и. д. от ылахтас=.
Якутский → Русский
ылахтаһыы
ылахтас=
делать что-л. упорно, настойчиво; үлэлээн ылахтас= упорно работать; ср. ылсыс= II.
Якутский → Якутский
ылахтаһыы
ылахтас диэнтэн хай
аата. [Ыларов] бөһүөлэги көһөрүүгэ ылахтаһыытын толорутук сырдатта. Р. Баҕатаайыскай
Оннук ылахтаһыы ардыгар уһун күнү быһа, уунан-тэнийэн бардаҕына көҥүлэ. В. Яковлев
ылахтаа
туохт. Сыарҕаҕа ылахта оҥор. ☉ Изготовить, сделать поперечные скрепы для саней
Алдьаммыт сыарҕаны аҕаллым, кытаатан ылахтаан кэбиһээр. Амма Аччыгыйа
Киһитэ …… тэлгэһэҕэ оҕуһун сыарҕатын ылахтыы олороро. Күннүк Уурастыырап
Биирдэ киэһэ Мэхээлэ сыарҕа ылахтыы олордо. Р. Баҕатаайыскай
ылахтас
туохт.
1. Арахпакка, дьаныһан туран тугу эмэ гын, оҥор, үлэлээ. ☉ Заниматься чем-л. упорно, настойчиво
Тулуурдаах эмээхсин уонна мындыр уол хас да күн итинник ылахтаһан, уопсай тэтэрээт аҥарын кэриҥэ сурулунна. Н. Габышев
Махсыым онтон ыла быһа ылахтаһан итинник иһиирэри сатыыр буолта. Р. Кулаковскай
Үксүн Дмитриев, Гаджиев, Филимонов бэйэлэрэ [тустан] ылахтаһан тахсаллар. КИС АаДЧ
2. Кими эмэ кытта бэрт уһуннук тугу эмэ быһаарыс, мөккүс, этис, ыаһахтас. ☉ Долго объясняться, спорить, ругаться с кем-л.
Албыннаһан тылларыгар киллэрээри ылахтаһа сатыы олордохторо. Софр. Данилов
Доргууйап уонна Сандаараба …… өр ылахтаһан бараннар, тыл-тылларыгар киирсибэккэ тарҕаспыттара. В. Протодьяконов
Хас күн аайы бу дьахтары кытта солуута суох ылахтаһан тахсарбар күнүм бүтэр. В. Ойуурускай
Үгэстэринэн киҥир-хаҥыр саҥарсан, этиһэн ылахтаһаллар. С. Курилов (тылб.)
Еще переводы: