1) ходить стадом, табуном; собираться в стадо, табун, стаю; хаастар бараары үөрдээбиттэр гуси собрались в стаю, чтобы улететь; 2) ходить во главе стада, табуна; лететь во главе стаи; собирать стадо, табун, стаю; атыыр биэ бөҕөнү үөрдээбит жеребец собрал большое стадо кобылиц.
Якутский → Русский
үөрдээ=
Якутский → Якутский
үөрдээ
туохт.
1. Үөргэ холбос, үөрүнэн сырыт. ☉ Собираться в стадо, табун, стаю
Кыһыл көмүс күһүн. Саха сиригэр билигин кустар бараары үөрдээн эрдэхтэрэ. Т. Сметанин
Күһүн сүөһү үөрдээн сылдьар. И. Сосин
Моҕотойдор хаһан да үөрдээн сылдьааччылара суох. «Чолбон»
Тоноҕосчут ардах кэлээри гыннаҕына үөрдүүр. И. Сосин
2. Үөр оҥор, үөргэ холбоо (сүөһүнү, ордук сылгыны этэргэ). ☉ Собирать в стадо, табун (обычно о скоте)
Сылгыны үөрдээн иитиигэ үлэлэрин кэпсээбиттэрэ. В. Протодьяконов
Субан сүөһүлэри оттоммут алаастарга хаайан эбэтэр хас эмэ сүүһүнэн сүөһүнү үөрдээн, үмүөрэ сылдьан мэччитэллэр. С. Васильев
Атыыр үөрүн муус устар бүтэһигиттэн саҕалаан үөрдүүр ордук. ААФ КС
Еще переводы: