Якутские буквы:

Якутский → Русский

чымадаан

чемодан.

Якутский → Якутский

чымадаан

аат. Таҥаһы, кыра малы уган, илиигэр тутан ханна эмэ илдьэ бараргар аналлаах түөрт муннуктаах, кытаанах матырыйаалтан оҥоһуллубут суумка курдук хаа (хаппаҕа өрө көтөҕүллэн арыллар, икки хатааһыннаах уонна тутаахтаах буолар). Чемодан
Нина, аһаан бүтэн, чымадаантан ылан оҕолорун таҥаһын сыымайдыыр. Далан
Чымадаанын өрө уунан, эҕэрдэлээбитинэн биир уһун синньигэс уҥуохтаах эдэр киһи киирэн кэллэ. С. Васильев
Кыыс түргэн үлүгэрдик элэҥнэтэн, чымадаантан килиэккэ ойуулаах былааты, онтон да атын маллары хостотолообута. М. Прилежаева (тылб.)


Еще переводы:

чемодан

чемодан (Русский → Якутский)

сущ
чымадаан

чемодан

чемодан (Русский → Якутский)

м. чымадаан.

поместительный

поместительный (Русский → Якутский)

прил. истээх, киэҥ, улахан; поместительный чемодан истээх чымадаан.

чохуол

чохуол (Якутский → Русский)

чехол; чымадаан чохуола чехол от чемодана; саа чохуола ружейный чехол.

ёмкий

ёмкий (Русский → Якутский)

прил. киэҥ киэлилээх, истээх, киэҥ; ёмкий чемодан истээх чымадаан.

крокодиловый

крокодиловый (Русский → Якутский)

прил. крокодил; чемодан крокодиловой кожи крокодил тириитэ чымадаан; # крокодиловы слёзы кураанах харах уута (сымыйанан кэмсиммитэ буолуу).

увесистый

увесистый (Русский → Якутский)

прил. 1. (тяжёлый) ыйааһыннаах, ыарахан; увесистый чемодан ыарахан чымадаан; 2. перен. разг. ыйаапыннаах, ыар; увесистый удар ыйаапыннаах охсуу.

непрочный

непрочный (Русский → Якутский)

прил. I. кэбирэх, үйэтэ суох; непрочный чемодан кэбирэх чымадаан; 2. перен. үйэтэ суох, быстах; непрочная дружба үйэтэ суох доҕордоһуу.

ньолборхой

ньолборхой (Якутский → Якутский)

ньолбоҕор диэн курдук
Үрдүк сэлээппэ бэргэһэлээх, уһун дыраҕар быһыылаах …… киһи хаҥас илиитигэр ньолборхой быһыылаах күөх чымадааны туппутунан пуойастан түстэ. Эрилик Эристиин

хаһыспахтаа

хаһыспахтаа (Якутский → Якутский)

хаһыс I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Миша эмиэ чымадаанын хаһыспахтаан, хачыгырас кумааҕыга сууламмыт улахан балыгы ороон таһаарда. Н. Лугинов
Григорий Иванович …… полевой суумкатыгар умса түһэн хаһыспахтаата. Э. Соколов