Якутские буквы:

Якутский → Якутский

былтай

туохт.
1. Туох эмэ кэнниттэн эбэтэр иһиттэн өҥөйөн көр, быган таҕыс. Высовываться, выглядывать из-за чего-л.. Кыһыл Ойуун Оһохтоох уота умайан бачыгырыы турар
Бырдьа Бытык Хатан Тэмиэрийэ быһаҕаһыгар дылы былтайан тахсан күчүгүрэччи күлэр. П. Ойуунускай
2. Туох эмэ иһиттэн быган таҕыс. Выступить из чего-л.
Бөрө илбиһирбиттии бастаан былтайа сылдьар иһин ороомохтоон иһэн, муос хабарҕаҕа түһэн, үнтү көмүллээбитинэн барда. Р. Кулаковскай. Тэҥн. бык

Якутский → Русский

былтай=

образн. 1) показываться выпуклой стороной; выпячиваться; дьэбиннээх кэлтэгэй күн былтайан таҕыста взошло ржавое, щербатое, выпуклое солнце; 2) выпячиваться, выпирать (о лице, щеке).


Еще переводы:

выдаваться

выдаваться (Русский → Якутский)

несов. 1. (выступать, образовывать выступ) чорбой, былтай; 2. см. выдаться 2.

былтарый=

былтарый= (Якутский → Русский)

I подвижн. от былтай= ходить, выставляя широкое скуластое лицо.
II диал. сворачивать, сходить с дороги.

балҕаҕар

балҕаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Ортотунан былтайан, соноон (кэҥээн) көстөр. Низкий и широкий, с выдающимися боками, пузатый. Балҕаҕар сылабаар

былтаһый

былтаһый (Якутский → Якутский)

былтай диэнтэн хамс. көстүү. Маня төгүрүк, былтаһыйбыт сирэйэ тэтэрэ кыыһар. А. Федоров

былтаччы

былтаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Былтайан тахсар курдук. Так, чтобы вспучилось
Уолчаан хатырыктаан бүппүт соботун былтаччы туппутунан кинини өрө көрөн таһаарда. И. Гоголев

былтаҕар

былтаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Былтайа, лоппойо сылдьар (иэдэс туһунан). Выпирающий, округлый (о щеках)
Кытара буспут былтаҕар иэдэстээх хотун дьахтар оһох чанчыгар курупчаакы бурдугунан алаадьылаан бачыгырата олорор. Суорун Омоллоон

былтат

былтат (Якутский → Якутский)

былтай диэнтэн дьаһ
туһ. Оҕолор батыһа көрөн хаалбыттара, сэрбэйбит кыыс ол аайы тылын былтаппатаҕа, аҥар хараҕын быһа симэн оччоллон туран, өссө илиитинэн далбаатаабыта. П. Аввакумов

былтаҥнаа

былтаҥнаа (Якутский → Якутский)

былтай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Дьиэлээхтэр өҥөҥнөөтүлэр, былтаҥнаатылар. Суорун Омоллоон
Ол ону [сири] билигин арҕааттан Өрт баран кэлтэччи салаата, Түүннэри көрөбүн, халлаантан, Уот тыла былтаҥныы хамсаата. С. Васильев
«Суһал көмө» тиэргэнтэн Тахсан барда сэрэммиттии. Түннүгүнэн муодаргыы Былтаҥнаатылар. И. Гоголев

былтах гын

былтах гын (Якутский → Якутский)

былтай диэнтэн көстө түһүү. «Таня!» — диэн баран Павлова тылын былтах гыннарбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла быһыылаах. Софр. Данилов. Дьон саҥата хойдубутун истэн, Дьуона кинээс эмис сирэйэ түгэх хостон былтах гынар: «Туохха айдаараҕыт?» Н. Якутскай

ньолбучах

ньолбучах (Якутский → Якутский)

көр ньолбуһах
Омос көрдөххө, бэрт улахан уһун ньолбучах дьиэ акылаата үрэх кууран хаалбыт сүнньүн туора түһэн сытар. Амма Аччыгыйа
Кыысчаан …… оҕотуҥу көрүҥнээх ньолбучах сирэйэ арыый былтайан ситэ барбыт этэ. Г. Николаева (тылб.)