аат. Суостаах-суодаллаах, адьырҕа кыыллар диэн өйдөбүлгэ хомуур суолталаан этии. ☉ В собирательном значении: хищные звери, хищники (букв. медведь-волк)
Эр киһи эһэбөрө сүрэхтээх (өс хоһ.). Атах балай барбыт сылгылар эһэ-бөрө сиэҥэ буолбуттар. Күннүк Уурастыырап
Эһэ-бөрө кэлиэ диэн олорор сирим уҥа, хаҥас өттүгэр өссө икки кулуһуну отуннум. ЕМП БС
♦ Эһэ-бөрө буолла көр эһэтин-бөрөтүн киллэрдэ
Мантан сылтаан уордайбыт оҕонньор дьиэ кэргэттэригэр эһэ-бөрө буолан тиийдэ. И. Никифоров
Эһэ-бөрө дойдута көр дойду. Иирэлээх үрэх баһыгар, Эһэ-бөрө дойдутугар, Мин итэҕэйбит санаабар Куорат бэрдэ ситэн турар. С. Данилов
Сотору …… Туоллаҥа диэн кэдэрги үрэххэ, эһэ-бөрө дойдутугар киирэн, эмиэ бу курдук соҕотоҕун түҥкэлийиэ. Болот Боотур
Өнөр үрэҕэ, Ньырычыма, Чымараагы, Дьэли диэн аатырар сирдэр быраҕыллан, эһэ-бөрө дойдута буоллулар. «ХС». Эһэтин-бөрөтүн киллэрдэ — суостанна-суодалланна, ынырык быһыыланна. ☉ Негодовать, разъяряться (букв. он впустил [в себя] своих медведя и волка). Тойоммут, үлэ табыллыбатаҕын истэн, эһэтин-бөрөтүн киллэрдэ
Якутский → Якутский
эһэ-бөрө
Еще переводы: