эйэргэс диэнтэн хай
аата. Биэс уонтан тахса сыл устатыгар Владимир Михайловичтыын биир айар тэрилтэҕэ сылдьан эйэргэһии даҕаны, мөккүһэн да ылыы туох кэмнээх буолуой. Софр. Данилов
Толя аҕа кылына буолан эрэр тойонтон эйэргэһиини кэтэспэтэ. Огдо
Якутский → Якутский
эйэргэһии
эйэргэс
эйэргээ диэнтэн холб. туһ. Үөхсэр, этиһэр, эйэргэһэр, Үөрэ көрсөр, кэриэстэһэр Мин биир дойдулаах доҕотторум. Дьуон Дьаҥылы
Түмсэ түһэн төбөлөрүн холбоотулар, сиккирэс долгунунан сипсистилэр, эрийии долгунунан эйэргэстилэр. Т. Сметанин
Баһылай толло көрөр толуу дьонун кытта киэһэ аайы тэҥнээхтэрин курдук эйэргэһэр, сэлэһэр буолбута. У. Ойуур
эйэргээ
туохт. Кимиэхэ эмэ үчүгэйдик, эйэҕэстик сыһыаннас, үчүгэйдии буолар баҕалааххын биллэр. ☉ Относиться дружелюбно, проявлять дружеские чувства к кому-л.
Миигин эйэргээн, ыга кууһан, Минньигэс тылларгын эппэккин. Күннүк Уурастыырап
Коляны бары таптыыллар, Ыал аайы ыҥыраллар, Кырдьаҕастар: «Кукаам», — дииллэр, Эдэрдэр эйэргииллэр. Баал Хабырыыс
Лариса бүгүн эйэргээбитэ тоҕо дьиктитэй? Кини миигин таптыыра буолуо дуо? В. Яковлев
Еще переводы: