Якутские буквы:

Якутский → Русский

ырыаһыт

  1. певец; норуот ырыаһыта народный певец; 2. певчий; ырыаһыт чыычаахтар певчие птички.

Якутский → Якутский

ырыаһыт

  1. аат.
  2. Ырыа толорооччу, ыллыыр идэлээх киһи. Человек, умеющий петь или занимающийся пением профессионально, певец
    Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт (өс хоһ.). Уол үҥкүүһүтэ, ырыаһыта, көрө-нара туох да олус буолбут. Саха фольк. Сатыыр да буол, Сатаабат да буол — Киһи эрэ барыта саас Ырыаһыт буолар, атаас. Т. Сметанин
    Ырыаһыт ыксыыр күнүгэр Өрөөбүт уоһун өһүлэр. Баал Хабырыыс
  3. Ырыа айар идэлээх киһи, ырыа айааччы. Сочинитель, автор песен
    С.А. Зверев — үлэһит дьон ортотуттан үөскээн тахсыбыт ырыаһыт. Софр. Данилов
    Саха норуотун умнуллубат хомуньуус уола, бастыҥ талааннаах ырыаһыта, саха суруйааччыларын тапталлаах убайдара уонна иитээччилэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай үтүөкэннээх киһи этэ. Амма Аччыгыйа
    Бар дьон аныгы ырыаһыттан олох дьиҥ сиэриттэн ылыллыбыт уусуран тыллаах хоһоону күүтэр. Эрилик Эристиин
  4. даҕ. суолт.
  5. Олус үчүгэйдик ыллыыр, кэрэ куоластаах, ыллыыр-туойар. Обладающий красивым голосом, умеющий петь, голосистый, поющий
    Ырыаһыта да суох бүгүн Ырыаһыт буолуоҕун курдук. Баал Хабырыыс
    Кэҕитэн ырыаһыт да оҕо. М. Доҕордуурап
  6. Ырыаны айар. Воспевающий, сочиняющий песни
    Бу киэһэни, бу туманы Хаһан эрэ мин ахтыам. Ахтыбычча манньыйан Ырыаһыт дууһаланыам. С. Данилов
    Ыл, тут ырыаһыт доҕоруҥ Бастакы бөдөҥ айыытын! Дьуон Дьаҥылы
    Норуот ырыаһыта — бар дьонун, норуотун билиниитин ылбыт, кутун туппут уус-уран тылынан хоһуйан ыллыыр киһи. Всенародно признанный певец-импровизатор
    Норуот ырыаһыта К. Оросин айылҕа көстүүлэрин көннөрү уустаан-ураннаан ойуулааһынынан муҥурдаммат. Эрчимэн
    Норуот ырыаһыттарын үйэтитии, кинилэр кэхтибэт кэрэ историяларын үөрэтии, кырдьык кэрэхсэбиллээх даҕаны, кэскиллээх даҕаны. «Кыым»
    Савва уонна Николай Алексеевтар курдук норуот ырыаһыттардааҕынан Баатаҕай нэһилиэгэ оройуоҥҥа киэҥник биллэрэ. АҮ. Ырыаһыт бэйиэт — ырыа буолан ылланар элбэх хоһооннордоох бэйиэт. Автор текстов многих песен, поэт-песенник
    Норуокка элбэхтик ылланар ырыа тылын суруйбут киһини ырыаһыт бэйиэт диэн тапталлаахтык ааттааччылар. СДТА
    Алексей Бродников — ырыаһыт бэйиэт. «ХС». Ырыаһыт чыычаахтар — саҥалара кэрэ дорҕоон буолан ырыа, муусука курдук иһиллэр көтөрдөр. Певчие птицы
    Ырыаһыт чыычаахтыы Мин дайан, Баҕардым — Ыллыахпын-туойуохпун. А. Абаҕыыныскай
    Ырыаһыт чыычаах ыллаабакка сатаммат, ыллаатаҕына эрэ дуоһуйар. И. Данилов
    Биһиги дойдубутугар ылыныллыбыт айылҕа харыстабылын туһунан сокуон ырыаһыт чыычаахтары өлөрөрү уонна уйаларын алдьатары бобор. «Кыым»

Еще переводы:

певец

певец (Русский → Якутский)

сущ
ырыаһыт

певчий

певчий (Русский → Якутский)

прил. ырыа, ырыаһыт; певчие птицы ырыаһыт чыычаахтар.

соловей

соловей (Русский → Якутский)

м. соловей (ырыаһыт чыычаах).

певчий

певчий (Русский → Якутский)

прил
ырыаһыт. Певчая птичка

певец

певец (Русский → Якутский)

м. ырыаһыт; оперный певец опера ырыаһыта.

скворец

скворец (Русский → Якутский)

м. скворец (кыра ырыаһыт чыычаах).

тембр

тембр (Якутский → Русский)

тембр; ырыаһыт куолаһын тембра тембр голоса певца.

чиж

чиж (Русский → Якутский)

м. чиж (бороҥ дьүһүннээх ырыаһыт чыычаах).

песенник

песенник (Русский → Якутский)

м. 1. (исполнитель песен) ырыаһыт; 2. (сборник песен) ырыанньык.

безголосый

безголосый (Русский → Якутский)

прил. куолаһа суох, куһаҕан куоластаах; безголосый певец куолаһа суох ырыаһыт.