многокр. от өл =.
Якутский → Русский
өлүтэлээ=
Якутский → Якутский
өлүтэлээ
өл I диэнтэн төхт
көрүҥ. Бөрөлөр, эмискэ сулбу ыстанабыт диэн, кутуруктарын муус хам ылан тоҥмутуттан систэрин үөһүн быһыта тыытан, өлүтэлээн хаалбыттар. Саха фольк. Онон-манан дьон хоргуйан өлүтэлээбиттэр. Эрилик Эристиин
Еще переводы:
помёрзнуть (Русский → Якутский)
сов. разг. үлүйэн өлүтэлээ, дэлби үлүйэн хаал, хаһыҥнаа; цветы помёрзли сибэккилэр дэлби үлүйэн хаалбыттар.
хоргуйаахтаа (Якутский → Якутский)
хоргуй диэнтэн атаах. Туох да буруйа суох дьон кирдээх, тымныы, хараҥа хаамыраларга хоргуйаахтаан, ыалдьан өлүтэлээбиттэрэ
уолуйуу (Якутский → Якутский)
уолуй диэнтэн хай
аата. Уолуйуу бөҕөнү уолуйан, соһуйуу бөҕөнү соһуйан, дьон саҥата суох олорбохтоотулар. Амма Аччыгыйа
Бииртэн биирдэрэ өлүтэлээн өстөөхтөр уолуйуу бөҕөнү уолуйбуттар. Багдарыын Сүлбэ
Бойобуой быһыыга-майгыга уолуйуу, куттаныы, чугуйуу суох буолуохтаах. «ХС»
сулбу (Якутский → Якутский)
сыһ.
1. Тугу эмэ оннуттан түргэнник араара охсон (араара охсоору), күүскэ. ☉ Быстро, резко, энергично (отделять, срывать, вынимать что-л.)
Эдэр киһи кумааҕыга халыҥнык сууламмыт харчыны бүрүүкэтин кэлин сиэбиттэн сулбу ойутан таһаарда. Амма Аччыгыйа
Сонун ис сиэбиттэн ыраас былааты сулбу тардан ылан сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотунна. П. Филиппов
Иван үөккэ ыйанан турар сүр модьу, модороон уктаах хотууру сулбу таһыйан ылла. Э. Соколов
2. Сүр түргэнник, түргэнник хамсанан. ☉ Быстро, резким движением, рывком
Онуоха бөрөлөр, эмискэ сулбу ыстанабыт диэн, кутуруктарын муус хам ылан тоҥмутуттан систэрин үөһүн быһыта тыытан, өлүтэлээн хаалбыттара. Саха фольк. Ылдьаа тиэтэйбиттик оронуттан сулбу ойон турбута. Н. Заболоцкай
«Һуу, бу тугу истэбин?» — диэн дьиэлээх эмээхсин үөгүлүү түһээт, сулбу ойон турбута. Дьүөгэ Ааныстыырап
△ Туохха да саараабакка, тохтообокко. ☉ Прямо, напрямик
Учуутал сулбу хааман кэлэн кинээстээх иннилэригэр турунан кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Биир милииссийэ таҥастаах хатыҥыр эдэр дьахтар киирэн кэлэн остуолга сулбу ааста. Н. Заболоцкай
Биэс уруок кэнниттэн кылаас чааһыгар сылдьыбакка сулбу дьиэлээтэ. И. Сысолятин
♦ Сулбу түс кэпс. — кылгас кэмҥэ харахха быраҕыллар гына ыр, дьүдьэй. ☉ Сильно, резко, заметно похудеть, исхудать за короткий срок
Дириэктэри көмүүгэ Өлөксөөндүрэ кыыһа Аана кэлбит. Хайдах эрэ сулбу түһэн, урукку кыыс дьүһүнэ хаалбатах. Н. Босиков
Сулбу түһэн ырда-дьүдьэйдэ. Бу ыйдарга Макпаз аан бастаан олох туһунан, ол мээнэ буолбатаҕын ырытан санаата. «ХС»
Ньукуу бу кэлин аҕыйах хонук иһигэр хайдах эрэ эмискэ сулбу түстэ, наар сөтөллөн хахсайар, түүнүн өргө диэри утуйбакка эрэйдэнэн эргийэр-урбайар. А. Кривошапкин (тылб.)
◊ Сулбу түс кэпс. — 1) сатаан тутуллубакка аллара диэки түс, сулбуруй (ким эмэ кэтэ сылдьар таҥаһа, хол., ыстаана). ☉ Спадать, сползать (напр., о штанах)
Хааһах саҕа хайыттыбыт хара ыстаана сулбу түспүт, кулуһуну холбуу тутан кур оҥостубут. Эрилик Эристиин
Кини букатын даҕаны бэстилиэтэ суох эбит, ыстаана сулбу түһэрин уҥа илиитинэн тутан испит. Т. Сметанин; 2) түргэнник, дьулуруччу бар. ☉ Помчаться, понестись
[Таня] ат сулбу түһэн дьулуруччу хааман бардаҕына, тэһиинин холкутатар. Л. Попов
Хайатын бу курдук тыа устун айаннаан иһиэхпитий, айан суолугар киирэн сулбу түһэн хаалыаҕыҥ. Эрилик Эристиин
Улаан иннин диэки сулбу түһэн кэбистэ. Н. Заболоцкай
сүүрүк (Якутский → Якутский)
I
аат. Намыһах сир диэки устар уу халҕаһата, уу устар хайысхата. ☉ Поток воды, течение
[Борохуот аал] Күүстээх күөнүнэн Күтүр сүүрүгү Көҥүтэ үтүрүйэн, Күөстүү үлүннэрдэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Били үнүргү уу өссө эбиллибит. Быһыт уутун сүүрүгэ куп-куугунас, ньип-ньирилэс буолбут. Суорун Омоллоон
Кинилэр өр эрдэн хойдубут мууһу, сүүрүгү кытта охсуһан, сыыр аннын нэһиилэ булбуттара. Н. Заболоцкай
♦ Сүүрүк хоту уһун — олоххо туох да сыала суох буол, дьон санаата, олох долгуна хайа диэки охсорун хоту олор, сырыт. ☉ соотв. плыть по течению. Олоххо сүүрүк хоту устар аҕыйаҕа суох буолааччы
□ Арай кыайбатыҥ, сатаабатыҥ суох, аҥаар кырыы элэҥнэтэн иһэҕин, арыт ыһыктынан, сүүрүк хоту устаҕын. Н. Лугинов
Кини сүүрүк хоту ханна уонна тоҕо устара биллибэт сүрэҕэ суох, ээл-дээл киһи этэ. А. Чехов (тылб.)
ср. ДТС йүгрүк ‘быстрый, скорый; бегущий, стремящийся’
II
1. аат., спорт.
1. Сүүрүүнэн дьарыктанар киһи, сүүрүүгэ идэтийбит киһи. ☉ Бегун. Үс сүүрүк сырсыбыттар: Авдеев, Васильев уонна Семёнов
□ Кууһума эдэр эрдэҕинэ сүүрүк, кылыыһыт, сытыы киһи этэ. «ХС»
2. Сүүрэр дьоҕурдаах сылгы. ☉ Скакун
Бурхалей сүүрдэҕин аайы өссө кэҥээн, орловскай сүүрүк муҥутуур ойуутунан аргыстаһан бара турдулар. Эрилик Эристиин
Ойуур кэриитигэр хахха сиргэ уон сэргэҕэ уон араас сылгылар: атыырдар, биэлэр, сүүрүктэр, дьоруолар, тардыылаах аттар баайыллыбыттар. И. Данилов
Ипподромҥа бу ый уон күнүттэн «Хатас» сопхуос сүүрүктэрин киллэрэн эрчийэ сылдьар. «Кыым»
2. даҕ. суолт. Түргэнник сүүрэр, сүүрэр дьоҕурдаах. ☉ Быстро бегающий
«Сүүрүк киһи эбиккин, доҕор!» — диэтэ Ньукулай. Амма Аччыгыйа
Харсыһыылаах оҕустаах киһи сүүрүк аттаах курдук аатырара. Далан
Улуу Хоро диэн сүүрүк оҕустаах оҕонньор, илин диэкиттэн көһөн киирэн иһэн, оҕуһунан Аллан өрүһүн кэстэрэн көрөр да, оҕуһа дириҥэ бэрт буолан кыайан туораабат. БСИ ЛНКИСО-1994
♦ Үрүҥ <хара> сүүрүк фольк. — элбэх ахсааннаах сүөһү үөрэ (сылгы, ынах). ☉ Бесчисленное множество скота (конного и рогатого)
Үгүс элбэх ахсааннаах үргүүк үрүҥ сүүрүгү көрбүтүм эбээт. Ол тухары маннык сүрдээх киэптээх сылгыны көрө иликпин эбээт! Саха фольк. [Элбэх дьон кэллэҕинэ] Кэлбит кэриэс сирбитигэр Кэлбэккэ кэбэлийиэхпит, Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо Үрүйэ быыһыгар өлүтэлиэ, Хара сүүрүкпүт тобоҕо Хара сыбарга хампарыйыа. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьэ ол сахтан иитэр сүөһүбүт Үрүҥ, хара сүүрүгэ эбэ хотуммут Ис, тас хочолорун устунан Сааскы халаанныы дэбилийбитэ. И. Гоголев
ср. тюрк. йүгүрүк ‘быстро бегающий; скакун, беговая лошадь’