эрэнис диэнтэн хай
аата. Эйэнэн олоруу, эрэнсии Эриэккэс үйэтин үүннэриэхпит. Күннүк Уурастыырап
Айар кэлэктииппит иһигэр урукку курдук ураты эйэ, эрэнсии суох буолбута, лаппа уларыйбыта. «ХС»
Якутский → Якутский
эрэнсии
ол эрэн
ол эрээри
эрэн
I
туохт. Эрэбиллээх буол, итэҕэй. ☉ Надеяться на кого-что-л., верить
Эрэнэрим бэрдиттэн Эрдэ кэмтэн этиэх буолбут, Истиҥ хаһаас санаабын Ити кэпсии иһэбин. Күннүк Уурастыырап
Эрэн илиим эрчимигэр, Эрэн сүрэҕим төлөнүгэр, Эрэн санаам сайылыгар. С. Данилов
Тэһийбэт тэһииккиир киэһэҕэр Кэтэһээр, миигин кэтэһээр, Эйиэхэ түүлгэр кэлэрбэр Эрэнээр, миигин эрэнээр. В. Потапова
♦ Эркин курдук эрэн көр эркин
Сүөдэр Сүөдэрэбис, кэбис, кэбис, Эркин курдук эрэнэн кэлбитим. П. Тобуруокап
Ааһыннарбын эрэ кыайыам диэн эркин курдук эрэнэрэ. Күннүк Уурастыырап
Истиэнэ курдук эрэн көр истиэнэ. Дьаакыпка Истиэнэ курдук эрэммитэ. А. Софронов
ср. др.-тюрк. ишэн ‘полагаться, доверяться’, хак. изен ‘надеяться на когочто-л., верить кому-чему-л.’
II
эрээри I диэн курдук
Хараҕа суох эрэн син көрөр курдуктар, Истэллэр кулгааҕа суох эрэн. С. Тарасов
Улахан дьон эрэн оҕолуу тыллааххыт. П. Тобуруокап
Ол эрэн кимиэхэ нааданый бу сытар тус бэйэм эрэйим. Д. Васильев
III
эр диэн көмө туохтууртан сыһыат туохтуур. ☉ Деепричастная форма от служебного глагола эр
Ол олорон эрэн аттыгар арай күтэр баарын көрбүт. Суорун Омоллоон
Сытан эрэн халбаһы сиир. А. Фёдоров
Сытан эрэн, синиэлбин кэттим, курданным. Т. Сметанин
эрэн-итэҕэй
аат. Кими, тугу эмэ саарабыла суох ылын. ☉ Твёрдо верить кому-чему-л.
Эрэнэбин-итэҕэйэбин икки атахтаах Эрэйэ-буруйа өлөрүн, Өлөртөн өлбөт өйүн, Өйүнэн өлбөт бэйэтин. П. Ойуунускай
Чыычаах [киһи аата] сонно тута ити дьикти киһини эрэнэ-итэҕэйэ санаабыта, кистээн өттүккэ имнэнээт, туора ыҥыран таһаарбыта уонна сибис гыммыта. И. Гоголев
Кини сороҕор аҥаардастыы дьону эрэ сөхтөрөр сыалтан бэйэтэ эрэнэн-итэҕэйэн сылдьар санаатын утарыан эмиэ сөп. Н. Лугинов
Якутский → Русский
эрэн
см. эрээри .
эрэн=
надеяться, возлагать надежды; эйиэхэ эрэнэбин я надеюсь на тебя; ыстаа-быккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн йогов, на сжёванное не надейся, надейся на проглоченное.
Якутский → Английский
эрэн=
v. to hope, rely upon; эрэннэр= v. to promise
Еще переводы: