Омоллоон - Халтай, туох да туһата суох. ☉ Безрезультатный, пустой, не приносящий пользы. Ханнык баҕарар үлэҕэ тиэхиньикэ холостуой сырыытын аччаттахха үлэ оҥорумтуота үрдүүр. ОҮM
- аат суолт., кэпс. Кэргэнэ суох, сулумах киһи. ☉ Холостяк, холостячка
Бөһүөлэккэ тиийэн кэллилэр, холостуойдар уопсайдарын иннигэр тохтоотулар. М. Попов
аҥаардам (Якутский → Якутский)
- аат.
- Кэргэнэ суох соҕотох киһи. ☉ Холостой, одинокий человек
Аҥаардам буолан баран хайыах хыный, кимиҥ эйиэхэ кэлэн көмөлөһөн, иитэн-аһатан биэриэй. С. Ефремов
△ Кэргэнэ арахсыбыт эбэтэр өлбүт дьах тар эбэтэр эр киһи. ☉ Вдова; вдовец
Мин курдук дьахтары аҥаардам хаал ларда, тыыннаах огдообо оҥордо эн тойонуҥ, Луха хара сордоох. Л. Попов. Тэҥн. аҥаардас - эргэр. Туох эмэ (өрүс, хочо) кэлтэй биир өттүнэн барар, айанныыр суол. ☉ Путь по одной стороне (реки, долины).
2
даҕ. суолт., көр аҥаардас II. Аҥаардам ийэ оҕотун иитэригэр урукку кэргэниттэн көмөнү ылар. «Кыым»
Аҥаардам саллаат олоҕор Аан дойдуга доҕоро суох! Кимниин биир тылы кэпсэтиэй? Н. Некрасов (тылб.)
туруорбах (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Туруору кэккэлэтиллибит мас эркиннээх (хол., дьиэ, балаҕан). ☉ Имеющий стены из наклонно поставленных брёвен (напр., о доме, юрте)
Сүүнэ улахан туруорбах хотон ыраахтан саһаран көстөр. Г. Колесов
Сахалары кытта эҥээрдэһэн Туруорбах үүтээн туттубуттар. А. Бэрияк
2. кэпс. Сулумах, иитимньитэ суох, соҕотох. ☉ Одинокий, холостой, без иждивенцев
Туруорбах дьахтары холкуоска ылаҕыт дуо? А. Сыромятникова
◊ Туруорбах <туруору> балаҕан көр балаҕан
Урут хамначчыттар олорбут туруорбах балаҕаннара иччитэх турара. Н. Якутскай
Биир сарсыарда туруорбах балаҕаммыт дуомугар чэй иһэ олордубут. И. Федосеев
Саах сыбахтаах Саха туруорбах балаҕана Оҥкучах алаас үрдүгэр Унаар буруону субуйда. С. Васильев
Туруорбах дьиэ көр дьиэ I. Доромооннох диэн киһи кыра соҕус туруорбах дьиэтэ ип-ичигэс. Күндэ
сулумах (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Туга да суох аҥаардас бэйэтинэн эрэ; кураанах; сыгынньах. ☉ Пустой (без ничего); голый (лишённый чего-л.)
Бу сарсыарда туран үүтэ суох сулумах хара чэйи испитэ. Н. Якутскай
Үөһэттэн сулумах тииттэр өҥөйөн тураллар. Н. Габышев
[Өлбүт] оҕото сулумах матараас үрдүгэр маҥан бырастыынанан саба тардыллан, бу наскыйа сытаахтыыр эбит. В. Яковлев
Соччо улахана суох, сулумах соҕус кэбиниэт. «Кыым»
2. Туох да таһаҕаһа эбэтэр боҕуута суох. ☉ Передвигающийся, идущий без поклажи, без груза, налегке
«Көрбөккүн дуо, [борохуоттар] сулумах иһэр буолбаттар дуо?» — диир Гудзинскай. Н. Якутскай
Ол эн, сулумах киһи, ыркый ойуурдарынан, үрэх сөкүлэринэн быһыта көттөҕүҥ дии. Амма Аччыгыйа
Тэлиэгэ аттаах, таһаҕастаах уонна сулумах дьон борохуот кэлэрин көһүтэллэр. Д. Таас
△ Көлүллүбэтэх, ыҥыырдамматах (ат, оҕус). ☉ Неосёдланный, незапряжённый (о коне, быке)
Наҕылтан уон аты сулумах сиэтэн кэллилэр. Амма Аччыгыйа
Түөрт миинэр табалаахпын. Биир табам сулумах. И. Гоголев
Табаарыстар, хайа бу диэки сулумах оҕус иһэр. ХКК
3. Дьиэтэ-уота, оҕото-уруута суох соҕотох. ☉ Неженатый (незамужняя), холостой (холостая)
Сэрбэкэ кэргэнэ суох сулумах сылдьар киһи. И. Гоголев
Биэс этээс тухары холостуой, сахалыы тупсаран эттэххэ, улаҕаҕа уктар, ойоҕоско олордор ойох-доҕор диэнэ суох уу сулумах эр дьон симиллэн олорор дьиэлэрэ этэ. Э. Соколов
Сүөһүтэ суох, сулумах дьахтар Саакырыма Өлөксөөндөрө диэн баар. Н. Павлов
△ Аҥаардас, соҕотох. ☉ Одинокий, одиночный
Иннигэр ыыппыт сулумах хайыһара …… супту сурулаан иһэн, бөлкөй талах сүгэн турар хаарын көҥү көтөн ааһаат, умса хойуостанан сытар эбит. Амма Аччыгыйа
Хонуу ортотугар сулумах мас, Холорук мускуйан хоҥкуйа үүнэр. Эллэй
Кыһыҥҥы сулумах кубаҕай күн былыттан кылбайан таҕыста. Н. Габышев
4. көсп. Эбиитэ, киэргэтиитэ суох бэйэтинэн эрэ бэриллэр, судургу. ☉ Бедный, скудный (напр., о литературе); голый (напр., о схеме)
Уус-уран өттүнэн сулумах соҕус эрээри, поэма ыччат оччотооҕу тыын боппуруоһун таарыйта. «ХС»
Тус бэйэтигэр эрэ бэлиэ майгыта суох герой тыыннаах киһи буолан көстүбэт, сулумах схемаҕа кубулуйар. ВГМ НСПТ
«Тогойкин прототиба — Терёшкин» диэн ааттаан эрэ кэбиһии олус сулумах, судургу, туһата да кыра. «ХС»
◊ Сулумах ох (кустук) көр ох
Даҕанча тайахха ыкса кэлэн баран саамай сууһарыылаах сулумах кустугун ылан, сүрэҕин туһа манан буолаарай диэн баран ыппыта. Далан
[Хотойдор] сулумах ох чуураадыйар суһалынааҕар уонунан ордук түргэнник көтөн күпсүйэн испиттэрэ. Д. Апросимов
эр (Якутский → Якутский)
I
аат.
1. Дьахтар кэргэнэ. ☉ Муж, супруг. Хотуой, Кылааннаах Кыыс Ньургун, эн аналлаах эриҥ Дьулуруйар Ньургун Боотур бу турар — маны сөбүлүүгүн дуо? Ньургун Боотур
Маайа эригэр …… утары саҥаран ботугуруур. Амма Аччыгыйа
Кырдьык, анараа кыыс кырдьаҕас эриттэн куотан кэлэн сырыттаҕа дуу? Н. Заболоцкай
2. Хорсун-хоодуот киһи. ☉ Мужественный, смелый человек, мужчина, храбрец
Эр сүрэҕинэн, эһэ тыҥыраҕынан (өс хоһ.). Оччоҕо мин хоһуун булчут эр Бу тайҕа киэҥ иэнин кэмниирим. С. Данилов
Өлбүт-өспүт эрдэр, Үтүө ааккыт сүппэт. Эллэй
♦ Оҕо (эр киһи) санаата (сүрэҕэ) тааска көр таас I
Эр дьон төһө да бырааттыы буолбуттарын иһин сүрэхтэрэ тааска буоллаҕа дии, онон өй-санаа туспа, суол-иис туспа буолтун кэннэ арахсар да баар буолуо, өстөһөр да баар буолуо. П. Ойуунускай
Эр антах бар — аан антах бар (түс) диэн курдук (көр антах). Көр эрэ маны, хамнастарын быстарбыттарыттан син эйиэхэ тиксиэ суоҕа. Эр антах баран истэхтэрэй. Айысхаана. Эр бэрдэ — уһулуччу хорсун, сытыы-хотуу, талыы үчүгэй киһи. ☉ Смельчак, храбрец, удалец, добрый молодец
Эрбэх саҕа эрээри, эр бэрдин тутар үһү (тааб.: төҥүргэс). Икки эр бэрдин куоракка ыыппыттара аара бандьыыттарга түбэспит сурахтара иһилиннэ. Амма Аччыгыйа
Чэ, эһиги бачча эр бэртэрэ киирэн сылгыны дэлби үүрэн таһаарымына олоруҥ! Суорун Омоллоон
Эр бэрдэ хараҕын кырыытынан Эргим-ургум көрүтэлээтэ. С. Васильев
Эр дьон холумтаннарыгар үктэннэримэ көр дьон. Ийэтэ Андрейката ол [үлэҕэ] кэпсэтиитин дьонтон истэн баран, киэһэ уолугар кыыһыран көрбүтэ да, аҕалара туох иһин эр дьон холумтаннарыгар үктэннэрбэтэҕэ: «Эдэр киһи сөбүлүүр үлэтигэр сырыттын. Оҕом саамай сөпкө гыммыт». «Кыым»
Эр киһи элээмэтэ көр элээмэ. Ханныгын да иһин эр киһи элээмэтэ буоллаҕым. НАГ ЯРФС II. Эр санааны ылын — күүстээх, хорсун санаалан. ☉ Набраться мужества, смелости
Эмискэ Өлөксөй кыатанна, Эр санаатын ылынна. С. Васильев
Онтон эр санаатын ылынан, дириҥник үөһэ тыынна. С. Никифоров. Эр сүрэхтээх — туохтан да куттаммат, толлубат, хорсун. ☉ Мужественный, смелый (букв. с мужественным сердцем)
Сымнаҕас майгылаах дьон ордук эр сүрэхтээх буолаллар. Амма Аччыгыйа
Итини барытын эр сүрэхтээх, эрчим санаалаах эрдэ турар киһим көрөн, көмүскэтин иччитин күндүлүүр, күүстээх түөһүнэн толору көҥүллүк тыынар. Суорун Омоллоон
Эр сэнэҕим эһиннэ көр сэнэх. Дьааҥы уһулу ойон тахсыбыт хайатын дабайа сатаан эр сэнэҕэ эһиннэ. С. Федотов
Эрэй бөҕөнү көрөн, эр сэнэхпит эстэн, санаабыт сирбитигэр дьэ тиийдибит. И. Данилов. Эр тиэтэлинэн түөлбэ. — олус түргэнник, ыксалынан. ☉ Очень быстро, споро
Витя, бүгүн оҕонньору күнүскү омурҕаныгар баттаһыам диэн, эр тиэтэлинэн кэлбитэ. Н. Заболоцкай
Ойоҕуҥ бу эйиэхэ сурук ыыппыта уонна эр тиэтэлинэн кэллин диэн илдьиттээбитэ. Нэртэ. Эр хаанын киллэрэн (ылынан) — харса суох быһыыланан, хорсуннук сананан, кытаанахтык сорунан. ☉ Взяв на себя смелость, решившись на что-л., осмелившись
Эр хаанын ылынан, олбуор иһигэр көтөн түстэ. Д. Таас
Доҕоттоор, эр хааҥҥытын киллэриҥ! И. Сосин
Туурап Ньукулай …… Эр хаанын киллэрэн, Иккиһин ыйытта. Р. Баҕатаайыскай. Эр ыл — 1) тугу эмэ оҥороругар туохтан эмэ санаата күүһүрэн, тэптэн. ☉ Набраться смелости, храбрости
Хара бытыктаах Миичэкэ диир киһилэрэ аҕабар өссө чугаһаата, эр ыллаҕа. А. Сыромятникова
Оҕолор, сонуннарын дьонноро сэргээбиттэриттэн эр ылан, илин былдьаһабылдьаһа, кэпсээн ыһан-тоҕон бардылар. НС ОК
Арыпыана, киһитэ тута кыыһырбытын биллэрбэтэҕиттэн, саҥарбатыттан эр ылан, ордук лаппыйан этэн иһэр. «Чолбон»; 2) эрдийэн, куттаммакка, харса суоххар түһэн. ☉ Обнаглеть, распоясаться
Куттанымаҥ, дьик-дьах буоллахха, ат эр ылааччы. Ыл, миинэн кэбис. Далан
Кыыллара арахсыбат. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. «ХС»
◊ Бэргэһэлээх ойох (эр) көр бэргэһэлээх
[Даайыс:] Аны бэргэһэлээх сокуоннай эрдээхпин. А. Софронов
Бэргэһэлээх эриттэн аны чаҕыйар-куттанар буолан хаалбыт. А. Сыромятникова. Эргэ бар (таҕыс) — эр киһиэхэ ойох таҕыс. ☉ Выходить замуж
Мин эһиэхэ барарбар аҕам кыыһыра хаалбыта. Эн эргэ бараары эр була бардыҥ диэбитэ. Саха фольк. Сөптөөх баай киһиэхэ эргэ таҕыс диири — буолбаккын. А. Софронов
Ханнык эмэ куорат киһитигэр эргэ тахсан хаалыа суоҕа дуо? «ХС». Эргэ биэр — кыыһы, дьахтары эр киһиэхэ ойох биэр. ☉ Отдавать в замужество, выдавать замуж
Куһаҕаллай диэн киһиэхэ эргэ биэрэллэр. Саха фольк. Хайыамый, ама били былыр күүстэринэн эргэ биэрэр кыыстарыныы моҥнон өлүөм дуо? Н. Лугинов
Эр дьон көр дьон. Эр дьон ордуктар буолбат дуо? Амма Аччыгыйа
Үлэни кыайар-хотор эр дьон бүтүннүүтэ аармыйаҕа бараннар, холкуос үлэтин дьахталлар, оҕолор, оҕонньоттор сүкпүттэр. Софр. Данилов
Эр дьон эр дьон буоллахпыт Ханна барыай сыыһабыт: Холус туттуу, хаҥыл саҥа, Хабараан да сыһыаммыт. НАГ АБС. Эр киһи — аҕа буолар аналлаах сиппит-хоппут киһи. ☉ Мужчина
[Далбарай:] Оттон эр киһигин дии, сүбэтин бул ээ. Н. Неустроев
Дьиэ иһиттэн икки эр киһи хардаҕастары иһирдьэ ыспытынан бардылар. Амма Аччыгыйа
Эр киһи тото кыыһырбыт. П. Тобуруокап
Эр луҥха көр луҥха. Хайа, доҕоор, Сөдүөт! Хайдах эр луҥха туттан киирдиҥ? В. Яковлев
Кириилин эр луҥха көрүҥэр үөрүү сырдыга сыдьаайарын Таня тута сэрэйэ охсор. Л. Попов
Сизов эр луҥха куолаһа туохха да уолуһуйбакка, итэҕэтэрдии этэрэ. М. Горькай (тылб.). Эр оҕо эргэр. — уол оҕо. ☉ Мальчик
Кылгас сарыы сонноох уончалаах эр оҕо элбэрээктээх чаачар саа оҥостон хадьыктаһар. Болот Боотур
Быттааны Сүөдэр кэнники дьахтарыттан төрөөбүт биир эр оҕо. Саха фольк. Ат уулата турдахтарына, биир эр оҕо уу баһа сүүрэн киирбит. ДСЯЯ. Эр ортото эргэр. — эр киһи орто сааһа. ☉ Зрелый возраст мужчины
Эр санаа көр са- наа II. Билэбин уодаһын албаһын Көнө тыл, эр санаа кыайарын. С. Данилов. Эр соҕотох — кэргэнэ, ойоҕо суох, соҕотох, аҥаардас киһи. ☉ Одинокий, неженатый, холостой мужчина
Суос-соҕотох сордоох буолар, эр соҕотох эрэйдээх буолар (өс хоһ.). [Манчаары:] Ыалдьар эттээх, ытыыр, ынчыктыыр уйан куттаах-сүрдээх эр соҕотохпун. И. Гоголев
Эр сулуута көр сулуу. Байаҕантай Бахсыгыр оҕонньордоох тохтооннор, кыайбыт суолларыгар атах соболоҥун, эр сулуутун куттаран, уон икки боһомону ылан уураллар. Саха сэһ. I
Кээрэкээн ойуун: «Кыайдыгыт, эр сулуутуна куттаран ылан баран, тохтоон болҕойуҥ», — диэн көрдөһөр. БСИ ЛНКИСО-1938. Эр талах көр талах. Эр талах бөлөхтөөн үүнэр
тюрк. эр
II
көмө туохт.
1. -ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн, уһуннук буолар хайааһын саҕаланыытын көрдөрөр. ☉ В сочетании с деепричастием на -ан основного глагола обозначает начало продолжающегося действия
[Дьаакып:] Тугу саҥаран эрэрэ буолла. А. Софронов
Уот тахсан тыаны сиэн барчалаан эрэрэ. Суорун Омоллоон
Илин саҕахха им умайан, Саҥардыы сырдаан эрэрэ. Күннүк Уурастыырап
Хойуу да хойуу миин бэрдэ буһан эрэр. Т. Сметанин
2. -ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн, хайааһын саҕаланыаҕыттан төһө эрэ кэмҥэ эбэтэр кылгас кэмҥэ буоларын көрдөрөр. ☉ В сочетании с деепричастием на -ан основного глагола обозначает протяжённость действия от начала до определённого предела или совершаемость действия в течение ограниченных отрезков времени
Бэйи, сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри тохтоон эриэххэ. Н. Якутскай
Миигин күүтэн эрээр. «ХС»
Манна туран эр. ЯРС
ср. др.-тюрк. ер ‘быть, находиться’, тюрк. эр ‘быть’