нареч. ыраах, ыраахха, ырааҕы; смотреть вдаль ыраах кер.
Русский → Якутский
вдаль
Еще переводы:
быырай= (Якутский → Русский)
фольк. устремляться ввысь; уноситься вдаль.
олоотоо= (Якутский → Русский)
смотреть вдаль, запрокидывая голову; внимательно и зорко смотреть, медленно поворачивая голову из стороны в сторону.
кыырат= (Якутский → Русский)
побуд. от кыырай = с силой бросать, метать вверх или вдаль; үөһэ кыырат = с силой бросить вверх что-л.
килэмэннэн (Якутский → Якутский)
туохт. Нэлэһийэн ыраахха диэри тайаа. ☉ Раскинуться вширь, простираться вдаль
Иннибэр киэҥ хочо киэҥник тайаан килэмэннэнэн көстөр. Килэмэннэнэр мэҥэ халлаан кыырпах да саҕа былыта суох. — Кини иннигэр Киэҥ сыһыы толооно Килэмэннэнэн сыппыта. С. Васильев
олоотуу-олоотуу (Якутский → Якутский)
сыһ. Сытырҕалыы эбэтэр ырааҕы көрө сатыырдыы. ☉ Принюхиваясь; всматриваясь вдаль
[Эһэ] Олоотуу-олоотуу, Сыт сытырҕалаан Сыллаҥнаан баран, Часкыйбытынан мэлис гынна. П. Ойуунускай
Кинээс, ойон туран, дьону үрдүнэн олоотуу-олоотуу тыл эттэ. М. Доҕордуурап
быырай (Якутский → Якутский)
туохт., фольк. Түргэнник өрө кыырайан, дьулуруйан таҕыс; түргэнник, дьулурҕатык ханна эмэ ыраах тиий. ☉ Устремляться ввысь; уноситься вдаль
Маннык, дьонуттан-сэргэтиттэн тэйэн, быырайан сылдьан, быстахха былдьатан хаалыан сөптөөҕүн билэн, хайдах эрэ санаата түспүтэ. В. Яковлев
Сылгыһыт, Ох курдук кыырай, Ойуолаан быырай, Үөр сылгы күөйүллүө, Өрөгөй үрдүө. Хоһоон т. Хайдах маннык ыраах быырайан кэлбиппиттэн дьиибэргээбитэ. Б. Лунин (тылб.)
дьиэрэй (Якутский → Якутский)
туохт. Кэрэтик эйээрэн иһилин (үксүн ырыа туһунан этэргэ). ☉ Постепенно усиливаясь, звонко разливаться вширь, разноситься вдаль (о песне)
Хоһоонньут онно ыллаабыт, Олоҥхо онно дьиэрэйбит, Сэһэн онно сириэдийбит. Эллэй
Күөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэ, Өлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр, Холкуостаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдуга Өрүүтүн биир ырыа дьиэрэйэр. С. Данилов. Ханна эрэ татаардыы намылхай ырыа дьиэрэйэр. А. Федоров
нэлэһий (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Ыраахха диэри тэлгэнэн, арыллан көһүн. ☉ Про стираться вдаль и вширь
[Талба өрүс] Эбэлэрэ киэҥ-холку балаҕаннарын аннынан тэлгэнэн, нэлэһийэ уста сытар. Амма Ач чыгыйа. Барахсан, нэлэһийэн киэҥ баа һына. Н. Заболоцкай
Кини [суоппар] иннигэр ыраахха угуйар киэҥ суол нэлэһийэр. «Кыым»
2. көсп. Арылын, аһылын (хол., кыах). ☉ Открываться, раскрываться (о возможностях)
[Дора Самуиловна] кини иннигэр эйэлээх айар үлэ аартыга нэлэһийбитэ. П. Филиппов
кыырат (Якутский → Якутский)
туохт. Күүскэ, эрчимнээхтик өрө күөрэтэн бырах; ыраах элит. ☉ Бросать, кидать что-л. с большой силой, энергично метнуть что-л., швырнуть вдаль
[Дьөгүөрдээн] Сөдүөт илиититтэн атырдьаҕы сулбу тардан ылан, тосту үктээн баран, икки аҥыы кыыратта. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор маамыктаҕа маарынныыр имигэс, синньигэс быаны атаҕын анныттан ылан, тайах моонньун туһаайан, быраҕан кыыраппыта. Далан
Хортууһун хааман иһэн кырабаакка быраҕан кыыратта. М. Доҕордуурап
[Екатерина Ниловна] күөх тастаах кыракый бэлиэтэнэр киниискэтин ылан аһыыр остуол үрдүгэр кыыратта. В. Ойуурускай
олоодуй (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Моойу уһатан хоноччу тутун, ыраах баар туох эрэ аанньа көстүбэти эбэтэр өндөйөөндөйө дьону үрдүнэн көрөрдүү тутун. ☉ Всматриваться вдаль, вытягивая шею; приподнимаясь на носки, смотреть поверх толпы
Үҥсэн ылбыт саҥа эбэтин киэҥ эйгэтин диэки олохтоохтору үрдүлэринэн одуулаан олоодуйан турда. Күннүк Уурастыырап
Хаар анныгар хоммут хара улар олоодуйа көтөн тиийэн, чугас турар тииккэ олоро түһэрин кытта ытан саайда. Амма Аччыгыйа
Сүллүкү эмээхсинэ «яранга» ортотугар хара-аас тэллэххэ дүҥүрүн тутан, ойуун буолан олоодуйан олорор Хаарчааны көрөн, оҕонньорум дии санаан мөхтө. Болот Боотур