туохт.
1. Кимнээҕи эмэ кытта тугу эрэ түҥэтин, түҥэттэн ыл. ☉ Делить, разделять, распределять что-л. между кем-л.
Ол булчут тугу бултуурун бары үллэстэн сиэн олороллор, булт суох буоллаҕына бары хоргуйа олороллор. А. Софронов
Тохороон Баһылай икки кырбас лэппиэскэлээҕин тоһута тутан үллэһиннилэр. Амма Аччыгыйа. Ойуун муспут баайын үллэстэннэр, уолаттар олус баай эбиттэр. Суорун Омоллоон
2. Туох эмэ билэргин (хол., сонуҥҥун), ис санааҕын эбэтэр үөрбүккүн-хомойбуккун атын дьоҥҥо биллэр, тиэрт. ☉ Делиться с кем-л. новостями, мыслями, чувствами (напр., радостью, горем)
Соҕотох киһи сатаан да үөрбэт. Атын киһилиин үллэһиннэххэ эрэ киһи үөрүүтэ ситэр-хотор эбит. Н. Лугинов
Бырааһынньыктарын бииргэ атаараллар, ахтылҕаннаах дойдуларын сонуннарын үллэстэллэр. ӨӨ ДДьДТ
Микииппэр кэргэнин сүтэрэн тулаайахсыйбыта, санаатын үллэстэр киһитэ суох буолан, дууһата муунтуйбута. «ХС»
3. Тус-туспа арааран, аҥыы-аҥыы тыыран үллэр (хол. үлэни). ☉ Распределить что-л. (напр., работу) между кем-л.
Хас да олоҥхоһут түмсэ түстэхтэринэ, оруолунан үллэстэн, бүтүн олоҥхону толороллоро. Суорун Омоллоон. Үлэбитин үллэһиннибит: Огдооччуйалаах Настаа [бурдугу] баайдылар, атыттар наар быстыбыт. С. Маисов
Кэргэнниилэр арахсыылара чаастатык дьиэ иһинээҕи үлэни-хамнаһы тэҥҥэ үллэстибэттэн тахсар. «Кыым»
♦ Уостарынан үллэстэллэр — кими да баттаабакка, тэбис-тэҥҥэ үллэр (туох эмэ аһы). ☉ Делиться с кем-л. едой поровну, никого не обделяя (букв. распределять по губам)
Өйүө астарын тобоҕун уостарынан үллэстэллэр. Н. Якутскай
Оннук булду [тайах этин] бука бары уостарынан үллэстэн сииллэрэ. А. Сыромятникова
Ити мин икки бургунаһым үүтүн уоспутунан үллэстэн олоробут. С. Никифоров
Якутский → Якутский
үллэһин
Якутский → Русский
үллэһин=
делить, поделить, разделить что-л. между кем-л.; булпутун тэҥник үллэһиннибит мы поделили свою добычу поровну.
Еще переводы: