нареч. извилисто; куобах эрийэ-буруйа сүүрдэ заяц петляет.
Якутский → Русский
эрийэ-буруйа
Якутский → Якутский
эрийэ-буруйа
- сыһ.
- Көнөтүк буолбакка, туора-маары, өҕүллэҕэстик. ☉ Криво, извилисто, неровно
Эрийэ-буруйа барбыт хоппоҕор силистэрдээх, томороон тиит тумуллар. Амма Аччыгыйа
Куобах оллороот-боллороот ынах бүөрэ сирдэринэн эрийэбуруйа сүүрэр. Н. Заболоцкай
Балачча эрийэ-буруйа хааман, Павлик даачатыгар тиийэн кэлэбит. «Чолбон» - Ытыллан тахсар гына (хол., тыалы этэргэ); эриллэ-эриллэ, эриллэҥнээн тахсар гына (хол. буруону этэргэ). ☉ Кружа в вихре, взвихривая; так, чтобы извивалось, кружилось (напр., о ветре)
Табах уматынна, буруотун уоһун толлотон эрийэ-буруйа үрэн бурҕаҥнатта. Е. Неймохов
Эрийэ-буруйа ытыллар дохсун тыал хордоҕой сыыс отун эбэ диэки төкүнүтэн илдьэр. С. Маисов - көсп. Көнөтүнэн буолбатах, араастаан эргитэн-урбатан. ☉ Искажая, переиначивая, передёргивая (смысл)
Ханнык баҕарар тылы ким баҕарар эрийэ-буруйа холбоон-илбээн тугу баҕарар эрдиэн сөп. П. Аввакумов. Суорун Омоллоон айымньыларын араас сыанаһыттар эҥинэҥинник эрийэ-буруйа эрдэннэр элбэхтик мөккүспүттэрэ. Эрчимэн. Уустук боппуруоска Амма Аччыгыйа атыттар курдук эрийэ-буруйа барбакка, биир көнө суолу туппута. Н. Тобуруокап - даҕ. суолт.
- Көнө буолбатах, эриллэҕэс. ☉ Кривой, извилистый, волнистый
Кини устуруустаан, эллээн бардаҕына, ханнык да эрийэ-буруйа саастаах маһы суолун көннөрөр. «Кыым» - көсп. Көнөтө, судургута суох, эргитиилээх-урбатыылаах. ☉ Сложный, витиеватый, хитроумный, замысловатый (напр., о речи, стиле)
Сайсары эмээхсин эрийэ-буруйа суолун ирдээ да ирдээ, туох иһин? Суорун Омоллоон
Араас эрийэ-буруйа санаалар Өлөксөйү үүйэхаайа туппуттара. «Чолбон»
Урут …… эрийэ-буруйа этиилэри, тыллары литератураҕа киллэрэн булкуйаллара. ВГМ НСПТ
эрий-буруй
туохт.
1.
эрий I диэн курдук. Биир кэм хаар өрүкүйэр, тибии тибэн эрийэр-буруйар. Н. Якутскай
2. Көнө буолбакка, эрийэ-буруйа буол, эрийэ бар. ☉ Быть волнистым, извилистым, изгибистым
Өлөөн өрүс ононманан эрийэн-буруйан, хайалары быыстарынан өҕүллэҥнии субуллар. ВВ ЫСЫ
Алаһыай …… онон-манан араастаан эрийэн-буруйан, сүүһүнэн сээннэри бэйэтигэр тиһэр. «ХС»
3. көсп. Туох эмэ судургуну араастаан уларыт, уустугурт. ☉ Усложнять что-л.; запутывать кого-л.
Эгэлгэ санаалаах Эрийэн-буруйан, Эриэккэстээн, эгэлгэлээн Тэрийэр да буолар эбит! С. Зверев
Абаҕыыныскай …… нуучча бэйээттэрин эрийэн-буруйан суруйар араас пуормаларын туттара. Софр. Данилов
Маастардар араастаан киирэн-тахсан, эрийэн-буруйан, …… ардыгар сыыһа-халты үктэтэн, сүүйэр балаһыанньаланаллар. «Кыым»
Еще переводы: