Якутские буквы:

Русский → Якутский

авиаль, авиационный алюминий

авиация тумпаала (магний (0,45-0,9%), кремний (0,5-1,2%), алтан (0,2-0,6%), марганец эбэтэр хром (0,15-0,35%) былааһыктаах уһаарыллыбыт алюминий — көр "ГЕОЛОГИЯ" салаатыгар.)

авиационный

прил. авиационнай, авиация; авиационная промышленность авиационнай промышленность.

авиационный двигатель

авиационнай хамса-тааччы (көтөр аппарааты хамсатар оҥоһук. А. х. үксүн турбовинтовай эбэтэр турбореактивнай буолар.)

автомобильный двигатель

авто-массыына, автомобиль хамсатааччыта (массыынаны хамсатар оноһук — мотуор. Бензининэн үлэлиир мотуордар сур-гуулуктаах (поршень) эбэтэр ротордаах буолаллар, гаа-һынан үлэлээччилэр газотурбиналаахтар, электричество-нан үлэлээччилэр аккумулятор батареялаахтар уо. д. а. араастардаахтар.)

водомет, водометный двигатель

уу тэбэр (ууну быраҕыы күүһүнэн суудунаны уһуннарар оноһук. Уу. т. турба курдук тас быһыылаах. Ол иһинэн уу анал салбах (биинтэ) көмөтүнэн таска быраҕыллар уонна суудунаны иннин диэки анньар.)

воздушно-ракетный двигатель

салгын ра-кетнай хамсатааччыта (салгын реактивная уонна ракетнай хамсатааччылара (воздушно-реактивные н ракетные двигатели) үлэлиир эргиирдэрин (цикл) а. э. уратыларын бииргэ дьүөрэлиир хамсатааччы. С. р. х. сиртэн көтөн тахсыыттан тыастааҕар түргэтнэххэ диэри а. э. салгыннаах араҥаҕа эрэ туһаныллыан сөп.)

воздушно-реактивный двигатель

салгын реактивнай хамсатааччыта (үлэлииригэр (уматыга умайарыгар) салгын кислородунан туһанар реактивнай хамсатааччы (реактивный двигатель). Хамсатааччы уонна сыҕарытааччык (движитель) оруолларын иккиэннэрин толорон биир кэлим үлэлиир. Салгыны ыгар туе па компрессордаах эбэтэр компрессора суох араастардаах (көрүҥнэрдээх). Компрессора суох буоллаҕына компрессор оруолун утары охсор салгын күүстээх сүүрээнэ толорор.)

газовый двигатель

гаас уматыктаах хамсатааччы (гаас уматыгынан үлэлиир ис умайыылаах хамсатааччы. Г. у. х. чүмэчи кыымынан уматыллар эбэтэр убаҕас уматык салгыны кытта булкааһа баттааһынтая умайан барыытыттан үлэлиир. Г. у. х. гаас генератордаах, гаас баллоннаах автомобилларга олордуллар, металлургическай промышленноска, неби хачайдыыр уо. д. а. оҥоһуктарга туһаныллар.)

газожидкостный двигатель

гаас убаҕаһынан үлэлиир, газожидкостнай хамсатааччы (убаҕас турукка кубулутуллубут гааһынан улэлиир хамсатааччы.)

гибридный ракетный двигатель

ГРД ((гиб-риднай ракетнай хамсатааччы, холбоһор уматыктаах ракетнай хамсатааччы) — тус-туһунан (кытаанах уонна убаҕас) туруктаах уматыктар холбоһон умайыыларынан улэлиир уратылаах ракетнай хамсатааччы (ракетный двигатель).)

двигатель

сущ
(м. р.)
хамсатааччы (газ эбэтэр электричество күүһүнэн үлэлиир мотор)

двигатель

  1. тех. хамсатааччы; двигатель внутреннего сгорания ис умайыылаах хамсатааччы; 2. чего хамсатааччы, хаамтарар күүс; двигатель прогресса инники сайдыыны хаамтарар күүс.

двигатель гидравлический

гидравликалаах хамсатааччы (убаҕас сүүрүгун механическай эниэргийэтин хамсатыллар сүһүөх (сургуулук (поршень) aтaҕa эбэтэр баал) механическай эниэргийэтигэр кубулутар механизм.)

двигатель электрический, электродвигатель

электрическэй хамсатааччы (электрическэй күүһү механическайга кубулутар массыына. Э. х. бастайааннай уонна уларыйыылаах сүүрээн хамсатааччылары-гар арахсар, кыамтата Вт сорҕотутган хас эмэ МВт-ка тиийэр.)

двухконтурный турбореактивный двигатель — дтрд

икки куонтурдаах турбореактивная хамсатааччы (киирэр салгыны икки, ис (сурун куонтур) уонна тас, суүрээниэ араарар гаас турбнналаах авиационная хамсатааччы. Сорох кыамтата вентиляторда-ры эбэтэр компрессорнары үлэлэтэргэ ороскуоттанар. И. к. т. р. х. тардар куүһэ салгын уонна реактивнай бэлэстэн түргэтээн тахсар умайыы бородуукталарын сүүрээннэрин анньар күүстэрэ холбоспуттарыттан үөскүүр. Тыастааҕар түргэнник көтөр самолеттарга ордук табыгастаахтык туһаныллар.)

двухтактный двигатель внутреннего сгорания

икки таахтаах ис умайыылаах хамсатааччы (үлэтин толору эргиирэ (цикл) сургуулүк (поршень) икки хаамыытыгар (икки таах), ол эбэтэр тоҕокохтоох баал биир толору эргииригэр оҥоһуллар хамсатааччы. Мотоциклга, уу мотуоругар уонна сорох дизельнэй массыынаҕа туруоруллар.)

инерционный двигатель

тэбиннээх хамсатааччы (тэбиҥнээх аккумулятор — кулахачык (маховик) мунньар- күүһүн туһанан үлэлиир хамсатааччы. Т. х. араас массыыналарга, ол иһигэр транспорт быһыытынан туһа-ныллааччыларга, холобура жиробуска — чугас сырыыга туһаныллар массыынаҕа олордуллар.)

прямоточный воздушно-реактивный двигатель — првд

прямоточнай салгыннаах реактивнай хамсатааччы (уматыга умайарыгар салгын кислородун туһанар реактивнай хамсатааччы. Компрессора уонна турбин am а суох. Онон турбореактивнай хамсатааччытааҕар (турбореактивный двигатель) оҥоһуута судургу, ыйааһына чэпчэки, уматыгын ороскуота аҕыйах. Оннук хамсатааччылаах самолет сиртэн көтөн тахсарыгар көмө °ноһуктаах (стартовое устройство) буолуохтаах.)

реактивный двигатель, двигатель прямой реакции

реактивнай хамсатааччы (уһууран тахсар гаас эбэтэр убаҕас төттөрү анньар күүһүн туһанан үлэлиир хамсатааччы. P. x. уматыга умайарыгар салгын кислородун туһанар уонна туһаммат көрүҥнэрдээх. Маннайгылар салгын-реактивнай (воздушно-реактивный) иккистэр реактивнай хамсатааччылар дэнэллэр.)

стационарный двигатель

олоххо турар хам-сатааччы (хамсаабат бигэ олоххо олордуллубут хам-сатааччы. О. т. х. киирэллэр: дизеллэр, гааһынан үлэлиир уонна карбюратордаах хамсатааччылар.)

турбовинтовой двигатель

турбовинтовой хамсатааччы (салгын аалын хамсатааччыта. Гаас турбинатыттан (газовая турбина) эргийэр салбах уонна уһууран тахсар гаас реактивнай күүһүн (реактивная тяга) иккиэннэрин холбоон тардар күүһү үөскэтэр хамсатааччы.)

турбореактивный двигатель

турбореактив-най хамсатааччы (уматыга умайарыгар салгын кисло-родун туһанар уонна гаас турбияатын (газовая турбина) күүһүнэн салгыны ыгар компрессордаах (компрессорной), уһууран тахсар гаас анньар күүһүнэн үлэлиир хамсатааччы (реактивный двигатель). Салгын аалыгар туруо-руллар.)

четырехтактный двигатель внутреннего сгорания

түөрт таактаах ис умайыылаах хамсатааччы (тононохтоох баал (коленчатый вал) иккитэ эргийдэҕинэ сургуулуга (поршень) түөрт утуу субуу дьайыыны (обо-руу, ыгыы, үлэлээһин, гааһы таһаарыы) оҥорор хамсатааччы.)

двигатель-генераторный агрегат, мотор-генератор

мотуор-генератор (электрическэй хамсатааччы уонна электрическэй генератор бииргэ холбонуллубуттарыттан а. э. таныллыбыттарыттан турар оҥоһук. М. г. металлур-гияҕа, электролитическай баанналары үлэлэтэргэ (питание), электричество биир сүүрээнин атынна (переменный ток в постоянную) кубулутарга о. д. а. туһаныллар.)


Еще переводы:

авиационнай

авиационнай (Якутский → Русский)

авиационный; авиационнай прибордар авиационные приборы.

хамсатааччы

хамсатааччы (Якутский → Русский)

тех. двигатель.

паровик

паровик (Русский → Якутский)

м. (паровой двигатель) барабыык.

малосильный

малосильный (Русский → Якутский)

прил. кыра күүстээх, мөлтөх; малосильный двигатель кыра күүстээх хамсатааччы.

сгорание

сгорание (Русский → Якутский)

с. умайыы; двигатель внутреннего сгорания тех. ис умайыылаах хамсатааччы.

ракетнай

ракетнай (Якутский → Русский)

ракетный; ракетнай хамсатааччы ракетный двигатель; ракетнай сэриилэр ракетные войска.

реактивнай:

реактивнай: (Якутский → Русский)

реактивнай самолёт реактивный самолёт; реактивнай хамсатааччы реактивный двигатель.

тактаах

тактаах (Якутский → Русский)

муз., тех. =тактный; аҕыс тактаах мелодия восьмитактная мелодия; түөрт тактаах хамсатааччы четырёхтактный двигатель.

маломощный

маломощный (Русский → Якутский)

прил. 1. (слабый) кыра кыахтаах, кыра кыамталаах; маломощный двигатель кыра кыамталаах хамсатааччы; 2. (бедный) кыаммат, кыра; маломощное предприятие кыра предприятие.

паровой

паровой (Русский → Якутский)

I прил. 1. паровой, паар, паарынан; паровое отопление паарынан ититии; 2. тех. паровой; паровой двигатель паровой хамсатааччы; 3. (приготовленный на пару) паарга буспут; паровая котлета паарга буспут кэтилиэт.