Якутские буквы:

Якутский → Русский

тиип

тиф || тифозный; ымынахтаах тиип сыпной тиф; ис тиибэ брюшной тиф; тиип ымынаҕа тифозная сыпь.

Якутский → Якутский

тиип

I
аат., эмт. Киһини тоҥоронтиритиннэрэн ыарытар урут тарҕана сылдьыбыт сыстыганнаах ыарахан ыарыы. ☉ Острое инфекционное заболевание, характеризующееся лихорадочным состоянием, тиф
Оттон баттаҕым тоҕо куудараламмытай? Быраат, ити тиип ыарыынан ыалдьа сылдьыбытым. М. Горькай (тылб.)
◊ Ис тиибэ — киһини иһин ыарытар сыстыганнаах ыарыы. ☉ Брюшной тиф
[1922 сыллаахха] Саха сирин үрдүнэн ис тиибэ өрө турбута. П. Филиппов. Ымынахтаах тиип — киһини ымынаҕынан ыһар сыстыганнаах ыарыы. ☉ Сыпной тиф
Аны араҥ ыарыы, уоспа, ымынахтаах тиип, титириир курдук ыарыылар суох буоллулар. «ХС»
II
аат.
1. Биир тустаах бэлиэҕэ, өрүккэ олоҕуран үөскээбит, оҥоһуллубут көрүҥ, киэп. ☉ Форма, вид чего-л., обладающие определёнными признаками, а также образец, которому соответствует известная группа предметов, явлений, тип. Рельеф тииптэрэ. Массыына саҥа тииптэрэ оҥоһулуннулар
2. лит. Дьон бөлөҕүн ураты бэлиэтэ, түмүллүбүт өрүттэрин көрдөрөр уобарас. ☉ Образ, содержащий характерные, обобщённые черты какой-л. группы людей, тип
Суруйааччы айар үлэтин ордук бэлиэ өттүнэн кини …… киһи өйүгэр иҥэн хаалар чаҕылхай хараахтардары уонна тииптэри айара буолар. Суорун Омоллоон. Манчаары литературнай уобараһын айалларыгар даҕаны [А. Кулаковскай уонна А. Софронов] норуот сэһэннэригэр олоҕуран туран, икки аҥыы киһи тиибин биэрбиттэрэ диэххэ сөп. СГС ӨСҮДь
Кууһума тайҕаҕа, бириискэҕэ сылдьыбыт саха дьадаҥытын тиибэ. «ХС»


Еще переводы:

тиф

тиф (Русский → Якутский)

м. мед. тиип.

эпидемия

эпидемия (Якутский → Русский)

эпидемия; тиип эпидемията эпидемия тифа.

сыпной

сыпной (Русский → Якутский)

прил.: сыпной тиф мед. ымынахтаах тиип.

тифозный

тифозный (Русский → Якутский)

прил. 1. тиип; тифозная эпидемия тиип дьаҥа; 2. (больной тифом) тиибинэн ыалдьар, тииптээбит; тифозный больной тииптээбит ыарыһах.

тип

тип (Русский → Якутский)

м.

  1. (вид) тэгил, тиип, көрүҥ; типы самолётов самолёттар көрүҥнэрэ; типы слов - тыллар тэгиллэрэ.

  2. лит., иск. тип.

возвратный

возвратный (Русский → Якутский)

прил. 1. төннөр; возвратный путь төннөр суол; 2. (о болезни) хатылыыр, хаттаан ыарытыннарар; возвратный тиф хатылыыр тиип; 3. грам. бэйэни; возвратное местоимение бэйэни солбуйар аат.

сыынга

сыынга (Якутский → Якутский)

көр сыыҥка I
Бүтүн күбүөрүнэлэри уонна кыраайдары бүтүннүүтүн сутааһын, тиип, сыынга уонна атын ыарыылар буулууллара. БИД
Оҕуруот күөх астара дьону сыынгаттан быыһыыллар. ҮСАКИ 5

паратиф

паратиф (Русский → Якутский)

м. паратиф (ис тиибигэр маарынныыр сыстыганнаах ыарыы).

брюшной

брюшной (Русский → Якутский)

прил. ис; # брюшной тиф ис тиибэ.

кэлтэйии

кэлтэйии (Якутский → Якутский)

кэлтэй I диэнтэн хай
аата. Оҕонньор дьиэтин ааныгар күн орто кэлтэйиитэ тиийдибит. Н. Босиков
Уобарас, тиип олоххо саамай элбэхтик көрсүллэр суоллары, чахчылары эрэ көрдөрүөхтээҕин курдук саныыр диэн кэлтэйии буолар. СГС СЛКСБ