даҕ.
1. Киэҥ эҥсиилээх. ☉ Громкий, гулкий, раскатистый
[Ойуун] дүҥүрүн дөрүҥ-дөрүҥ охсо-охсо, эҥсилгэннээх дириҥ куолаһынан кутуран барда. Саха сэһ. 1977
△ Күүстээх дьайыылаах (хол., тыл-өс, уу сүүрүгэ эҥин). ☉ Оказывающий на когочто-л. сильное воздействие, влияние, напряжённый, выразительный (напр., о речи, потоке воды)
Арыт очуос таас үрдүгэр тахсан өр санаарҕаан олорор буолар уонна, ытаан эрэр курдук, эҥсилгэннээх тойугу туойар. Н. Якутскай
Эҥсилгэннээх тыал хаары сиксийэр, ытыйар, Мэхээчээн сирэйин-хараҕын хаардаах тыал быһыта сынньар. В. Протодьяконов. Өрүс устуута үлүскэннирэр, эҥсилгэннээх сүүрүктэрэ эрилиһэллэр. В. Лунин (тылб.)
2. Тымныынан аҥылыйар, уорааннаах. ☉ Обдающий холодом, веящий прохладой
[Ыарҕа] Ити кууран турдахпына, илинтэн-арҕааттан хатайдаан Эҥсилгэннээх тымныы тыал Илигир-силигир сипсийэн Ириҥэ мэйиибин илдьи ытыйда, Иэрэгэй гына ибили сахсыйда. Саха фольк. Көмүөл мууһа Көтөҕүллэн устара Көрөргө кэрэ буолааччы, Элиэнэ эбэм Эҥсилгэннээх уорҕата Эппэҥнии, долгуҥнуу турааччы. М. Ефимов
Ол ырыых-ыраах баар куруутун мууһу бүрүнэн турар эҥсилгэннээх байҕал эҥэригэр кыракый дьодоҕон мастаах-оттоох киэҥ туундараны санатара. А. Сыромятникова
Якутский → Якутский
эҥсилгэннээх
Еще переводы: