нареч. прям., перен. надёжно; бу муостанан эрэллээхтик туоруохха сөп по этому мосту можно идти безбоязненно; ону кини улахан эрэллээхтик этэр он говорит это с большой уверенностью; эрэллээхтик хардыылаа = уверенно шагать.
Якутский → Русский
эрэллээхтик
эрэллээх
надёжный; эрэллээх доҕор надёжный друг.
Якутский → Якутский
эрэллээхтик
сыһ. Киһи эрэнэр гына дьоһуннук (туттар, оҥорор). ☉ Надёжно, спокойно, уверенно
Айаҥҥа үөрүйэх Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар олус эрэллээхтик хааман лобуйаллар, биирдэ да сыыһа үктүөх быһыылара биллибэт. Далан
Григорий Иванович уолу көрөөт сөбүлүү санаата. Тылаөһө барыта хоп-дьип, орун оннугар, дьиҥ эр киһилии эрэллээхтик туттархаптар. Э. Соколов
эрэллээх
даҕ.
1. Итэҕэллээх, эрэбиллээх, эрэбил. ☉ Надёжный, верный
Тыалга, хаарга, бусхаакка, Ыраах айанныыр булчукка Ыт буолар — Эрэллээх доҕор. Софр. Данилов
[Поэзия] Мин эрэллээх доҕорум, Арахсыбат аргыһым, Үрдүк чиэһим, Бастыҥ дьолум, Дьэбиннирбэт кылыһым. И. Гоголев
Өлөксөйү, эйигин анаан ыҥырбыттар, Үчүгэй эрэллээх аргыстан диэбиттэр. С. Васильев
2. Киһини ыҥырар-угуйар үтүө кэскил. ☉ Светлое, манящее будущее
Ыраах кытыастар кыым курдук ыҥырар эрэллээх буолан, Ыҥырар уоту итэҕэйэр буолан Киһи барахсан кэхтибэт. С. Данилов
Сүрэҕэ өллө да — поэт өлөр, Инники эрэллээх буолуохха, Эрэлэ суох олоруохха — ынырык! С. Руфов
♦ Истиэнэ курдук (тэҥэ) эрэллээх көр истиэнэ
Ханныктарын да иһин — түһэн биэрбэт, истиэнэ курдук эрэллээх дьон. «ХС». Эрэллээх эркин — саарбаҕа суох эрэмньи. ☉ Надёжная верная защита
Миша киһи буоларыгар халыҥ хахха, эрэллээх эркин кини эрэ буолар. Т. Находкина
Еще переводы: