Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөгүлээ

туохт.
1. Улаханнык, тоҕо баран хаһыытаа. Громко кричать, вопить
«Хааннаах ыт!» — Байбал утары үөгүлүү түһэр. Амма Аччыгыйа
Тыаҕа чыс чыыбырҕаата, ыраах кулгаахтаах үөгүлээтэ. Далан
«Кэлиҥ! Ханна бардыгыт?!» — диэн үөгүлээтим. Т. Сметанин
2. Улахан дорҕоонноох тыаһы таһааран сигналла биэр (хол., борохуот гудогун этэргэ). Дать звуковой сигнал гудком, сиреной и т. п. Борохуот аал …… Үс төгүл төхтүрүйэн, Үлүгэрдээх баҕадьытык Үллэн туран, Үллэ-үллэ үөгүлээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Күн ортото биир ааһыыта «Генерал Синельников» [борохуот] икки төгүл үөгүлээн бытарытар. Н. Якутскай
Сэттэ чааска, улуһан, Сириэнэ үөгүлээтэ. Күннүк Уурастыырап

Якутский → Русский

үөгүлээ=

кричать, вопить; кутталыттан үөгүлээтэ он завопил от страха; үөгүлээн ыл = позвать кого-л. криком, крикнуть кому-л. подзывая.


Еще переводы:

аукать

аукать (Русский → Якутский)

сов. и несов. үөгүлээ.

үөгүлэт=

үөгүлэт= (Якутский → Русский)

побуд. от үөгүлээ =.

взывать

взывать (Русский → Якутский)

несов. к кому-чему, о чём үөгүлээн ыныр; көрдөһөн үөгүлээ, ааттас; взывать о помощи көмө көрдөһөн үөгүлээ.

үөгүлэс=

үөгүлэс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от үөгүлээ =; ыҥырсан үөгүлэстилэр они перекликались.

өксөкүлүү

өксөкүлүү (Якутский → Якутский)

сыһ. Өксөкү курдук, өксөкүгэ маарынныырдык (үөгүлээ). По-орлиному, как орёл (кричать)
Бастакы сэргэтэ өксөкүлүү баҕыргыыр. ПЭК ОНЛЯ I
Эбэ хотуммун Өҥөйөн туран үс төгүл Өксөкүлүү үөгүлээбитим. И. Гоголев

үөгүлээхтээ

үөгүлээхтээ (Якутский → Якутский)

үөгүлээ диэнтэн атаах. [Иккис кыыс:] Үөрүүлээҕин кытары Үөрдүһэн барарыгар Үрүҥ күн үтүөтүнэн Үөгүлээхтээн хаалыаҕыҥ. А. Софронов

кличет

кличет (Русский → Якутский)

гл
үөгүлээн ыҥырар

үөгүлэһии

үөгүлэһии (Якутский → Якутский)

үөгүлэс диэнтэн хай
аата. Ыһыы-хаһыы, үөгүлэһии суох. Н. Лугинов
Тордоҕун таһыгар киһи бөҕөтө үмүөрүспүт, ньамалаһыы, үөгүлэһии быыһыттан ытыыр саҥаны кини тута арааран иһиттэ-истээт, эмискэ кубарыс гыммыт. С. Курилов (тылб.)

ханталдьый

ханталдьый (Якутский → Якутский)

хантай диэнтэн арыт
көстүү. Халлаан диэки харахтанан Ханталдьыйыа суохтааххын. Ф. Софронов. [Холорук чыычааҕы] Хаһыытаатар ханталдьыйбат, Үөгүлээтэр өндөлдьүйбэт, «ХС»

орет

орет (Русский → Якутский)

гл
хаһыытыыр, үөгүлүүр; орулуур; сарылыыр