Якутские буквы:

Якутский → Якутский

аллай

туохт. Акаарытык, аҥалатык айаххын ата сырыт. Глупо, вяло разевать рот
Надежда Алексеевна хараҕын аспыта, иннигэр, сиэркилэҕэ, Нахов, кини санаатыгар, акаары баҕайытык аллайбыт сирэйэ бу мэлэйэн турар эбит. Софр. Данилов
«Атаспыт» Сиэллээхэп эрэйдээх Аҥаарыйа түстэ, Арыгыта да суох Аллайа итирдэ. С. Васильев
Метеостанция радиһа айаҕа аллайан олорон хаалла. Н. Габышев
Күлүм аллай көр күлүм. Мичик аллай көр мичик. Саҥа аллай көр саҥа. Сэһэн аллай көр сэһэн

аллай-чаллай

туохт. Үчүгэйдик тото-хана аһаа-сиэ; аһаан-сиэн, арыгылаан холуочуйан, киһиргээн элбэхтик айаҕалан. Сытно, обильно угощаться, есть; сытно есть-пить, быть навеселе и стать болтливым, хвастливым
Аллайанчаллайан истилэр. Кинилэр саҕа өйдөөхмэйиилээх, кинилэр саҕа күүстээх-уохтаах дьон суох буолтара. М. Доҕордуурап

Якутский → Русский

аллай=

разевать рот, недоумевать; аллайан хаал = стоять с разинутым ртом # күлүм аллай = улыбнуться или засмеяться непроизвольно; саҥа аллай = непроизвольно сказать или воскликнуть что-л.

Якутский → Английский

аллай=

v. to open one’s mouth widely; аллаҕар a. with mouth wide open


Еще переводы:

воскликнуть

воскликнуть (Русский → Якутский)

сов. саҥа аллай.

аллайыы

аллайыы (Якутский → Русский)

и. д. от аллай = # саҥа аллайыы грам. междометие.

просиять

просиять (Русский → Якутский)

сов. 1. сырдаан кэл, күндээр, чаҕылый; 2. перен. (стать радостным) үөрэв сырдыы түс, күлүм аллай.

аллалын

аллалын (Якутский → Якутский)

аллай диэнтэн атын
туһ. Аччыктаан аһаары кэлэннэр, Айахтара аллаллан олорор. П. Ойуунускай

междометие

междометие (Русский → Якутский)

с. грам. саҥа аллайыы.

восклицание

восклицание (Русский → Якутский)

с. саҥа аллайыы.

аллаҕар

аллаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Айаҕын атан сылдьар (үксүгэр акаары, аҥала киһи тас бэлиэтэ). С постоянно разинутым ртом (внешний вид глупого, тупого человека)
«Мичийэ аллайан» — диэн минньигэстик эппиппэр, «аллайан буола-буола, айаҕа аллаҕар дуо?» — диэбитэ. П. Ойуунускай
Тугу билиэй — ол аллаҕар саллаат. Н. Габышев

аллас гын

аллас гын (Якутский → Якутский)

аллай диэнтэн көстө түһүү. Алдьаммыкка дылы Амаан-дьамаан айаҕа Ахпа-дьахпа курдук Аллас гына түстэ. П. Ойуунускай

баара буоллаҕына

баара буоллаҕына (Якутский → Якутский)

көр ол оннугар
Сирэйиттэн биир тымыр тардан ибир гыммата, хата, баара буоллаҕына, үөрэн саҥа аллайа түстэ. П. Ойуунускай

уорастыйыы

уорастыйыы (Якутский → Якутский)

уорастый диэнтэн хай
аата. Ыларов хонтуоратааҕы уорастыйыыта тута көтөн хаалла, сирэйэ итийбэхтии-итийбэхтии, …… күлүм аллайа турда. Р. Баҕатаайыскай