Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эргэнэ

I
эргэнэ бэйэлээх фольк. — улахан, бөдөҥ (киһи). Рослый, крупный (о человеке)
Эргэнэ бэйэлээх түктэри бэрт дьон! ПЭК СЯЯ
[Кыыс Ньургун — Буура Дохсуҥҥа:] Эн саҕа эргэнэ бэйэлээҕи иҥнэрбитим, дьороҕоно сотолооҕу тоһуппутум. Эрилик Эристиин; эргэнэ муостаах фольк. — тайах. Лось
Кэнэҕэс даҕаны иннибитигэр Эргэнэ муостааҕы эргитэ туруҥ, Дьороҕоно сотолооҕу тохтото туруҥ! Далан. Баай Байанай аһаа-сиэ! Дьороҕоно сотолооххун тосхойо тур, эргэнэ муостааххын элиэбэр эргитэ тур. И. Федосеев; эргэнэ <хара> тыа — мутукчата түспүт тыа; үрдүк, бөдөҥ мастаах халыҥ ойуур, сис тыа. Обнажённый, без листвы, тёмный лес; с крупными деревьями, густой лес
Киэҥинэн эҥсиллибит улуу нүөллээҕинэн эргэнэ хара тыатын хонноҕор кыбынан, аҥаар эрэ муннугун быктарбат. Амма Аччыгыйа
Адаар таас хайалары, эргэнэ хара тыалары, …… бүүс-бүтүннүүлэрин таптыаҕыҥ. И. Никифоров
Айаан чугас турар эргэнэ тыаны бүтүннүүтүн биир тиитигэр тиийэ кэрдиэх уохтаах курдуга. Н. Габышев
ср. монг. эргэнэ ‘отвесный, крутой’
II
аат.
1. эргэр. Үрдүккэ ыттарга аналлаах быа үктэллэрдээх эбэтэр кэрдиистээх уһун мас, кирилиэс. Лестница из длинной жерди с круговыми верёвочными ходами или две лиственничные жерди, приставляемые к дереву, для лазания на высокие лесины
Оннооҕор орулуос сымыытын Эргэнэ оҥостон ылаҕын. Айталын
Эргэнэнэн тиит кумалааныгар, кэбиһиилээх окко эҥин ытталлара. СГФ СКТ
2. түөлбэ. Дүлүҥү олуктаан оҥоһуллубут кирилиэс. Лестница из одного бревна с вырубленными на нём ступеньками. Эһэм эргэнэ оҥордо


Еще переводы:

буутайдас

буутайдас (Якутский → Якутский)

буутайдаа диэнтэн холб. туһ. Эргэ үйэм Иһиирэр кэмнэригэр Эргэнэ тыам Эҥсэр иэннэригэр Булчут муҥур суоллара Буутайдаһа сыппыттара. С. Васильев

сөксө

сөксө (Якутский → Якутский)

көр сэксэ
Сул мас суорҕаннаах, Сүдүрүүннээх хатыҥ сөксөлөөх, Эргэнэ хара тыа иччитэ, Эригир харах, Эрбэс Боотур! П. Ойуунускай

эргинэ

эргинэ (Якутский → Якутский)

көр эргэнэ II
Кыһын от тиэйээччи эргинэнэн тахсан отун үрдүн хаардыыр. С. Маисов
Эргинэ — кумалааҥҥа ыттар дьылыгыр мас. КАЕ НТ

сүдүрүүннээх

сүдүрүүннээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Сииктээх, сүмэһиннээх. Влажный, сочный
Сул мас суорҕаннаах, Сүдүрүүннээх хатыҥ сөксөлөөх, Эргэнэ хара тыа иччитэ! П. Ойуунускай
Олорон кэбис отон угугар, Тыа куруук сөрүүн сүдүрүүннээх. Баал Хабырыыс

уллаһык

уллаһык (Якутский → Якутский)

аат. Атах таҥаһын улларарга уллуҥ буолар туох эмэ. Материал, подходящий для подшивки обуви
Унтуу дэлэйбит кэмигэр уллаһык матырыйаала кэмчи. Н. Борисов
[Кинини суоллааччыларга] араас уллаһыктаах хаатыҥкалаах эбэтэр этэрбэстээх дьоно эргэнэ хара тыа маһыныы элбэх. С. Федотов
Кыһын халыҥ баата ыстааны, уллаһыктаах хаатыҥканы кэтэрэ. БТТ

харааччы

харааччы (Якутский → Якутский)

көр хараарчы I, II
[Кокшарскай] …… арыгы бөҕөнү испит. Онтон харааччы итирэн, өйүн сүтэрэн кэбиспит. Н. Якутскай
Бу Мотуо диэн төп-төгүрүк сирэйдээх, харааччы көрбүт харахтаах, наҕыллык сайбалдьыйар кыысчаан …… Зинаны кытта куруук иилиҥкэйдэһэр. И. Никифоров
Эбэ илин баһын өҥөйө үүнэн турбут эргэнэ хара тыата харааччы умайан, убаан хаалбыта көрүөххэ хомолтолооҕо. В. Протодьяконов

эҥээрдэн

эҥээрдэн (Якутский → Якутский)

эҥээрдээ диэнтэн бэй
туһ. Кыра-хара норуот Кыһалҕа кыаһылыктанара, Алдьархай артыалланара, Иэдээн эҥээрдэнэрэ, Өлүү өттүктэнэрэ. Саха нар. ыр. III
Ити курдук ыйтан ордук холобурдаах кэмҥэ атах балай баран эргэнэ хара тыа эҥээрдэммитэ. С. Тумат
Итинтэн ыла кырдьаҕастаах эдэр эрэй эҥээрдэнэн, бииргэ сылдьыбыттара. А. Сыромятникова

иэччэхтэн

иэччэхтэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Күн уотуттан сымнаан уулун, хараар (тиит төрдүнээҕи хаар туһунан). Таять, растаять (о снеге вокруг деревьев). Сыа хаарым сымнаата, Күрдьүк хаарым күлгэрийдэ, Эргэнэ хара тыам тиитэ иэччэхтэннэ. Саха фольк.
2. түөлбэ. Тылын (мутукча туһунан). Распускаться (о лиственнице)
Мутукча иэччэхтэнэн, ойуур иһэ көҕүрүмтүйэн көстүүтэ, сыһыы сир налыы уолбатыгар хаас аһылыга күөх ото бытыгырыырын саҕана кэҕэ кыыл кэрэ чуор куолаһа кэрии тыаны эймэтээччи. Сэмээр Баһылай
Ньургуһун үүннэ, ол аата күөх үнүгэстэр бытыгыраабытынан, мутукча иэччэхтэммитинэн барда. «Кыым»

быктар

быктар (Якутский → Якутский)

  1. бык диэнтэн дьаһ. туһ. «Эргиттэ» алаас улуу күөллээҕин эргэнэ хара тыатын хонноҕор кыбынан, аҥаар эрэ муннугун быктарбыт. Амма Аччыгыйа
    Эмээхсин көмүһү булан, сууйа түспүт буоллун... Оччотугар, кини аны онно атаҕын да төбөтүн быктарбат гына, мин тэриниэх тустаахпын. Суорун Омоллоон
    «Айша ханнаный?» — кини ханна эрэ ыксаан иһэр курдуга, ааны сэгэтэн, төбөтүн быктаран баран ыйыппыта. В. Гаврильева
  2. Ис санааҕын этэн аһар. Высказать заветные думы, говорить о них
    Кини [кыыс] хаһан даҕаны нуорка саҕаланнарбын диэн тыл быктарбат. М. Попов
    Эльвира ис санаатын дьэ быктаран барда. Р. Баҕатаайыскай
эҕэһэ

эҕэһэ (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ.
1. Улахан булду (хол., эһэни) күрүөлээн хаайан булт сэбигэр киллэрээри маһынан сылбахтаан оҥоһуллар үрдүк быһыт. Засека, загородь для охоты на крупных зверей (напр., на медведя)
Төлөрүйбэт түөрт эҕэһэлээх Хандыл мас хаһаа. С. Зверев
Эҕэһэ тоҥуу курдук айахтаах. Ол айаҕынан булт киириэхтээх. Багдарыын Сүлбэ
Аҕам аах: «Биэс айахтаах эҕэһэ саамай улахан, 2 – 3 айахтаах — орто эҕэһэ», — диэн кэпсэтэллэрэ. ПАК ЭТ
2. Улахан булду (хол., эһэни) бултуурга айаны иитэн туруорарга тоҕоостоох бүччүм сир. Подходящее укромное место для установки самострела, настороженного на крупного зверя (напр., медведя)
Эргэнэ хара тыа Эҕэһэтин тэрийэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Иитэригэр табыгастаах эҕэһэни көрдөөн, кини чааһы чааһынан кээгэйдээччи. Н. Борисов
Бу баар — хапкаан иитэн түөрэх үктэтэр тоҕоостоох эҕэһэ. «ХС»