рысь || рысий; үүс бэргэһэ рысья шапка.
Якутский → Русский
үүс
Якутский → Якутский
үүс
- аат., түөлбэ. Бэдэр. ☉ Рысь
Үүс саамай тупсан сылдьар кэмигэр сэттэ төгүл сэттэ Толбонноох буолар — тириитэ. С. Зверев
Үүс курдук чөкөтүк туттардыын, Үрүнэнтэбэнэн сылдьардыын Үчүгиий-үчүгэй да этэ Үөдүгэй киһитэ Микиитэ! П. Тобуруокап
Ичигэс уонна кырасыабай түүлээхтэринэн саарба, үүс, кырынаас, буобура уонна быыдара буолаллар. НЛН ББ - даҕ. суолт. Бэдэр тириититтэн тигиллибит. ☉ Сшитый из рысьей шкуры, рысий
Ымыы курдук ырыалаах, Далбарай курдук саҥалаах, Саарба тириитигэр саспыт, Үүс тириитигэр үлбүрүллүбүт. Оһуор иһигэр олоҕурбут Суоһалдьыйа Толбонноох диэн суос соҕотох кыыстаахтара эбитэ үһү. Саха фольк. Үүс таҥастаах өттө Үлүйэр диэни билбэтэ, Эһэ-бөрө үтүлүктээхтэр Эттэрэ да аһыйбата. С. Зверев
Туллукчаан үүс суорҕанын Киэр хаһыйаат, сүүрэн тахсар, Тугун бэрдэй, дьиктитэй. Тулата сап-сандаархай. И. Гоголев
Өргөстөөх (муостаах) үүс бэргэһэ. НБФ-МУу ОТАТ
ср. чулым., тув., хак. үс ‘рысь’
үүс-аас
даҕ., фольк. Саха былыргы итэҕэлинэн, саамай үрдүкү таҥараны, Үрүҥ Айыы Тойону, ойуулуур эпиитэттэртэн биирдэстэрэ: сырдык, ыраас. ☉ Один из эпитетов верховного божества якутской мифологии Үрүҥ Айыы Тойона: светлый, чистый
Үүс-аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон Үрүҥ туналы тыына Үйэҕит тухары Үрүт өттүгүтүнэн Үөдэн ууһуттан Күрүөтүү көтө турдун. Өксөкүлээх Өлөксөй
Эппит эгэлгэҥ Этэр дьаралык буолан, Хоһуйбут хоһоонун Хобо чуораана буолан, Үрдүк халлаан оһуутугар Өрө көтөн тахсыбытын, Үүс-аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы истэн, Анды сымыытын саҕа Араҕас илгэни ыытта. С. Васильев
Еще переводы: