1) исх. п. от бу ; мантан бастыҥ дьол суох нет счастья выше этого; 2) с этих пор, с этого времени; мантан ыла с этих пор; мантан инньэ со временем.
Якутский → Русский
мантан
Якутский → Якутский
мантан
бу I 1 диэнтэн таһ
түһүк. «Мантан эрэ эппэтэр, бу аата тыал буолуо дуо», — диэтэ аттыбар кэккэлэһэ олорор доҕорум. А. Софронов
Чурум-Чурумчуку олорбута үһү. Ынах хараҕын саҕа хара таастаах эбит, мантан аһыыр, таҥнар эбит. Суорун Омоллоон
[Манчаарылаах] икки ынахтаахтара аһылыктара суох, мантан биирдэрин өлөрөн сиэхтэрин, эчи, көтөхтөрө да бэртэр уонна сотору төрөөтөхтөрүнэ, аһатыа да этилэр. МНН
др.-тюрк. мундан
мантан салгыы
ситим сыһыан холб. Туох эмэ оҥоһуллубутуттан, баартан; этиллибититтэн ыла салгыы (тугу эмэ гын, эт, саҥар). ☉ Далее, в даль нейшем (что-л. делать)
Турахин мантан салгыы бэйэтэ норуокка оҥорбут «туһатын» кэпсиир. Эрилик Эристиин
Мантан салгыы эн суолуҥ бүтэйэр. С. Федотов
Мантан салгыы сарсыҥҥы күн Оренбург куораты сэриилээн ылар туһунан кэпсэтии аһылынна. «ХС»
мантан{ антах} ыла
ситим холб. Бу кэмтэн ыла, инники өттүгэр. ☉ С этих пор, с этого момента
Мантан антах олохпут тигинэс буолуоҕа. П. Ойуунускай
Мантан ыла уолаттар бу бэлиэ чыычаахха «Трифон Трифоныч» диэн аат иҥэрэн кэбистилэр. Амма Аччыгыйа
Мантан ыла Саһыл Эһэлиин кыр өстөөх буолтара үһү. Суорун Омоллоон
Мантан ыла Хонуу буорайда. Даачам тулата Наһаа куруйда. Күннүк Уурастыырап
Еще переводы: