- даҕ. Ононманан ньымааттаан, үктэтэн бэйэтин сыалын ситиһэр, угаайылаах, үктэтиилээх, киитэрэй. ☉ Достигающий свою цель хитростью, уловками, обманом; хитрый, лукавый
Генерал-губернатор бэйэтэ наһаа албын-түөкэй, киитэрэй киһи этэ дииллэр. П. Филиппов
Арассыыйа сирин иһигэр Албын-түөкэй миэрэни Атаҕар туруордуннар диэн Аҕабыыттары анаабыттара. Эрилик Эристиин
Айахтарга, чуолҕаннарга — Албын-түөкэй аҥаардаах, Нэпман бииһин, үспүкүлээн Дэлэй барбыт эргиэнэ. Күннүк Уурастыырап - аат суолт. Үктэтэн, ньымааттаан, киитэрэйдээн бэйэ сыалын ситиһии; угаайылаах, үктэтиилээх, түөкүн быһыы. ☉ Хитрость, уловка, обман, мошенничество
Кинитэ суох — бу оҕолуу аһаҕас, ыраас сүрэхтээх, албын-түөкэй диэни билбэтэх сырдык санаалаах киһитэ суох — мин бу дойдуга хайдах олоруохпун, үлэлиэхпин санаам хоппот. Софр. Данилов
Якутский → Якутский
албын-түөкэй
Еще переводы: