коротконогий; низкорослый; коротышка; бээгэй ынах коротконогая корова.
Якутский → Русский
бээгэй
Якутский → Якутский
бээгэй
даҕ. Олус кылгас атахтардаах, намыһах уҥуохтаах (мас, үүнээйи, киһи, сүөһү туһунан); олус намыһах, олус кылгас. ☉ Коротконогий, низкорослый, низкий. Бээгэй талах. Туундара бээгэй хатыҥа. Бээгэй киһи
□ Бэргэһэ иччитэ буолбут Бээгэй оҕонньор баар үһү (тааб.: тэллэй)
[Чүөчээски] чуо хааман бээгэй ынаҕар тиийдэ. Суорун Омоллоон
[Күндү Күлүүк:] Арай кутуруга суох биир бээгэй ынахтаахпын. Онтубун туттуом буолуо. И. Гоголев
Төһө өр байаанынан оонньоон сыыйбытын билбэт, бэркэ табыллан ыллыыр. Санаатыгар, тула, бэл, хотугу бээгэй тыа аҕыйах чыычааҕа абылатан ах бараллар. «ХС»
♦ Буос бээгэй үөхс. — баайдары туора топпуттар диэн үөҕэр тыл. ☉ Толстобрюхий, толстопузый (о богачах)
Буос бээгэй, эйигиттэн туох ситиһиэ баарай! Амма Аччыгыйа
[Варвара — Дьөгүөр Дьөгүөрэбискэ:] Хас хамначчыт, хас дьадаҥы, хас доҕолоҥ — тулаайах хаанын иһэн, буос бээгэй буолан олороргуттан букатын куттаммаппын, кэннибэр-иннибэр тугум да суох буолан турабын! С. Ефремов
Буотарагын кыаммат Буоһаҕар истээх Буос бээгэйтэн Итинтэн атыны Истиэм эрэ диэбэтэҕим... И. Чаҕылҕан
Еще переводы: