Якутские буквы:

Якутский → Русский

ынахтаах

имеющий корову; с... коровой; икки ынахтаах он имеет двух коров,, у него две коровы.


Еще переводы:

тэбигэн

тэбигэн (Якутский → Якутский)

көр тэбиик. Тэбигэн ат
Оһоокойдуур-оһоокой! Тэбигэнтэй атыырдаах, Тэһиикэлиир биэлэрдээх, Тэлэҥэс эриэн ынахтаах, Дьэбир эриэн кунаннаах, Дьээбэлээхий киһилэрдээх. С. Зверев

хайыттаҥнаа

хайыттаҥнаа (Якутский → Якутский)

хайытын диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Ынахтаах кунан] хаамтахтарын аайы ойоҕосторун уҥуоҕа ырыттаҥныыр, санныларын хаптаҕайа хайыттаҥныыр. Амма Аччыгыйа

хомуолай

хомуолай (Якутский → Якутский)

даҕ. Mуоһа суох. Комолый, безрогий
Суос-соҕотох хомуолай ынахтаахпытын туох эрэ курдук көрөрбүт. «Саха с.». Табалар муҥнаахтар, хомуолай бастарын хантатан — наартаттан босхолоноору дьулуһарга дылылар. С. Курилов (тылб.)

биирдэһэ

биирдэһэ (Якутский → Якутский)

быһ. суох солб. аат. Иккиттэн биирэ, биир хайалара эрэ. Один из двух, другой
Быһатын эттэххэ, Биирдэспит үрдүкү, Биирдэспит анныкы буолуо. П. Ойуунускай
Биирдэстэрэ хара бытыктаах, үөс курдугунан көрбүт киһи. Н. Неустроев
Мин икки ынахтаахпын, биирдэһэ тарбыйахтаах. Күндэ

ньичирээ

ньичирээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Биллэр баайа суох эрээри, дэлэгэйдик олор. Не имея видимого богатства, жить вольготно, широко
Бу киһи икки ынахтаах гынан баран, астыын-үөллүүн ньичирээн олороро дьэ атын, доҕоор! ПЭК СЯЯ

саппааһыр

саппааһыр (Якутский → Якутский)

туохт. Туохха эмэ саппааста мунньун, тугу эмэ эрдэттэн хааччын. Накапливать для себя значительный запас чего-л., запасаться чем-л.. Маһынан саппааһырдыбыт
Икки сүүсчэ ынахтаах пиэрмэҕэ от дэлэгэйдик таһыллара, муус устарга, ыам ыйыгар элбэхтик саппааһыраллара. «Кыым»

ыанар

ыанар (Якутский → Якутский)

даҕ. Ыаныллар, үүт биэрэр. Дающий молоко, дойный
Эмээхсин икки ыанар ынахтаах. С. Маисов
Ыанар биэлэри үчүгэй мэччирэҥинэн хааччыйыы ситиһиллиэхтээх. ААФ КС
Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас кэмҥэ эбэбит тордохпутун тула ыанар тыһы табалары тутан баайталыыра. А. Кондратьев

бырылас

бырылас (Якутский → Якутский)

даҕ. Олус хойуу, быыһаарда суох буолан көстөр; элбэх халыҥ үөрдээх (хол., үөр көтөр, сүөһү туһунан). Многочисленный (напр., о стае мелких птиц, стаде скота)
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт, Бадараан саҕатын аайы Барылас бараах буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Быдан барбыт бырылас сылгылаахтар, бырах барбыт бырылас ынахтаахтар бу дьон. ПЭК ОНЛЯ I

дьүүкэр

дьүүкэр (Якутский → Якутский)

туохт. Ыалдьан, аччыктаан эбэтэр олус кырдьан ыр, көтөхтөр, куһаҕан көрүҥнэн. Сильно похудеть, отощать (обычно от старости, болезни, недоедания)
Дьаҥҥа хотторон, дьарҕаҕа эмтэрэн, сэлликкэ көйдөрөн, дьүүкэрэ дьүдьэйэн, эмиэ Арыпыана эрэйдээх курдук эрдэ үйэлэниэ турдаҕа. Болот Боотур
Оҕонньор сордоох дьүүкэрбит, …… кырдьан да буолуо, ким билиэ баарай? А. Сыромятникова
Өлөөнө соҕотох ынахтааҕа, саас ото суох буолан, аччыктаан охтуох курдук дьүүкэрэн ырбыта. П. Аввакумов

мантан

мантан (Якутский → Якутский)

бу I 1 диэнтэн таһ
түһүк. «Мантан эрэ эппэтэр, бу аата тыал буолуо дуо», — диэтэ аттыбар кэккэлэһэ олорор доҕорум. А. Софронов
Чурум-Чурумчуку олорбута үһү. Ынах хараҕын саҕа хара таастаах эбит, мантан аһыыр, таҥнар эбит. Суорун Омоллоон
[Манчаарылаах] икки ынахтаахтара аһылыктара суох, мантан биирдэрин өлөрөн сиэхтэрин, эчи, көтөхтөрө да бэртэр уонна сотору төрөөтөхтөрүнэ, аһатыа да этилэр. МНН
др.-тюрк. мундан