1) уст. госпожа; эдэр хотун молодая госпожа; кыыс хотун барышня; 2) свекровь; 3) супруга, жена; дьиэлээх хотун хозяйка дома; хотун ойох фольк. хозяйка-жена; 4) карт, дама; эбиэн хотуна пиковая дама # сир ийэ хотун мать-земля.
Якутский → Русский
хотун
Якутский → Английский
хотун
(pl. хотут) n. lady, mistress
Якутский → Якутский
хотун
аат.
1. Дьахтарга эрин ийэтэ. ☉ Мать мужа, свекровь
Итирик киирэн кэллэхпинэ, Катя олус соһуйуо, мөҕөрө да буолуо. Катя диэн ити хотунум аата. Амма Аччыгыйа
[Нөнүөһэ:] Саҥа кийиит ааттаах дьахтар эрин куота, хаһан да билбэтэх-көрбөтөх тойонугар, хотунугар тиийэн кэлэрэ сүрэ бэрт дии? С. Ефремов
2. Дьиэлээх дьахтар, ыал ийэтэ. ☉ Хозяйка дома, супруга, жена хозяина
Дьиэ хотуна Ылдьаана мылтаҕар сирэйдээх, былҕайбыт суон дьахтар. Н. Якутскай. Былыргы ас эгэлгэ үчүгэйин тардан кээспиттэр, дьиэлээх хотун бокуойа суох чэй кутар аакка барбыт. Саха фольк.
3. эргэр. Былыргы саха үҥэр-сүктэр үрдүк айыыта, таҥарата. ☉ Высшее божество, дух, которому поклонялись древние якуты, богиня
Дьиэ, буо… Тоҕус халлаан үөһээ өттүгэр, аҕыс халлаан анараа өттүгэр олорор Үрүҥ Аар тойон, Үрүҥ Арылы хотун икки, мин этэр тылбын өйдүөн истэн олоруҥ! Саха фольк. [Аан Далбар:] Айыы дьоно, күөх сай үгэнин саҕана Хааны тоҕор хараҥа айыы, Аан дойду иччитин Аан Чэлбэй хотуну Хомотумаҥ, кэлэтимэҥ! И. Гоголев
4. эргэр. Былыргы баай тойон ойоҕо, баай дьахтар. ☉ Жена богача, властителя, господина, госпожа
Сарсыарда туран [булчут кулуба ойоҕор:] хотуҥҥа «сон иһэ төрүттэн» диэн биэс кыһыл саһылы кэһии биэрэр. М. Доҕордуурап
[Огдоос:] Хотунум үтүө санаата киирдэҕинэ, күҥҥэ биирдэ эмэтэ тартарар [табаҕы]. А. Софронов
5. кэпс., хаарты. Хаарты оонньуутугар таҥастаах дьахтар. ☉ Игральная карта с изображением женщины, дама. Эбиэн хотуна
6. кэпс., харыс т. Өрүһү, күөлү, сири-дойдуну ытыктаан этэргэ туттуллар. ☉ Почтительное название рек, озёр, местностей, госпожа
Дьэргэлгэн төлөнө күөх долгуннаах, Сайсары хотун Чочур Мурааныгар Сибэкки тутуурдаах буоларым. Күннүк Уурастыырап
Мин, мөлбөһүйэр сүүрүктээх Бүлүү эбэ хотун бүөбэйдээн ииппит оҕото, олоҕум, оҕом олоҕо бу мантан саҕаламмытын ордук астына саныыбын. С. Федотов
◊ Дьиэлээх хотун — ыал ийэтэ, дьиэ хаһаайката ☉ Хозяйка дома, супруга, жена хозяина
Дьиэлээх хотун Ылдьаана, мылтаҕар сирэйдээх, былҕайбыт суон дьахтар. Н. Якутскай. Ас эгэлгэ үчүгэйин тардан кээспиттэр, дьиэлээх хотун бокуойа суох чэй кутар аакка барбыт. Саха фольк.
ср. др.-тюрк. хатун ‘госпожа, женщина знатного происхождения’
тойон-хотун
аат.
1. үрд. Үрдүк сололоох, дуоһунастаах дьон. ☉ Господа
Кинилэр көһөн сүүгүнээн, Олохторун оҥостон, Туспа тойон-хотун буолан, Олоруохтарыгар дылы Дьаарбайа түһүүм. А. Софронов
Кини тойону-хотуну аанньа ахтыбат. Амма Аччыгыйа
Бачча элбэх дьиэлэргэ араас да тойон-хотун олордоҕо. Болот Боотур
2. кэпс., сөбүлээб. Дьаһалымсыйар, тойомсуйар-хотумсуйар дьону сөбүлээбэккэ этэргэ туттуллар тыл (хомуур суолт.). ☉ Слово, которое употребляется при выражении недовольства кем-л., любящим командовать не к месту (обычно в собир. знач.)
«Эчи тойоммут-хотуммут да дэлэйэ бэрт», — дьахтар хаҥас диэки куйбас гынан хаалла. А. Фёдоров
Еще переводы: