Якутские буквы:

Якутский → Русский

этиттэр=

побуд. от этит=.

этит=

побуд. от эт =; айыы этит= уст. исповёдывать # көхсүгүн этит= кряхтеть; покашливать.

Якутский → Якутский

этит

I
эт I диэнтэн дьаһ
туһ. [Абааһы уолун] дьэ, эҥин тылын этитэн-этитэн, туотан туран туох да ыспыыската суох өлөрдүлэр. Ньургун Боотур
[Марина:] Миигин сүрэҕим ити курдук этитэр. П. Ойуунускай
Киэһэ биэстэ этитэн сытар, сарсыарда уонна ыҥыртаран турар уол. Амма Аччыгыйа
Ийэтигэр эппэтэх тылын этит көр ийэ. Буруйдааҕы тутан ыланнар, үлтү сынньаннар, ийэтигэр эппэтэх тылын этиттилэр
Ийэтигэр эппэтэх тылын этиттилэр, иннин ыллылар. ТТИГ КХКК
Таба этит көр таба II. Хамначчыттар, дьадаҥылар сүрэхтэригэр-быардарыгар саас-үйэ тухары дьөлө иҥэн ааллара сылдьыбыт баастарын таба этитэн, сэргэхсийэн истилэр. М. Доҕордуурап
Бурхалей бэйэтэ да куруук саныыр санаатын таба этитэн, бэрт хамаҕатык кэпсэтэн барда. Эрилик Эристиин. Ээҕин этит — тугунан эмэ кыһайан туран кимтэн эмэ туохха эмэ сөбүлэҥин ыл эбэтэр тугу эмэ оҥорбутун билиннэр. Силой вынудить кого-л. дать согласие на что-л. или признаться в чём-л. (букв. заставить сказать «да»)
[Баһылай:] Сибилигин тылын ыйытан, ээҕин этитиэххэ баар! А. Софронов
Чэ, тахсыах, били дьэгээркэни баҕас ээҕин этитээ инибит. Амма Аччыгыйа
Кэрээннэриттэн тахсыбыт бандьыыттар үгүс доппуруос, накаастааһын да кэнниттэн, эдэр дьоруойу ээҕин этиппэтэхтэрэ. «ХС»
Көхсүгүн этит көр көҕүс II
[Микиитэ] мүчүйэ түһэн ылла, көхсүн этиттэ, сыҥаах баттанна, аҥаар атаҕын оллооннуу уурда. Р. Кулаковскай
Оҕонньор куруттан чохороон сүгэтин сүөрэн, чөҥөчөккө батары оҕуста, көхсүн этиттэ. Л. Габышев
II
туохт., итэҕ. Ураты, көстүбэт үөһээҥҥи күүстэр эппиттэрин курдук саҥар, тугу эмэ гын. Говорить, действовать, словно выражая посыл, подсказку высших, невидимых сил. Дьикти ыалдьыт эмискэ, этиппит курдук, кимиэхэ да кэпсээбэт ис санааларбар быһаччы сыһыаннаах тыллары саҥарда
Кыыһа барыта кырасыабайын, Кыталыга барыта ырыаһытын, Эр дьоно, Этитэн кэлбит курдук, Эчи Элэккэйдэрин, Эйэлэрин! С. Тарасов
Ийэ бараан түүн, иччилэммиттии, Этиппит курдук, дьиктитийэн истэ. А. Абаҕыыныскай


Еще переводы:

киртиттэр

киртиттэр (Якутский → Якутский)

киртит диэнтэн дьаһ
туһ. Киһи сигилитин кэрэ сиэрдэрин Киртиттэримэ, киэр этиттэримэ. Софр. Данилов

чолоҥолос

чолоҥолос (Якутский → Якутский)

чолоҥолоо диэнтэн холб. туһ. Ол-бу буолан чолоҥолоспуккутун ситиһэн …… ээххитин этиттэрэн тэйиэм этэ. П. Аввакумов

аппаҥнат

аппаҥнат (Якутский → Якутский)

аппаҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Холлой саҥата суох уҥа ороҥҥо баран сылгы тыһа үтүлүгүн сулбу тардан ылан, эрбэҕэ быстыбытын аппаҥнатан көрбөхтөөтө. Амма Аччыгыйа
Кулуба сүрэҕин харбанна, салыҥа куурбут эмис собо курдук салгыны эҕирийэ сатаан айаҕын аппаҥнатта. И. Гоголев
Харытыанап, кырдьыгын этиттэрэн, мэктиэтигэр, хараҕын чыпчыҥнатар, айаҕын аппаҥнатар. «Кыым»

улгумнук

улгумнук (Якутский → Якутский)

сыһ. Үгүстүк этиттэрбэккэ, түргэнник (тугу эмэ гын, оҥор). Послушно, быстро, с готовностью (делать что-л.)
Кыра Уйбаан уонна Найыын эрэ киирэргэ улгумнук сөбүлэннилэр, атыттара дьулайдылар. Амма Аччыгыйа
Бу бааһынай Баклановка төлөммөтөх иэстээх курдук сананара. Онон бэрт улгумнук сөбүлэспитэ. Н. Якутскай
Оҕуһу үүрэн кэбиспитэ улгумнук хааман кыпсыҥныы турда. «ХС»

сэттээх

сэттээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Иэстэбиллээх; иччилээх (тыл, саҥа туһунан). Влекущий за собой кару, возмездие; вещий, проникновенный (о слове, речи)
[Нүһэр Дархан:] Ол сэттээх үөгүм дуораана Суодуспут суо мырааннар кэтэхтэригэр Сүүһүн ортотугар туоһахталаах Суор хара атыыр оҕус буолан Үллэтүллэ лиҥкинэччи мөҥүрээбитэ. И. Гоголев
Айыы-кэйии! Инньэ диэн сэттээх саҥаны саҥарба, сэлээннээх тойугу туойума. Эрилик Эристиин
[Боккуой эмээхсин] Ылдьаана эмээхсин кэлбитигэр, ити сэттээх тыллаах күтүргэ тугу көрдөрөөрү, кими быһа этиттэрээри гынарын сүрэҕэ таайда. А. Сыромятникова

лахсыыр

лахсыыр (Якутский → Якутский)

  1. аат., кэпс. Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох. Бессодержательная долгая речь, пустые слова
    Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах. Амма Ач чыгыйа. [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар-1956. Маас са лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахай бат буолла. В. Ленин (тылб.)
    Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. Бессмыслица, вздор, болтовня
    Аҕам оҕонньор: «Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал», — диэтэ. Ф. Софронов
    «Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!» — Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ. В. Яковлев
    Ээ, устурууксуйа диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй? Тумарча
  2. даҕ. суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох. В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр., о речи); любящий много говорить, болтливый
    Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи.  Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб.)
    Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. — элбэх саҥа, күүгээн. Шумный разговор, гомон
    «Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!» — дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар. Д. Апросимов. Кус-хаас лахсыыра кэпс. — туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. Долгая невра зумительная речь (или разговор).
    ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’
этитии

этитии (Якутский → Русский)

и. д. от этит=.

прокашливаться

прокашливаться (Русский → Якутский)

несов., прокашляться сов. сөтөллөн күөмэйгин оҥоһун, көхсүгүн этит.

баня

баня (Русский → Якутский)

ж. баанньык; # задать баню үлтү мех, тиритиннэр, ээҕин этит.

крякать

крякать (Русский → Якутский)

несов. 1. (об утке) маатырҕаа, саҥар; 2. разг. (о человеке) көхсүгүн этит.