сыһ. Улаханнык аахайбакка эрэ, болҕомтото суохтук. ☉ Не вникая, небрежно, без интереса, равнодушно
[Дьон] ээ, эмиэ манныктаах этибит дуу диэбиттии, Дуткин диэки дьаал көрөн кэбиһэллэр. Н. Габышев
Учуутал Бэдэһиэйэптэн арыгы иһэ үөрэммит буолан, дьаал эрэ көрөн баран: «Нуу... Арыгылааххын дуу?» - диэн баран, мичээрдэн кэбистэ. Бэс Дьарааһын
Ларьянаны орто оскуолаттан ыла сөбүлүү көрөр, бастаан дьаал аҕай, онтон улам күүскэ. Р. Баҕатаайыскай
♦ Дьаал <эрэ> харата көр аат <эрэ> харата
Аанча, киһитэ хайаан да кэтэрдэрдии тутан турарын көрөн, сону ылан дьаал харата кэттэ. Болот Боотур
«Хара көлөһүммүн аахсан дохуоппун ылан иһэбин», - диэн дьаал харата хоруйдаата. М. Доҕордуурап
◊ Дьаалата суох - сиэрэ, сатала суох; мээнэ, солуута суох. ☉ Безмерно; бесподобно; бессмысленно
Кини улахан баай киһи соҕотох уола. Бэйэтэ эмиэ сүөһүнэн дьаалата суох байан-тайан испит. И. Гоголев
Түннүккүн аһа баттаат, чыычаахтар айдаарсан чыыбырҕаһалларын, тураахтар дьаалата суох дааҕырҕаһалларын истиэҥ. «ХС»
ср. бур. залхуу 'ленивый'