Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хончой

дьүһ. туохт. Көнүөххүнэн көнөн, төбөҕүн өрө тутта сырыт (үрдүк уҥуохтаах киһини этэргэ). Напряжённо выпрямляться, вытягиваться в высоту (о рослом человеке)
Үс-түөрт мүһэ-хары уҥуоҕа тутуурдаах Күүстээх Күөнчэ хончойон иһэр эбит. Күннүк Уурастыырап
Хончойбут үрдүк киһи сөҥ күөмэйинэн: «Кэл, нохой, манна олор», — диэт хаптаһын ороҥҥо миэстэ биэрэрдии сыҕарыс гынна. Болот Боотур
Хоруоба хончойдо көр хоруоп
Аар-дьаалы! Аар-татай! Оҕонньор барахсан Хоруоба хончойон, Хоҥуруута көстөн, Өлбүт, өлбүт курдук, Өлөн сытар этэ. П. Ойуунускай
[Акыым] Ээ, били алтан болууска, Түптүр Хара киһи хоруоба хончойдоҕо буолуо. Суорун Омоллоон
ср. монг. гонзойх ‘быть продолговатым, овальным, удлинённым, вытянутым’

Якутский → Русский

хончой=

стоять торчком, торчать вверх; күөл ортотугар мас хончойон турар посреди озера торчит дерево.


Еще переводы:

хончолун

хончолун (Якутский → Якутский)

хончой диэнтэн бэй
туһ. Удаҕан дьон ортотугар хончоллон олорор Иһиччит Ньукулай иннигэр кэлэн, икки илиитин нэлэс гыннарда. Болот Боотур

хончос

хончос (Якутский → Якутский)

хончой диэнтэн холб. туһ. Сааларын туора сүгэн хончоһон истэхтэринэ, үрэх сиэниттэн биир атыыр кунньалгы өрө көтөн куһугурайан таҕыста. «ХС»

хончот

хончот (Якутский → Якутский)

хончой диэнтэн дьаһ
туһ. Аттаах киһи иһэрин көрөн, уу көҕөччөр дьүһүннээх атыыр төбөтүн хончотон олоотоон, үөрүн түмээри сиэлэ-кутуруга субуллан …… көрө-истэ турда. В. Протодьяконов

хончос гын

хончос гын (Якутский → Якутский)

хончой диэнтэн көстө түһүү. [Витя] дулҕа быыһыттан эмискэ туох эрэ, бугул маһын курдук, хончос гына түспүтүн маҥнай ситэ өйдөөбөккө хаалла. Н. Заболоцкай
Кунньалык Куйаар кугас ат сылгы буолан, хончос гына түстэ. ТТИГ КХКК

хоруоп

хоруоп (Якутский → Якутский)

аат. Өлбүт киһини сытыаран көмөр сабыылаах анал дьааһык. Специальный ящик с крышкой, в котором хоронят умершего, гроб
Таҥара анныгар алта кырыылаах хоруоп дьааһыкка өлбүт киһи чиркэйэн сытар. А. Софронов
Аҕатын хоруопка ууран көтөҕөн таһааран илдьэ барбыттара. П. Аввакумов
Хоруоба хончойдо сэтэр. — куһаҕан буолла, анараа дойдуга аттанна. соотв. сыграть в ящик
«Хонуугут үрдүгэр Хоруопкут хончойдун!» — диэн Аан ийэ дойдубуттан тахсаммын Аартык аанын арыйбытым... П. Ойуунускай. Хоруоптаах андаҕар — олус кытаанах, ыарахан андаҕар. Самая суровая, грозная клятва
Хоруоптаах андаҕары андаҕайда. КАЕ НТ
Тэҥн. хааннаах андаҕар. Хоруопка киллэр — ииҥҥэ киллэр диэн курдук (иин II). Ыраахтааҕы аармыйатынан ааттанааччы ыар хаатырга элбэх дьону хоруопка киллэрбитэ. НАГ ЯРФС II

хончоҥноо

хончоҥноо (Якутский → Якутский)

  1. хончой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Улахан уулуссалар сорох муннуктарыгар биирдии эмэтэ городобуой хончоҥнуу түһэн баран, иттэ баран хаалар. Болот Боотур
    «Оойуут!» …… уолбут сирэн сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии! КАЕ НТ
  2. Эриллэҥнии, кыймаҥныы мөҕүс (үөнү-көйүүрү, кыра харамайдары этэргэ). Активно шевелиться, извиваясь вверх-вниз, сплетаясь, кишеть (о множестве мелких насекомых)
    [Эт] маҥнай диэки сыттанар, тас өҥө улам өлөн, өлбөөдүйэн барар, аны муус маҥан төбөлөөх үөн ыһан хончоҥноон киирэн барар. Н. Заболоцкай
    Кур эмэх өһүөҕэ Үрүҥ үөн ыһара, Хончоҥнуу сыыллара. С. Васильев
    Тохтоон блеснабын тимирдэбин, тэҥҥэ ибирдэтэн, кинини оонньотон хостуубун — иҥсэлээх балык хончоҥнуу мөхсөр. «ХС»
    Үөнэ-күрдьэҕэтэ хончоҥнуур — туох эмэ куһаҕаны, курдьаҕаны таһаарар. Плести интриги, строить каверзы
    [Кураанап] араас үөнэ-күрдьэҕэтэ хончоҥнуура, хонон турдаҕын ахсын, улам үксээн иһэр. Айталын
    Харчыбын ирдиирбинэн эрэ тохтуом суоҕа, туох баар хончоҥнуур үөнүн хостуом. М. Попов