даҕ. Сыалаах, эмис. ☉ Имеющий брюшной жир, жирный. Ойуун икки илии хаһалаах байтаһын биэ түөрт ойоҕоһун ууран биэрбиттэрин сиэн уоһун, сэҥийэтин ньолҕоруччу соттон кэбиһэ-кэбиһэ, кэпсии олордо. Күннүк Уурастыырап
Мантах антах, хамначчыттар, Көлөһүммүт мэлдьитин Хаһалаах баай хармааныгар Харчы буолан киирбэтин! Эллэй
[Лэкиэс:] Бэрт соболоох күөл. Биирдии бэйэтэ тэриэлкэҕэ баппат соболоох. Дьөксө хаһалаах, сааллаах буолуохтаах. С. Ефремов
♦ Халыҥ хаһалаахтар, суон саал- лаахтар көр саал I
Эбэм Быакана иччитэ! Тойоттор, халыҥ хаһалаахтар, суон сааллаахтар, үптээхтэр-астаахтар, үбүнэн-аһынан манньалааннар, Эн хааҥҥын тохторон эрэллэр. Багдарыын Сүлбэ