Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрдэттэн

  1. сыһ. Туох эмэ иннинэ, олох эрдэтинэ. Загодя, заранее
    [Көстөкүүн:] Эрэнэр сатаммат, эрдэттэн бэлэм буолуохха биитэр тэскилиэххэ. Күндэ
    Түүлээх Уллуҥах, Чүөчээски тыаһын эрдэттэн истэн, саатын курааҕын туруорбута. Суорун Омоллоон
    Саамай сөпкө этэҕин, эрдэттэн ити боппуруоһунан дьарыктаныах хаалла. М. Доҕордуурап
    2
    эрдэ 1 диэн курдук. Дьокуускайга холоотоххо, манна күнэ эрдэттэн ойор, киэһэ хойут киирэр. Н. Заболоцкай
    Сарсыарда эрдэттэн кустук түстэҕинэ, сотору кэминэн ардах кэлэрин кэрэһэлиир. И. Сосин
    Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ — тугу эмэ урутаан быһаарыма, былааннаама (хайдах буолуо биллибэт). Не забегай вперёд (букв. заранее не ставь горшок на огонь)
    [Баабыла:] Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ, кини да эдэр. И. Гоголев
    «Бэйэ, олус эрдэттэн күөскүтүн өрүнүмэҥ, тойоммут туох диирэ биллибэт», — Уйбаан дьиэ иһинээҕи сүбэни түмүктээтэ. Р. Кулаковскай
    Кэлэр кэми эрэнэммин Эрдэттэн күөспүн өрүнэбин. ЛН ЭЭХХ

эрдэ

сыһ.
1. Хойут буолбакка, күн саҕаланыытыгар (хол., сарсыарда). В начале дня, рано утром
Маҥнай таһырдьа тахсалларыгар олус тымныы, хараҥа, эрдэ этэ. Амма Аччыгыйа
Сарсыарда эрдэ туран, үлэлэрин сып-сап курдук бүтэрдилэр. В. Яковлев
Дьөгүөрдээх Луха эрдэ киирэн үлэ бөҕөнү оҥорбуттар этэ. М. Доҕордуурап
Наһаа киэһэрэ илигинэ, хойутаабакка. Не поздним вечером, не поздно, пораньше
Үс түүннээх күн ыһыллыбыт ыһыах бүтүөн иннинэ Бииктэр эрдэ дьиэлээбитэ. Л. Попов
[Өрүүнэ:] Торбоскун эрдэ тутан үчүгэйдик баайар буол эбээт. С. Ефремов
Маннык үрдүк хайалаах дойдуга күн бу курдук эрдэ киирээччи. Г. Колесов
2. Кэмэ кэлэ илик. Ещё не время, рановато
[Нүһэр Дархан:] Илбис иҥэриэххэ, дуулаҕа кэтэрдиэххэ эрдэ буоллаҕа дии. И. Гоголев
Көмүс күөмэй күөрэгэй, Кээлтиҥ тугун эрдэтэй! С. Данилов
Дьиҥинэн, сири дууһа быһыытынан түҥэттиэхтээх этибит, ол билигин эрдэ буоллаҕа дии. М. Доҕордуурап
Кэмин иннинэ, кэмиттэн урутаан. Раньше срока, раньше времени
[Ааныка:] Былыр кыыс оҕону эрдэ сыыттыыр этилэр. С. Ефремов
Сылаас кыһын буоларыгар тиит эрдэ көмнөҕүрэр. И. Сосин
Эрдэ суоттаан бүтэрбит киһиэхэ — кэмпиэт диэн буолара. УДь
ср. др.-тюрк. ертэ ‘рано утром’, тюрк. эрте ‘рано’, бур. арай эртэ ‘рановато’

эрдэ-сылла

сыһ. Туох эмэ буолуон иннинэ; эрдэттэн, эрдэтинэ. Заблаговременно, заранее; пока не поздно
Онон хаһан, тугу гынары эрдэ-сылла болдьоһон кэбиһиэҕиҥ. С. Никифоров
Бастыыр [киһи аата] син сүгүн үлэлэтиэ суоҕа, эрдэ-сылла ханна эмэ барарыҥ буоллар. В. Гаврильева
Эмээхсин оҕонньоро кыыһырарын билэрэ бэрт буолан, эрдэ-сылла ньим барааччы. В. Титов

Якутский → Русский

эрдэ

рано; эрдэ тур = вставать рано; сарсын эрдэ а) завтра рано (напр. встанем, начнём работать и т. п.); б) завтра (ещё) рано (но послезавтра может быть поздно); эрдэтинэ пока не поздно; эрдэттэн заранее; эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор погов. рано вставшая птичка клюв протирает # эрдэттэн эттэххэ модальное словосочет. заранее скажем; дьэ , эрдэттэн эттэххэ , араас дьоннор бааллар ну, заранее скажем, есть разные люди.

эрдэ-сылла

заблаговременно, заранее.

Якутский → Английский

эрдэ

adv. early


Еще переводы:

предвкушение

предвкушение (Русский → Якутский)

с. эрдэттэн амтаһыйыы, эрдэттэн үөрүү.

предотвращение

предотвращение (Русский → Якутский)

с. эрдэттэн туоратыы, эрдэттэн тохтотуу.

заблаговременно

заблаговременно (Русский → Якутский)

нареч. эрдэтинэ, эрдэттэн, эрдэ-сылла.

заранее

заранее (Русский → Якутский)

нареч. эрдэттэн; решить заранее эрдэттэн быһаар.

предугадать

предугадать (Русский → Якутский)

сов., предугадывать несов. что эрдэттэн таай, эрдэттэн бил.

наперёд

наперёд (Русский → Якутский)

нареч. разг. (заранее) эрдэттэн.

предусмотрительный

предусмотрительный (Русский → Якутский)

прил. эрдэттэн көрүмтүө, хааччынымтыа.

непредусмотренный

непредусмотренный (Русский → Якутский)

прил. эрдэттэн көрүллүбэтэх; непредусмотренные расходы эрдэттэн көрүллүбэтэх өроскуоттар.

заручаться

заручаться (Русский → Якутский)

несов., заручиться сов. чем эрдэттэн хааччын, эрдэттэн ыл; заручиться согласием сөбүлэҥин эрдэттэн ыл.

предвкусить

предвкусить (Русский → Якутский)

сов., предвкушать несов. что эрдэттэн амтаһый, эрдэттэн үөр; предвкушать успех ситиһиигин эрдэттэн амтаһый, эрдэттэн ситиһиилэммит саҕа санаа.