Якутские буквы:

Якутский → Русский

өйөнөрдөөх

имеющий спинку; с... спинкой (о стуле, диване и т. п.); өйөнөрдөөх сыарҕа сани со спинкой.

Якутский → Якутский

өйөнөрдөөх

даҕ. Көхсүлээх (хол., сыарҕа). Имеющий спинку, со спинкой (напр., о санях)
Арҕаа диэки көрө түспүтэ: кырааскалаах аарыктаах дугалаах, өйөнөрдөөх доруобуна сыарҕалаах икки бэрт аттар түһэн иһэллэр эбит. Эрилик Эристиин
[Андриан оҕонньор] өйөнөрдөөх олоппоско иттэннэри соҕус түһэн кэбистэ. М. Доҕордуурап
Остуол ыксатыгар, эркини сырса, өйөнөрдөөх ыскамыайка, остуол биир туорайыгар уонна бэтэрээ ойоҕоһугар олоппостор. «ХС»


Еще переводы:

шезлонг

шезлонг (Якутский → Русский)

шезлонг (тиэрэ туһэр өйөнөрдөөх чэпчэки кириэһилэ).

шезлонг

шезлонг (Русский → Якутский)

м. шезлонг (тиэрэ түһэр өйөнөрдөөх чэпчэки кириэһилэ).

олоппос

олоппос (Якутский → Якутский)

аат. Олорорго аналлаах өйөнөрө суох эбэтэр өйөнөрдөөх дьиэ тэрилэ. Табурет, табуретка; стул. Талах олоппос. Өйөнөрдөөх олоппос. Дүлүҥ олоппос. Олоппоско тиэрэ түс
Оронуттан туран, муостаҕа түөрт атаҕынан дьөлө дьуоҕарбыт курдук халымааргы либиэй курдук олоппоско олордо. П. Ойуунускай
Тиэхэнэп өйөнөрдөөх олоппоско тиэрэ түһэн олорон, Уйбаан Уоһукабыһы сэмэлээбиттии көрөр. Н. Якутскай
Ыалдьыт уот кытыытыгар кэлэн сэлээппэтин уһулла уонна төгүрүк дүлүҥ олоппоско олорунан кэбистэ. С. Никифоров
Абааһы олоппоһо көр абааһы
Ылыҥ, тэҥнэһиҥ! Пахай, сыалай биир тутумунан намыһаххын. Абааһы олоппоһо, туораа-туораа. Э. Соколов

бакырыбаала

бакырыбаала (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Туох эмэ (хол., орон) сабыыта буолар таҥас. Покрывало
Түгэх хос сып-сырдык. Онно сиэркилэлээх хомуот, муус маҥан бакырыбааланан сабыллыбыт килбэчиҥнэс тимир кырабаат, өйөнөрдөөх икки олоппос. Л. Попов

истэн абыран

истэн абыран (Якутский → Якутский)

көр абыран
5
Тиэхэнэп өйөнөрдөөх олоппоско тиэрэ түһэн олорон, Уйбаан Уоһукабы сэмэлээбиттии көрөр: Ити баар, истэн абыран! Н. Якутскай
«Истэн абыран! Аҕаҥ адьас да умнубат», - диир Федора Титовна, кэргэнин диэки сэмэлээбиттии көрөн ылаат. «ХС»

хаһыаҥка

хаһыаҥка (Якутский → Якутский)

хаһыаҥка сыар- ҕа — акка көлүйүллэр өйөнөрдөөх хоппо сыарҕа. Лёгкие сани для выезда, кошёвка
Леналаах дьиэлэрин таһыгар хаһыаҥка сыарҕалаах ыас хара ат халыһыйан кэлбитэ. П. Аввакумов
Оппоос аҕата, хаар түстэр эрэ, атын көлүнэн хаһыаҥка сыарҕанан айаннааччы. В. Тарабукин

кириэһилэ

кириэһилэ (Якутский → Якутский)

аат. Өйөнөрдөөх, икки өттүнэн тоҕонох уурардаах олорорго аналлаах сымнаҕас олбохтоох дьиэ тээбиринэ. Кресло
Сымнаҕас кириэһилэ. — Үрдүк өйөнүүлээх кириэһилэҕэ моорук буолбут …… оҕонньор олорор. Суорун Омоллоон
Максим куталдьыгас сымнаҕас олбохтоох кириэһилэҕэ сэрэнэ соҕус олордо. Н. Лугинов. Киирэр ааҥҥа Кириэһилэ олоппоско …… Кэри-куру олордохпуна, Сахалыы саҥа Саамал кымыс курдук Сайа охсон киирдэ. И. Федосеев

тайанар

тайанар (Якутский → Якутский)

аат. Тутуһар сыҥаһа (кирилиэскэ), тоҕоноҕу уурарга оҥоһук (кириэһилэҕэ). Перила; подлокотник (напр., у кресла)
Чуокааннаах дуга өйөнөрдөөх, Тэрээк сүгэ ныкыркай уга Тоҕонох уурар тайанардаах, Толомон киппэ кириэһилэни Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ дьэ кини, Дьон көрүүтүгэр син туруорара. М. Тимофеев
Кирилиэс тайанарын устун сырылаан түһэн, аҕатын кэбиниэтин аана сэгэйэн турарынан өҥөйөн көрдө. НН ЛОС
Хоско аллараа мэндиэмэнтэн кэтит тайанардаах мас кирилиэс тахсар. НМВ ССРСИ

кэтэхтээх

кэтэхтээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Кэтэх оҥоһуллубут, кэтэх тигиллибит (бэргэһэ); өйөнөрдөөх (олох мас). Имеющий пришитый задник (о шапке); имеющий спинку (о стуле)
Маайа мааны таҥаһын бастыҥын: бэдэр кэтэхтээх, буобура тулалаах …… дьабака бэргэһэтин кэтэртилэр. Н. Якутскай
Куортуктаах сонун кэтэн, кэтэхтээх олох маска тиэрэ түһэн, үрдүк арҕаһа сүгүллэн, түөһэ мөтөллөн олорор. И. Никифоров
2. көсп. Кэтэх санаалаах, киитэрэй. Имеющий задние мысли, хитрый
Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах (өс ном). Кэнэйдэһэн түҥнэрсии Кэнчээрини кэҕиннэрэр Кэтэхтэрдээх эбит! Р. Баҕатаайыскай
Мэниктээмэ, Устин, олус кэтэхтээх, силистээх, ыар дьыаланы ырытабыт. Н. Габышев

хаһыма

хаһыма (Якутский → Якутский)

аат. Боолдьох улахан лоскуйа; боолдьох тэллэх. Большой кусок войлока; войлочная подстилка, кошма
Дьаамсыкка, буоста таһааччыга уонна буостаны кытта айанныыр дьоҥҥо хайаан даҕаны түҥ бүтэй гына хаһыманан эбэтэр бириһиэнинэн бүрүллүбүт кибииккэ сыарҕа, хааһах баар буолуохтаах үһү. В. Протодьяконов
Уҥа диэки хайыы-үйэ хаһыма тэлгэммит, хаһымаҕа суорҕан ууруллубут. Эҕэрдэ СС
Илин муннукка таҥара олоҕун иннигэр үрүҥ хаһыманы тэлгэппиттэрэ. С. Сарыг-оол (тылб.)
Хаһыма сыарҕа — кэннигэр өйөнөрдөөх, хаһыманан бүрүллүбүт чэпчэки сыарҕа. Лёгкие сани, обтянутые, утеплённые кошмой
Тойон сэргэ тэлгэһэтигэр уонтан тахса хаһыма сыарҕа тартарыллыбыт. ИН ХБ
Кыргыттар, кыбыста-кыбыста, хаһыма сыарҕаҕа олордулар. «ХС»