мучительный, трудный, тяжёлый; эриирдээх олох тяжёлая жизнь; эриирдээх суол трудная дорога.
Якутский → Русский
эриирдээх
Якутский → Якутский
эриирдээх
даҕ. Судургу буолбатах, эрийиилээх-моһуйуулаах, уустук. ☉ Непростой, сложный, тяжёлый
Булт улахан эриирдээх, ас амтаннааҕын, сибиэһэйин аһыыр буолан тулуйан сылдьабыт. И. Гоголев
Киристипиэл кырдьаҕас эриирдээх ыйытыыларыгар сулбу таһыйан эппиэттиир кыаҕа суох буоллум. И. Семёнов
Айан суола эрэйдээх, Айар үлэ эриирдээх. Ахсаана Сонтуой
Икки күннээх эриирдээх күрэхтэһии кэнниттэн кыралар бөлөхтөрүгэр чөмпүйүөннээтилэр. «ББ»
эриирдээх-мускуурдаах
даҕ. Чэпчэкитэ суох, эрэйдээх. ☉ Нелёгкий, трудный, тяжёлый, напряжённый
Дьоно эриирдээх-мускуурдаах кэми син мүччү-хаччы түһэн тыыннаах көрсүбүттэриттэн үөрэн олорор. Р. Кулаковскай
Итинник наҕараада …… артыыс эриирдээх-мускуурдаах айар үлэтин үрдүктүк сыаналааһын кэрэ бэлиэтинэн буолар. АҮ
Биһиги тыйыс, үгүс эриирдээх-мускуурдаах усулуобуйабытыгар үүнэргэ ньыматыйбыт үүнээйилэр бааллар. МАА ССКОЭҮү
Еще переводы: