- эҥээрдээ диэнтэн холб. туһ. Олох диалектиката көрдөрөрүнэн, куһаҕаны эҥээрдэспиттэр хаһан да мөлтөхтөр. ПБН БЭДь
[Фаина:] Төһөлөөх эрэйи-буруйу, сору-муҥу эҥээрдэспитэ буолуой, төһөлөөх хараҕын уутун тохпута буолуой кини? «Чолбон»
Кэпсиирэ кырдьык буоллаҕына, кинитээҕэр ордук кыһалҕалаахтык, эрэйи-муҥу эҥээрдэһэн үөскээбит киһи эбит. «ХС» - Кими эмэ кытта дьукаахтаһа эбэтэр ыаллыы олор; кими эмэ кытта булкуһа, бодоруһа сырыт. ☉ Жить совместно или по соседству с кем-л.; знаться, водиться, общаться с кем-л.
Ол эрээри балаҕаны бэйэтэ даҕаны туттуо буоллаҕа, бастаан утаа ыалга да эҥээрдэһэн олоруохха син. Болот Боотур
Дойдутугар сайылыы кэлбитэ. Аймахтарыгар эҥээрдэһэ сылдьан, оттоспута. И. Федосеев
Ол аайы [араас дьоннуун бодоруһан] биирдэрэ кэхтэр, төннөр түөрэхтээх суолга киирдэр-киирэн иһэр, иккиһэ, үтүө дьоҥҥо эҥээрдэһэн, үүнэр-сайдар өттүгэр үлүмнэһэр. «Кыым». Сотору Наалтаар сүрэхтэнэн Уйбаан Лааптап диэн буолар. Нууччалардыын эҥээрдэһэн Сайаҕастык улаатар. «ХС»
Якутский → Якутский
эҥээрдэс
Еще переводы: