элээр диэнтэн хай
аата. Оҕо сааска хааман саллаҥныыр диэн кэлиэ дуо — биир кэм күрэхтэһэ таарыйа, сүүрэ-хаама элээрии. «Кыым»
Якутский → Якутский
элээрии
элээр
дьүһ. туохт. Түргэнник, чэпчэкитик сүүр, кыырай. ☉ Проноситься, нестись быстро и легко
[Никита хаҥкынан] Сүүрэн элээрэн иһэн өрүтэ ыстаммахтаан, эргичийэн ылбахтыыр. Н. Лугинов
Оҥочо сүүрүк хоту мас сыыһын курдук элээрэр. И. Гоголев
Сыарҕата халыҥ хаарга хайыһардыы, чэпчэкитик элээрэр. А. Сыромятникова
элээр-мэлээр
сыһ. Тугу эрэ ситэ өйдөөбөккө саарбаҕалаабыт курдук саараан ол-бу диэки (көрүтэлээ). ☉ Недоумённо, растерянно, в нерешительности (водить глазами по сторонам)
Кэлээччи, кырдьык, бүтэн барда быһыылаах, — кинээс, уҥа-хаҥас элээр-мэлээр көрө-көрө, айаҕын киэҥник атан, саҥа таһаарбакка эрэ дьааһыйан баран, кириэстэнэн ылла. Күннүк Уурастыырап
Булумдьу Бииктэри эмиэ элээр-мэлээр көрөр, оттомо суохтук көрүтэлиир. Л. Попов
Мэхээлэ туох-ханнык буолтун ситэ өйдөөбөккө, элээр-мэлээр көрө турар. М. Чооруоһап
◊ Элээр-мэлээр буол — тугу гынаргын, хайдах буоларгын быһаарар кыаҕа суох буолан мунаарбыт дьүһүннэн. ☉ Находиться в растерянности, замешательстве, глядя по сторонам, не понимая, в чём дело
Хайа массыынаттан ким тахсарын кэтэһэн, элээр-мэлээр буола турабын. С. Никифоров
Якутский → Русский
элээр=
нестись, проноситься быстро и плавно; кус көтөн элээрэр утка летит быстро и плавно.
Еще переводы: