Якутские буквы:

Якутский → Якутский

биэкэй

дьүһ. туохт. Биилгинэн синньээн көһүн (үксүгэр эдэрдэргэ сыһыаннаах). Быть очень тонким в талии, тонкостанным (обычно о молодых)
[Уоллара] Биэс былас биэкэйэр бииллэннэ, Алта былас дарайар сарыннанна. П. Ойуунускай

Якутский → Русский

биэкэй=

быть очень тонким в талии; биэкэйбит бииллээх кыыс девушка с очень тонкой талией.


Еще переводы:

үөрбэй

үөрбэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Үрдээн кырыыланан көһүн (өттүк туһунан этэргэ). Быть, казаться высоким и острым (о бёдрах человека)
Үстээхэй быластаах Үөрбэйэр өттүктээх, Биэстээхэй быластаах Биэкэйэр бииллэрдээх. П. Ойуунускай

сарыннан

сарыннан (Якутский → Якутский)

туохт. Кэтит, дараҕар сарыннаах буолан таҕыс (улаат, сит-хот). По прошествии лет раздаться в плечах (как признак физической зрелости, мощи и мужества)
[Уол улаатан] Биэс былас Биэкэйэр бииллэннэ, Алта былас Дарайар сарыннанна. П. Ойуунускай

үөкэй

үөкэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Көнө уонна үрдүк буол. Быть прямым и высоким
Бысталаабыт тиит быччыҥнаах, Хастаабыт тиит харылаах, Суллаабыт тиит сотолоох, Бэрэбинэ тиит бэйэлээх, Үс былас Үөкэйэр өттүктээх, Биэс былас Биэкэйэр бииллээх. Күннүк Уурастыырап

мэлэгэр

мэлэгэр (Якутский → Якутский)

даҕ. Кэтит, хаптаҕай быһыылаах (сирэй туһунан). Широкий и плоский (о лице)
[Бухатыырбыт] Биэс былас биэкэйэр бииллээх, Алта былас Дара буурай сарыннаах, …… Былас ордуга түөс аҥаара Мэлэгэр маҥан сирэйдээх. Күннүк Уурастыырап
Кыыһы утары олорор мэлэгэр сирэйдээх дьахтар …… үөннээхтик, эҕэлээхтик миигин одуулаһан барда. Н. Габышев
ср. бур. мэнэгэр ‘одутловатый’

кулугур

кулугур (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Уһун, үчүгэйдик сулуйуллубут, кыһыллыбыт (хол., ураҕас), уһун уонна мырчыстаҕаһа суох (хол., моой). Длинный, ровный и гладкий (напр., жердь со снятой корой)
    Кулугур ураҕас. ПЭК СЯЯ
    Бухатыыр үс былас Үөкэйэр өттүктээх, биэс былас Биэкэйэр бииллээх, Түөрт былас Кулугур моойдоох. Суорун Омоллоон
  2. сыһ. суолт. Олох, букатын, адьас. Совершенно
    [Ийэлэрэ уолаттарыгар:] Кунаах маҥан оҕустаах, Кулугур маҥан атыырдаах, Дьулусхан баай Тойон оҕонньордооххо тиийиэххит. ТТИГ КХКК
    Кулугур кулгаахтаа, тараах иэннээ — кулгаах туллуор, иэн тириитэ бысталаныар диэри накаастаа, таһый. Жестоко, беспощадно обращаться с кем-л. (букв. сделать ему отвислые уши и полосатую спину)
    Баҕар, оҕолорум эрэйдээхтэри, күлүмнүүр көмүстэрбин, …… таһыйаҥҥын тараах иэнниэҕиҥ, кулугур кулгаахтыаҕыҥ. П. Ойуунускай
    Бэйиккэй, манна таҕыстаргын эрэ туттаран ылан тараах иэнниэм, кулугур кулгаахтыам. Далан
былас

былас (Якутский → Якутский)

I
туохт. Булкуһан олор, сырыт. Перемешиваться, жить вперемешку (о совместной жизни людей из разных местностей)
Биир түөрт саастаах уол оҕо бэс кытах иһигэр киирэн сабынан саспыт, онон ордон хаалан билигин ол оҕо аатынан Бэс нэһилиэгэ диэн халыҥ киэҥ өрүскэ Суотту, Нам, Хоро, Саһылыкаан нэһилиэктэринэн былаһан олорор. Саха фольк. Үс кыралара аҕаларын, эһэлэрин ураһаларыгар киирэ-тахса былаһа сылдьаллара. «Чолбон»
II
1. аат.
1. Уста кээмэйэ: туора уунуллубут илиилэр тарбахтарын төбөтүттэн нөҥүө тарбахтар төбөлөрүгэр диэри. Маховая сажень, размах (1,76 м — старая русская мера длины, равная расстоянию между концами средних пальцев разведенных в стороны рук)
Тоҥус бултуур сиригэр былас кэриҥэ дириҥ иини хаһар. Бу иин тулатын хатырыгынан торутар, түгэҕэр эмиэ хатырыгы тэлгэтэр. Бултаабыт балыгын, иһин, уҥуоҕун киэр ылан баран, бу ииҥҥэ симэр. УАЯ А
Үчүгэй Өлүөнэ барахсан билигин да былас халыҥнаах кыдьымахтаах мууһун аннынан сүүрдэн кылыгырайа сыттаҕа. Н. Лугинов
Тоҕус былас да буолбатар — Тохтор долгун суһуохтаахтар. Туйаарыма куо да буолбатар Туналҕаннаах ньуурдаахтар. С. Данилов
2. Ким-туох эмэ (хол., олоҥхо бухатыыра, үүнэн турар мас) эргимтэтэ, куустарыыта. Обхват (напр., дерева — о героях олонхо). Икки былас суоннаах мас
Уол улаатан тиийэн кэллэ: үрдүгэ үрдүк тиити төргүү мутугунан, намыһах тиити кылаан чыпчаалынан холобурдаах, биэс былас биэкэйэр бииллээх
Саха фольк. Үстээхэй быластаах Үөрбэйэр өттүктээх, Биэстээхэй быластаах Биэкэйэр бииллэрдээх. П. Ойуунускай
2. ситим т. суолт. Туох эмэ (хол., сир) саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, туох эмэ дьайыы буолар кэмин устатыгар. В течение, в продолжение; до тех пор, пока; за все время, что. Тыыннааҕым былаһыгар. Кыс былаһыгар. Айаным былаһын тухары
Ходуһа былаһын тухары үрүҥ уонна күөх өҥнөр кыттыһан туспа, бу эрэ дойдуга баар хартыынаны айаллар. Н. Заболоцкай
Иһигэр былас муостаах киирбит көр ис IV
Таһырдьа сылдьыбыт киһи, «Оҕонньор иһигэр былас муостаах киирбитин» истэн, сэмэйдик туттан киирэр. Амма Аччыгыйа
Ити киһибит иһигэр туох былас муостааҕа киирдэҕэй? Софр. Данилов
Аҕам кыыһырда да, ийэм: «Эмиэ былас муостаах кыыла киирбит», диэччи уонна аҕабыттан куттанааччы. «ХС». Тылгын былас таһаар (түһэр) — олус илистэн, ырансылайан, эбэтэр олус соһуйан, куттанан тылгын улаханнык (салыбырыар диэри) быктар. Сильно высунуть язык (от сильной усталости, удивления, испуга и т. п.)
[Үөннээх Өлөөскө] Сарсыарда ойон тураҥҥын Аттаргын көрө тахсан бараҥҥын Айаххын атан Тылгын былас түһэрэн Киирэн кэлээр. Саха фольк. Уолаттар эргиллэ түспүттэрэ — буур тайах айаҕын аллаччы аппыт, тылын былас таһаарбыт, сүүрэн маҕыйан иһэрэ. И. Федосеев. Табата таныытын көппөҥнөтөр, тылын былас таһаарбатах, ол аата илистибэтэх, ырбатах. Эвен фольк.
Былас от эргэр. — былыргы сахалар кэбиһиилээх оту мээрэйдиир кээмэйдэрэ. От былаһа ортотунан 4 арсыыҥҥа, а. э. 2,84 м тэҥнэһэрэ. До революции: якутская мера длины стога сена
Былас (сажень) применительно к данной мере равнялся в среднем 4 аршинам, или 2,84 м. [Ньукуус:] Онтоон оҕонньор Уоһук Куһаҕан маарыттан сэттэ былас от кэлииһи диэн эрэрэ дии. Күндэ
Адаар хара тыа Алын кырыытыттан Аламай күн Алта былас от түгэҕин саҕа буолан Аҥаарыйа ойон тахсар. Саха фольк. «Хас сыарҕа буолуой?» Лаҥкыы оҕонньор турулуччу көрөн таһаарда да, ах баран хаалла, тугу да булан эппэтэ, уонча былас окко төһө иҥэн сытарын кини кыайан холообот, билбэт эбит. А. Сыромятникова. Дубук былас эргэр. — былаһы арыый кыайбат, быластан арыый кыра. Чуть меньше маховой сажени. Алта былас ордуга дубук былас буолла. Кэбиһэ былас эргэр. — быластан арыый ордуктаах. Чуть больше маховой сажени
Алта кэбиһэ былас дараҕаркаан сарыннаах эбит. ПЭК СЯЯ. Нуучча былаһа эргэр. — үс арсыын (2,134 м). Три аршина (2,134 м). Нуучча былаһа үрдүктээх сэргэ турар эбит. Тэҥн. саһаан. Уунар былас эргэр. — хаҥас атах тумсуттан өрө ууммут уҥа илии тарбахтарын төбөтүгэр диэри. Старая русская мера длины: косая сажень (2,48 м)
Сэттэ уонча уунар былас усталаах ураһа иирчигэнэ түгэҕин булбатах күөлэ. Күннүк Уурастыырап