аат. Киһи олоҕор көрсөр саамай ыарахан тыйыс муҥ, сормуҥ. ☉ Жизненные невзгоды, страдания, мучения
Андаҕайабын, Эрэй-буруй эгэлгэ бэрдинэн, Муҥ-сор муҥутуур улаханынан. Өксөкүлээх Өлөксөй
Эрэнитэҕэй, икки атахтаах Эрэйэ-буруйа өлөрүн, Өлөртөн өлбөт өйүн, Өйүнэн өлбөт бэйэтин. П. Ойуунускай
Саллар сааһын тухары эрэйи-буруйу көрбүтүн бэлиэтэ — баттаҕа хаар маҥан буолбут. М. Доҕордуурап
△ Быстахха (хол., суолга, айаҥҥа) эрэйдэнии. ☉ Временные затруднения (напр., во время поездки)
Кинилэр биэс түүннээх күнү быһа түҥ хара тыаны, маары, иһириги кэтэн, эрэй-буруй бөҕөнү көрөн баран, дьон-баар сирин булбуттара. Суорун Омоллоон
♦ Эрэй-буруй элбии илигинэ — улахан кутталлаах эрэй-буруй улаата-хаҥыы илигинэ (сэрэхтээх дьыала, кэпсэтии хаҥыан сөбүн, ол куһаҕан содуллаах буолуон туһунан эрдэ сэрэтии — үксүгэр кырдьаҕастар сэрэтиилэрэ). ☉ Пока худшее не случилось (предупреждение о прекращении какого-л. дела (разговоров), пока оно не приняло неприятный оборот)
Эрэй-буруй элбии илигинэ кэлбит суолуҥ устун кэбэлийэ тураахтаа. П. Ойуунускай
Якутский → Якутский
эрэй-буруй
Еще переводы: