аат.
1. Бурдук, отон атын да үүнээйилэр үүнэн, ситэн хомуйарга сөп буолуулара. ☉ Созревание хлебов, ягод и других растений
Туораах ситиитин үс суол турукка: үүттүйэ, буоскатыйа уонна ситэри буһууга — араараллар. КВА Б
Үс сааһыгар күһүөрү, отон буһуутун саҕана, Торгани баран баран хас да хонукка кэлбэтэ. Болот Боотур
Бурдукпут тохтуута, Буһуута, куотуута, Хойутаан хомуйар буоларбыт. Хойуутук түһэрэ куоласпыт. Күннүк Уурастыырап
2. көсп. Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ситии. ☉ Достижение физической и моральной зрелости
Алҕас, наар кэхтии эрэ диир! Киниэхэ баар торолуйуу, Буһуу, силигилии, ситии, Муҥуру булан уоскуйуу! Баал Хабырыыс
Хорсун санааҥ кытаата Холуҥ-буутуҥ буһуута, Сэргэхситэ, тиэтэтэ, Сиһиҥ этэ ситиитэ, — Тахсар күнүҥ күн ахсын Таайтарыынан мичийэр. Р. Баҕатаайыскай
«Баар миэхэ ыстаал буһуута, Бары ыар муҥу тулуйар Йог өсөһө, киэн туттуута», — диэн иккис поэт суруйар. Күннүк Уурастыырап
◊ Буһуу бас — халтаҥ төбөлөөх куохаҕар түөрэҥниир дулҕа. ☉ Затвердевшая кочка на зыбкой почве. Тэҥн. буһуудал дулҕа. Буһуу хаан — элбэхтик тохтубут буруолуу сылдьар саҥа хаан (хол., сэриигэ бааһырбыт киһиттэн). ☉ Свежая кровь, вытекшая из раны
Илиибэр, таҥаспар доҕорум хаанын көрдүм. Буһуу хаан сыта муннубар саба биэрдэ. Т. Сметанин. Дьэ, күөн көрсөн күрэс былдьаһан көрдөхпүт! Хата итии хааҥҥын итиитин, буһуу хааҥҥын буһуутун, дьэ, сиэх-аһыах биэбэкэйим буоллаҕа, нохоо! Саха фольк. Буһуу хааннаах (хааннаахсииннээх) — чэгиэн, буспут-хаппыт тулуурдаах көрүҥнээх; кытархайдыҥы сирэйдээх (үксүгэр сааһырбыт дьон туһунан). ☉ Имеющий вид здорового, закаленного, выносливого человека (обычно о пожилых людях)
Кини намыын майгылаах, сэмэй сэбэрэлээх, энньэҕэр сэҥийэлээх, буһуу хааннаах эмээхсин. «ХС»
Билигин да буһуу хааннаах-сииннээх, орто уҥуохтаах, эт-лахса бэйэтин алта уон биэс сааһыгар эдэрдиҥи сэбэрэлээх киһи. Ф. Софронов