даҕ. Өһөс соҕус. ☉ Менее упрямый, менее настойчивый
Наум тимиччи олорбут өһөстүҥү харахтарыгар күүстээх санаа толбоно охсулунна. А. Фёдоров
Киэҥ, хап-хара өһөстүҥү харахтаах киһи. Н. Заболоцкай
Сүктэриллибит үлэҕэ мындыр, өһөстүҥү, дьүккүөрдээх. «ХС»
Якутский → Якутский
өһөстүҥү
өһөс
I
туохт. Киһи этэрин истибэт, киһи тылыгар киириммэт майгылаах буол. ☉ Упрямиться
[Алааппыйа:] Бу манан эмиэ иҥэрэн кэбиспит. Дьэ үчүгэй сордоох доҕор! Соруйан өсөһөн дьаабылыыра буолуо. А. Софронов
Өһөстөрбүн даҕаны, соҕотоҕун хаалан баран, кырдьыга, улаханнык кыраҕыйбытым. Далан
♦ Өһөс да чирэс — хайаан даҕаны. ☉ Непременно, несмотря ни на что, чего бы это ни стоило, во что бы то ни стало (букв. упорствовать и упираться)
Өһөс да чирэс, мантан антах мин анаан эйигинэн дьарыктаныам. Софр. Данилов
ср. алт., кирг. өчөш ‘злобствовать, сердиться’
II
1. даҕ. Киһи этэрин истибэт, ылыммат, киһи тылыгар киириммэт. ☉ Упрямый
Кини санаатыгар тамыйахпыт өһөс, ынахпыт тэбиик эҥин үһүлэр. Н. Неустроев
Өрүү ымманыйа ордук саныам Албын тылы биирдэ да эппэтэх, Эрэйгэ иннин биирдэ да биэрбэтэх, Өлүүтүгэр өлөн да баран өлбөтөх, Өҕүллүбэт өһөс киһини. С. Данилов
2. аат суолт. Өһөс быһыы-майгы, киһи тылыгар киириммэт, киһи тылын ылыммат быһыы-майгы. ☉ Упрямство
[Маайа:] Сорох ардыгар өһөспөр араас айыыны оҥостуохпун саныыбын, син биир балыйалларын курдук балыйыа этилэр. А. Софронов
Аны дьукаах булуммакка, Адьас собус-соҕотоҕун, Өсөһүгэр, ыал буолан, Өтөҕүгэр олорбута. Күннүк Уурастыырап
«Ити! – Ларьяна күллэ. Мин эппитим кэллэ дии: Эн биһикки иккиэн улуу өһөстөрбүт». Р. Баҕатаайыскай
♦ Өһөс хаанын киллэрбит (хааннаммыт) — наахара хаанын киллэрбит диэн курдук (көр наахара)
Тогойкин булгуччу аккаастанар, бэйэтин хаатыҥкаларын көрдүүр санаанан, өһөс хаанын киллэринэн олордо. Амма Аччыгыйа
ср. алт. өчөш ‘зловредный’, хак. өчес ‘упрямство, упрямый’
Якутский → Русский
өһөс
упрямый; өһөс торбос моонньо быстар погов. упрямой тёлке голову отрывают.
өһөс=
упрямиться, противиться; тоҕо өсөһөҕүн ? почему ты упрямишься?
Якутский → Английский
өһөс
a. stubborn; өһөс= v. to oppose; to be stubborn, obstinate
Еще переводы: