Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эндэх

туохт. Туох эмэ ыараханы (хол., таһаҕаһы) өрө көтөҕөн ылан санныгар бырах; туох эмэ уһуну (хол., ураҕаһы) санныгар уур. Брать, взваливать, поднимать на плечо что-л. (напр., груз); перекидывать через плечо что-л. длинное (напр., шест)
Ураҕаһы эндэҕэ сүкпүт. ЯРС
Ол икки ардыгар дьонум, сонос соҕус бэрэбинэни икки төбөтүттэн эндэҕэн, тиийэн кэллилэр. Н. Неустроев
[Оскуола] Эн үрдүк мөҥүөн өһүөлэргин Эт санныларыгар эндэҕэннэр Таһаарбыттара үһү дииллэр Улуус сураҕырбыт …… Чулуу дьонноро, аар ааттаахтара. М. Тимофеев
Валерка хайыһарын эндэхтэ. СЮ РХ
ср. др.-тюрк. еҥин ‘плечо’, тюрк. эндэк ‘крыша’

Якутский → Русский

эндэх=

брать, взваливать, поднимать на плечо (какой-л. груз); перекидывать через плечо (что-л. длинное); ураҕаһы эндэҕэ сүкпүт он вскинул шест на плечо.


Еще переводы:

эмнэх

эмнэх (Якутский → Русский)

см. эндэх.

иҥнэх

иҥнэх (Якутский → Якутский)

эндэх диэн курдук
Элбэх-элбэх кэһиитин Эрэйинэн иҥнэҕэн Ийэкэлэрэ кэлбитэ - Оҕолоро мэлийбиттэр. С. Данилов
Хаҥас санныгар иҥнэҕэр бырахпыт бинсээгин күүлэҕэ элиттэ. Софр. Данилов
Таһырдьаттан түөрт куулу, иккилиини эр-биир иҥнэҕэн киирэллэр, оҕонньор киирбит аанын хатаан кээһэр. Күндэ
Оҕолор ууну арыт - оргуһуоҕунан иҥнэҕэн таһаллар. И. Данилов

эндэй

эндэй (Якутский → Якутский)

I
туохт. Алҕаһаа, сыыстар; сыыһа туттан үчүгэйэ суох балаһыанньаҕа киир. Ошибаться, заблуждаться; по своей оплошности очутиться в невыгодном, неприятном положении
Көрсүө дьон буоллаххыт, эндэйэн этиэххит дуо? ПЭК СЯЯ. — Оччоҕо икки бухатыырдар холбоһон баран мас балаҕаҥҥа олорорбут сатаммат! — Ээ! Ол иһин эндэйэн этиэ дуо? Мин этиэм диэн истэхпинэ эн урут эттиҥ! Саха фольк.
ср. монг. эндэх ‘ошибаться’
II
туохт. Миэстэҕиттэн, оннугуттан хамсаан, тэйэн хаалан, атын балаһыанньаны ыл; туох эмэ үрдүгэр биллэҕэ түс (тыаҕа мас атын мас үрдүгэр түспүтүн этэргэ). Сдвинуться вбок, наклониться, образовав щель (напр., о двери); свеситься набок, наклониться (напр., о лесине, упавшей на другую близстоящую лесину)
Бу мас эндэйэн турар. ПЭК СЯЯ
Мин халҕан эндэйэн хаалбыт буоллаҕа дии санаан, баран тардыалаан көрбүтүм, адьас сабыллан турар эбит. Эрилик Эристиин
Хантан эрэ сэлээркэ булан, эргэ баалынайы толору куппут уонна сааны уоһун өттүнэн онно умса укпут. Саа баппакка маһа үөһэ эндэйэ сытар. В. Яковлев