I
1. аат. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ сөбүлээбэти биллэрии. ☉ Чувство недовольства, обиды
Оҕонньор уонна эмээхсин …… кырдьаҕас дьон сиэринэн: «Тоҕо сылдьыбат буоллуҥ?» — диэн күүппүттэрин биллэрэн, хомнорун этэ тоһуйаллар. А. Бэрияк
Үгүстэр хомуруйан, үөҕэн хомнорун этэн саллааттарга хаһыытыыллара. М. Горькай (тылб.)
2. даҕ. суолт. Туохтан эмэ астыммат, ситэ сөп буолбат (үксүгэр киһи санаатын туһунан). ☉ Недовольный, обиженный. Көмөлөһө сатаатыбыт да, киһибит билигин да санаата хом. СТБКТ
♦ Хом санаа көр санаа II
Саша тириэньэрэ кини урукку боччума суох ситиһиилэригэр тэҥҥэ үөрсэр бэйэтэ, бүгүҥҥү өрөгөйүн үллэстибэтэҕиттэн хом санаата. Н. Лугинов
Кини быйыл сэттэ уонус хаарын уулларда. «Кылгастык олордум, кыраны оҥордум» диэн кини хом саныаҕар дьүөрэтэ суох. «Кыым». Хом түс — туохтан эмэ санаарҕаа, мунчаар. ☉ Опечалиться, загрустить
Харбаев иллэрээ киэһээҥҥи ыалдьыттааһынтан санаабыт санаата хом түһэн иһэр. П. Аввакумов
Баһылай үөрбүтүн эбэтэр хом түспүтүн биллэххинэ, туохтанын тута сэрэйэҕин. Н. Лугинов
ср. хак. хом ‘грусть, досада’, бур. хом ‘недовольство’
II
аат. Туох эмэ (хол., иһит) ойоҕосторун үрдүгэ, төһө үрдүк бүүрүктээҕэ. ☉ Высота боковых стен (напр., о посуде). Бу хобордоох хомо кырата бэрт, онон дуоннаах ас киирбэт. СТБКТ. Арыый хомноох иһиттэ булан арыыта ууллар. СТБКТ