Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ыйылаа

тыаһы үт. туохт.
1. Синньигэс, хатан саҥаны таһаар (хол., ыт туһунан). Издавать высокий, резкий крик, визжать (напр., о собаке)
Ыт ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна. Суорун Омоллоон
Кусчут [ыт аата], ааттаспыттыы, атаҕын биэрэбиэрэ ыйылаабыта. М. Доҕордуурап
Ытым оҕото ыйылыы хаалла. Н. Туобулаахап
Биир ат олгуобуйаларын тоһуттубут тобохторунан илгиэлэнэн, киниттэн сүүрэ турда, иккис ат, эмиэ кини курдук, сиргэ охтон сытар эбит: сытыытык, уһуннук ыйылаата. Л. Толстой (тылб.)
2. көсп. Салгыны хайытан иһиирэр курдук сытыы тыаһы таһаар. Издавать резкий свист, свистеть (напр., о пуле)
Кэнниттэн бандьыыттар иҥсэлээх буулдьалара икки өттүнэн сиирэ-халты ыйылаабыттара. А. Сыромятникова
Үрдүбүтүнэн сэнэрээттэр ыйылыыллар, аттыбытыгар миинэлэр эстэллэр. ИИФ УС
Сытыы хотуур хойуу оту сиҥнэрэн иҥсэлээхтик ыйылаабат. Күрүлгэн
3. көсп. Салгыны күүскэ ытыйан, улуйар курдук тыаһы таһаар (силлиэ, буурҕа туһунан). Издавать похожий на вой звук, выть, завывать (о вихре, пурге)
Дохсун тыал түһэн ыйылыы ытыллар: Таастары хастыыр, тииттэри мускуйар. М. Ефимов
Оттон буурҕа син биир былыргылыы энэлийэр, суланарсаанар, …… ыйылыыр. Н. Габышев
Киллэм кырдалга талах маһы эрийэ-мускуйа күүстээх тыал куһуура ыйылыыр. «ХС»
ср. тув. сыйылаар ‘скулить’, кирг. ыйлаа ‘плакать’

Якутский → Русский

ыйылаа=

("й" носовой) 1) визжать; ыт ыйылаата завизжала собака; 2) свистеть; буулдьалар ыйылыыллар свистят пули.


Еще переводы:

завизжать

завизжать (Русский → Якутский)

сов. ыйылыы түс, ыйылаа.

визжать

визжать (Русский → Якутский)

несов. ыйылаа, кылан.

ыйылас=

ыйылас= (Якутский → Русский)

совм. от ыйылаа =.

ыйылат=

ыйылат= (Якутский → Русский)

побуд. от ыйылаа =.

завывать

завывать (Русский → Якутский)

несов. 1. (о животных) улуй, ыйылаа; 2. (о буре, ветре) улуй, чыһыыр.

завыть

завыть (Русский → Якутский)

сов. 1. (о животных) улуй, ыйылаа; 2. (о бург, ветре) улуй, чыһыыр.

ыйылааһын

ыйылааһын (Якутский → Якутский)

ыйылаа диэнтэн хай
аата. Кулгааҕар ыйылааһын, часкыыр иһиллэр. «ХС». Тула дэлби тэбэр тыас, сэнэрээт, миинэ ыйылааһына, араас тыас элбээн испитэ. ИИФ

скулить

скулить (Русский → Якутский)

несов. 1. (о собаке) ыйылаа, улуй; 2. перен. разг. (плакаться, ныть) үҥсэргээ, ытаа-соҥоо.

быысталы биэрбэккэ

быысталы биэрбэккэ (Якутский → Якутский)

көр быыстала суох
Биэс тарбах доҕоро — бинтиэпкэ тиҥийэр, Быысталы биэрбэккэ буулдьабыт ыйылыыр. П. Ойуунускай

адьырыппахтаа

адьырыппахтаа (Якутский → Якутский)

адьырыт диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Ыттар] биллэрдик долгуйан, арҕастарын түүтүн адьырыппахтыы, уон араас куолаһынан ыйылаан, ньуу-ньаа буолан ыллылар. Н. Заболоцкай