I
ыйыт. солб. аат. Туох эмэ буоларын-буолбатын, хайдаҕын-тугун ыйытыыга туттуллар тыл (ардыгар тард. ф-гар тут-лар). ☉ Почему, отчего; зачем, для чего (иногда употр. в притяж. ф-ме)
Тоҕо ыыппакка олороллор? Н. Неустроев
Ол тоҕо дьадаҥылары эрэ түмэбит? Амма Аччыгыйа
[Айта:] Тоҕотун бэйэҥ билэҕин. И. Гоголев
Тоҕото биллэр буоллаҕа эбээт. И. Никифоров
II
сыһ. Эрчимнээхтик, олус күүскэ. ☉ Очень сильно, во всю мощь
[Борохуот аал] Тоҥ күөнүнэн Дохсун сүүрүгү Тоҕо анньан, Тохтообокко дьулугурайда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Толуу киһини Тобугун ортотунан Тобурахтаах толон Тоҕо түстэ. П. Ойуунускай
— Тохтооҥ! — диэтэ эһэ, Тоҕо хаһыытаата. Т. Сметанин
♦ Тоҕо тэбээ — илдьи тэбээ диэн курдук (көр илдьи)
Кэтириис оҕото ыалдьыаҕыттан мунньуллубут ыарахан санаатын бүгүн тоҕо тэбээн бэркэ кэҥээтэ, холкутуйда. «ХС»
Эмээхсин хаһаанан сылдьыбыт санаатын сэргиир киһи түбэһэн, тоҕо тэбээтэ. НС ОК
◊ Күлэн тоҕо бар көр күл I
Кулуба күлэн тоҕо барда. Н. Якутскай
Хайдах да тулуйбатым, күлэн тоҕо бардым. Н. Габышев. Тоҕо бар — туохтан эмэ олус үөрэн, кыыһыран, соһуйан эмискэ улаханнык күл, хаһыытаа о. д. а. ☉ Бурно выразить, проявить какое-л. чувство, эмоцию, разразиться (напр., смехом)
Ыта Түргэн үрэн тоҕо барда. Суорун Омоллоон
«Сымыйалаама!» — Сахаар оҕонньор хаһыытаан тоҕо барда. В. Яковлев
Кэнниттэн кэлэн Хооһой Ылдьаа: «Дорооболоруҥ!» — диэн сүөлэҥэдийбитигэр өмүрэн тоҕо барда. Н. Лугинов
Тоҕо көт көр көт I. Дьиэбэр баран тугу да тоҕо көтөрүм суох. Көмөлөһүүм. Р. Баҕатаайыскай. Тоҕо суулун көр суулун II
4. Кылааска оҕолор тоҕо сууллан киирдилэр. Тоҕо сүргэй көр сүргэй. Эһэ үүтээни тоҕо сүргэйэн кэбиспит. Тоҕо тарт көр тарт. Тоҕо түс — түргэнник, тэтимнээхтик ылсан туран, кылгас кэм иһигэр тугу эмэ гын, оҥор. ☉ Сделать, совершить что-л. споро, быстро, за короткий промежуток времени, выложиться. Тутааччылар кулуубу тутарга тоҕо түһэн үлэлээтилэр. Тоҕо бэрдэй (дьиктитэй, сүрэй) сыһыан т. — сөҕөн, соһуйан, бэркиһээн, кэмсинэн, сэмэлээн саҥа аллайыы. ☉ Междометное модальное сочетание, выражающее изумление, восторг, восхищение, удивление, ужас, сетование, осуждение
Ырааһа, нарына тоҕо бэрдэй. И. Гоголев
Тоҕо дьиктитэй, доҕоор — олох төрөөбүт, үөскээбит сиригэр кэлэн ГЭС тутуһар диэн! В. Яковлев
Микииппэрэп кинээс кигиитинэн дьиэбин уоттаатылар эбээт. Оннук үһү. Тоҕо сүрэй! М. Доҕордуурап
ср. тув. чүге ‘зачем’, казах. неге ‘почему, зачем’