аат.
1. Киһи уллугун уҥуоҕун үөһээ баһа өттүк уҥуоҕун оҥхойугар тиксиһэн эргийэр сирэ. ☉ Подвижный конец бедренной кости, входящий в чашку таза и служащий местом прикрепления мышц, вертлюг
Тобуктарын сүһүөхтэрэ кыайан хаамтарбат буола мастыйбыттара, иэччэхтэрэ кыайан хардыылаппат буолбуттара. Н. Якутскай
Оҕонньор ат үрдүгэр өр олорон дэлби сылайда. Көхсө саалынна, икки иэччэҕэ, синньигэс биилэ хамсаппат гына көһүйэн, ыалдьар. П. Аввакумов. Ааппын-суолбун суулларбыт улуу эбэҕэ эргийэр күннээх буоллахпына иэччэҕим эмти бардын! Хайыһар күннээх буоллахпына хаалдьыгым уҥуоҕа хайа ыстаннын! Саха сэһ
1977. 2. Тугу-эмэ туохха-эмэ иҥиннэрэн сабарга, аһарга аналлаах оҥоһук; туох эмэ туохха эмэ эргийэн хамсыыр курдук олоруута. ☉ Шарнир, петля (напр., двери, ящика)
Луха, халҕаны иэччэҕиттэн араара сыһан, таһырдьа ыстанна. Амма Аччыгыйа
Киирэр аан аппайбытыгар эмискэ уулусса диэки түннүк иэччэҕэ тэлэллэ түстэ. Софр. Данилов
Аттар иннилэригэр сүүрэн тиийэн, иэччэҕинэн эргичийэн аһыллар боруотаны аһан биэрдим. Эрилик Эристиин
♦ Иэччэхтии эргит - тиэрэ эргитэн таһаар, уларыта тутан кэбис. ☉ Перевертывать, переворачивать, вывернуть
Орто дойду төлкөтүн иэччэхтии эргиппит. П. Тобуруокап. Эргийэр (эргичийэр) иэччэҕэ - туох эмэ наадалаах, тирэнэр, кинитэ суох сатаммат сирэ. ☉ То, что служит главной, центральной частью, опорой, стрежнем чего-л.
Бассабыык баартыйа ячейката уонна кини иккис сүһүөҕэ, эргийэр иэччэҕэ, эдэр ыччата, хомсомуол сойууһун аллараа салаата улуус учууталларын кытта мунньахтыы олороллор эбит. П. Ойуунускай
Аан маҥнайгы холкуос тэбэр сүрэҕэ, эргичийэр иэччэҕэ бу алаас оҕото эбит. С. Федотов