I
аат. Булт сэбигэр булду күрүөлээн хаайан киллэрээри маһынан оҥоһуллар намыһах быһыт, мэһэй. ☉ Засека, загородь (для ловли зверей и птиц)
Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоҥууга тохтооччу Туолдьут Бэргэн. Өксөкүлээх Өлөксөй
Мин бэйэм туһах иитэргэ сөптөөх сирин булан, харыйалары быһан аҕалан, тоҥуу оҥорон, туһахтарбын иитэбин. Н. Якутскай
Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Ол аата тоҥуу диэн буолар. Багдарыын Сүлбэ. Тэҥн. элиэ II
II
көр доҕуу
Эбэм тоҥуута баранан хаалбыт игиинэн хотуурун …… сытыылаата. Н. Лугинов
Уолаттар сыгынньах эттэрэ хойуу кумаартан сүүтүк тоҥуутун курдук буолан баран, ыгдайа иһэн тахсаллар. Бэс Дьарааһын
Игии кэрдииһэ [хатыыта] доҕуу эбэтэр тоҥуу диэн ааттанар. СНЕ ӨОДь
III
тоҥ I диэнтэн хай
аата. Быйыл күһүн сир харанан туран тоҥуута буолла. Т. Сметанин
[Ощепков] кыһыҥҥы тымныыга тоҥуу …… хайдаҕын үчүгэйдик билэр. С. Никифоров
◊ Тоҥуу байтаһын биэ — төрөөн көрө илик биэ. ☉ Не имевшая приплода кобыла. Уйбааннаах тоҥуу байтаһын биэлээхтэр. Тоҥуу суол — саҥа тоҥмут суол. ☉ Свежезамёрзший след
[Кулун Куллустуур] тоҥуу суолбун тобулан …… сойуолаан ахан иһэр. ПЭК ОНЛЯ III. Тоҥуу хаар — суол-иис таһаарыллыбатах халыҥ хаар. ☉ Цельный, свежий, не протоптанный глубокий снег
Клим сүүрэн иһэн …… бүдүрүйэн, тоҥуу хаарга тиэрэ түстэ. Амма Аччыгыйа
Ол киһи Уйбааҥҥа утары Тоҥуу хаар үрдүнэн ыстанар. Эрилик Эристиин