- аат., кэпс.
- Туох эмэ киһи сиирэ, аһыыра. ☉ Что-л. съедобное, то, что можно пожевать
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан эрэ аһаан-сиэн олорбуттара. Кимиэхэ туох эмит ыстыыр, ыйыстар баарын үллэстэн бүтэрбиттэрэ ырааппыт. ЯАМ ҮүСС
Ыйыстарбыт баранна, аһыырбыт бүттэ. «Чолбон»
[Огдуус:] Оҕо сааспыттан умналаан аһаан тыыннаах сылдьар сордооххо туох кэпсэлэ кэлээхтиэй? Хата, туох эмэ ыйыстардааххыт дуо? ХКК - түөлбэ. Куолай. ☉ Пищевод. Ыйыстарым ыарыйда
- даҕ. суолт. Тугу эмэ куолайынан аһарар, аһыыр (уорган). ☉ Соединяющий полость рта с желудком. Киһи ыйыстар уоргана куолай диэн ааттанар. Ыйыстар уоргаҥҥын харыстыыр буол
♦ Ыйыстар хараҥа — кыра да сырдык хаалбат гына саба бүрүүкүүр ыысбүтэй хараҥа. ☉ Полный мрак, кромешная тьма
Ыас хара түүн. Ыйыстар хараҥа. П. Тобуруокап
Ыйыстар ыар хараҥа иһиттэн …… былыттар бэрт бытааннык сыылан усталлара. М. Горькай (тылб.)
Якутский → Якутский
ыйыстар
ыйыс
ый I диэнтэн холб. туһ. Ол гынан баран кинилэр бэйэ-бэйэлэрин итэҕэстэрин ыйыспат, кириитикэлэспэт буолбаттар. Суорун Омоллоон
Олох дьолун, тапталын Эйэ суолун эн ыйыс. Күннүк Уурастыырап
[Коля:] Биһиги бары пиэрмэ чиэһин көрүөхтээхпит. Бэйэ-бэйэбит итэҕэспитин ыйсыахтаахпыт. С. Ефремов
Еще переводы: