Якутские буквы:

Русский → Якутский

баран

сущ.
хой
стадо баранов - хой үөрэ

баран

м. бараан; горный баран чубуку.

баран горный

сущ
чубуку

горный

прил. 1. хайа; горное ущелье хайа хапчаана; 2. (гористый) хайалаах; горная страна хайалаах дойду, хайа дойду; 3. (относящийся к разработке земных недр) хайа; горная промышленность хайа промышленноһа.

бар

I м. (ресторан) бар (кыра ресторан).
II м. метеор, бар (атмосфера баттааһынын единицата).

Якутский → Русский

баран

частица 1) модальная, выражает отрицание с оттенком неодобрения: ким сөбүлүөн баран? кто же (это) одобрит?; кому же (это) понравится?; аҥардас сыа баран ас буолуо дуо? один только жир разве еда?; оҕоҕо баран туох сыаналаах бэлэҕэй? зачем ребёнку дорогие подарки?; ср. буоллаҕай; 2) выделит.-то; оҕо баран сылайар буоллаҕа дии ребёнок-то устаёт, конечно; эйигин баран ким билиэҕэй ? тебя-то кто узнает?

бар

I подр. резкому неожиданному звуку, напр. падения тяжёлой массы в воду: бар гына ууга түстэ он с шумом бултыхнулся в воду # сүрэҕэ бар гына түстэ у него сердце ёкнуло.
II бар дьон все люди, весь народ; бар дьон дьолун туһугар за счастье всех людей.
III бар кыыл фольк. 1) беркут; 2) сказочная птица.

бар=

1) идти, ходить, уходить; уезжать; отправляться; кини үлэтигэр барда он ушёл на работу; мин үөрэнэ барыам я поеду учиться; борокуот биэрэктэн барда пароход удалился от берега; сатыы бар = идти пешком; 2) перен. идти; уходить; манна икки күнүм барда на это у меня ушло два дня; үлэ үчүгэйдик барар работа идёт хорошо; кини аата барда о нём распространилась дурная молва; олох үчүгэйдик барар жизнь идёт хорошо; 3) перен. идти, быть к лицу; бу бэргэһэ эйиэхэ бэркэ барар эта шапка тебе очень идёт; 4) перен. становиться вкусным; становиться наваристым; эт миинэ барбыт суп стал вкусным, наваристым; чэй барбыт чай заварился; 5) эвф. умирать, кончаться; оҕонньорбут барда старик умер; тута бар = умереть сразу, мгновенно; 6) в сочет. с деепр. на =ан основного гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает начало действия: сытан бар = начать ложиться; олорон бар = начать садиться; үлэлээн бар = начать работать; ытаан бар = заплакать; ааҕан бар = начать читать; киэһэрэн барда вечереет; 7) в сочет. с прич. на =быт в орудн. п. выражает ускоренность или поспешность начала действия: аһаабытынан барда он сразу начал есть; хаампытынан барда он сразу зашагал; 8) в сочет. с нареч. выражает резкость и внезапность действия: тиэрэ бар= опрокинуться на спину; умса бар = упасть ничком; быһа бар = лопнуть, внезапно порваться; хайа бар = треснуть, внезапно расколоться; көҥү бар = обрушиться, обвалиться, внезапно рухнуть; 9) в ф. деепр. на =ан выступает в роли союза с временным знач. после того, как...; баран баран, кэлэ илик после того, как он ушёл, он больше не приходил; этэн баран, өйдөөтүм я понял после того, как сказал; эрэннэрэн баран, албынныам суоҕа раз уж я обнадёжил, я не обману.

баран=

страд. от бараа = иссякать, истощаться, кончаться, израсходоваться; мас баранна дрова кончились; харчы баранна деньги израсходованы.

Якутский → Английский

баран

pp. after

бар

ono. Roar!; бар гын= v. to roar

бар=

v. to brew (of tea)

бар=

v. to go, leave, depart; барыы n. departure, leaving; кэлии барыы n. coming and going; =ан бар= conv. to start to do something; =бытынан бар= conv. to immediately do something


Еще переводы:

чубуку

чубуку (Якутский → Русский)

горный баран, архар.

рельеф

рельеф (Якутский → Русский)

рельеф; хайа рельебэ горный рельеф.

хайалаах

хайалаах (Якутский → Русский)

гористый; горный; хайалаах сир гористая местность; хайалаах дойду горная страна.

тур

тур (Русский → Якутский)

II м. зоол. (горный козёл) тур, хайа козёл а.

туризм

туризм (Якутский → Русский)

туризм; хайа туризма горный туризм; аан дойдутааҕы туризм международный туризм.

поток

поток (Русский → Якутский)

м. 1. сүүрүк; горный поток хайа уутун сүүрүгэ; 2. (множество, масса) халҕаһа, күрүлгэн (биир туһаанынан барар маасса, улахан күүс); людской поток дьон халҕаһата; поток машин массыыналар күрүлгэннэрэ; 3. (система производства) поток (тохтоло суох салҕанан барар үлэ, конвейерной система).

проход

проход (Русский → Якутский)

м. 1. (действие) ааһыы, барыы; проход через мост закрыт күргэнэн ааһыы сабыллан турар; 2. (место) ааһар сир, аан, аартык, хапчаан; горный проход хайа хапчаана; # задний проход анат. кэлин хайаҕас; не давать прохода (или проходу) разг. (киһини) сүгүн хаамтарыма.

инженер

инженер (Русский → Якутский)

м. инженер; горный инженер хайа инженера; инженер-строитель тутааччы инженер, тутуу инженера.

хрусталь

хрусталь (Русский → Якутский)

м. курустаал; # горный хрусталь мин. хайа курустаала (кварц биир суол көрүҥэ).

аартык

аартык (Якутский → Русский)

1) горный проход, горная долина, горное ущелье (где проходит дорога); 2) горный перевал; дорога в гору; киирэр аартыкка на спуске с горы; суол сурахтаах , аартык ааттаах погов. дорога имеет славу, перевал—название; 3) широкая проезжая дорога, тракт.